20.04.2024

Дойду нэһилиэгин кинигэтэ

Биһиги   библиотекабытыгар  уһун  сылларга  үлэлээбит, ол түмүгэр тахсыбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Дойду  нэһилиэгэ” диэн  дьоһун  кинигэни,  биһиги ааҕааччыбыт  бу кинигэ тахсыытыгар сыратын биэрэн туран үлэлээбит Дмитриева Софья Гаврильевна,  бэлэх уунна.   Кинигэҕэ Дойду нэһилиэгин былыргытын, билиҥҥитин архыып докумуоннарыгар, суруйууларга, бэлиэтээһиннэргэ олоҕуран нэһилиэктэн төрүттээхтэр уонна олохтоохтор суруйбут үлэлэрэ киирбиттэр.   Дойду нэһилиэгин олохтоохторо төрүт дьоннорун үйэтитэр сыаллаах суруллубут кинигэлэригэр  Нам улууһугар кэлэн олохсуйан, 20-с үйэҕэ үлүскэннээх үлэнэн оройуон (улуус) сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит үтүөкэн,  үлэһит дьоммут киирэн үйэтитиллибиттэр. Онон өр  сылларга  элбэх үлэттэн, чиничийииттэн, үөрэтииттэн түмүллүбүт баай историялаах кинигэ эдэр кэнчээри ыччаттарбытыгар төрөөбүт түөлбэлэрин, олорон, үлэлээн ааспыт дьоһун дьоммутун үөрэтэллэригэр, билэллэригэр – көрөллөрүгэр улахан бэлэх буолар. Кинигэ 300 ахсаанынан, 792 страницанан 2017 сылга Новосибирскай куоракка бэчээттэнэн таҕыста.

Хоһооҥҥо хоһуйуллубут, кэпсээҥҥэ кэпсэниллибит ханна да хатыламмат кэрэ айылҕалаах Дойду нэһилиэгин сайдар кэскилин туһунан кинигэни ааҕааччы сэҥээриэҕэ диэн эрэнэбит.

Дьяконова Раиса Николаевна

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять