29.03.2024

«Кэрэхсэбиллээх дьоннор» рубрика

Ыһыах диэн Саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. ???Ыһыах ыйа — бэс ыйа. ⚜️Былыр былыргаттан өбүгэлэрбит биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Саха маанылаах төрүт астарын алаадьыны, саламааты, үтэһэлээх эттэрин эрдэттэн бэлэмнээн астаналлара, күндү ыалдьыттарын күндүлүүллэрэ. Үрүҥ тунах ыһыахпыт, самаан сайыммыт салаллан кэлбитинэн эһиэхэ, бар дьоммутугар анаан ыалдьыппыт РФ потребкооперациятын туйгуна, Нам улууһун «За вклад в развитие потребительской кооперации» бэлиэ хаһаайына, повар Сардаана Юрьевна Сидорова саха маанылаах астарын: саламаат уонна быырпах оҥорон көрдөрүөҕэ. Киирэн көрүҥ, үөрэнин, тускутугар туһанын??? #кэрэхсэбиллээхдьоннор#рубрика#ыһыах2021#сахамаанылаахастара#саламаат#быырпах#мастеркласс#намскаяулуснаябиблиотека?️?

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять