Алтынньы 6 күнүгэр Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека үлэһиттэрэ Аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн Татьяна Ядрихинская аатынан Намнааҕы геронтологическай киин олохтоохторугар бэйиэт, Россия Суруйааччыларын, Суруналыыстарын, Саха сирин Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Николай Михайлович Рыкунов төрөөбүтэ 90 сылын көрсө «Мэлдьи тыыннаах…» диэн суруйааччы туһунан сылаас ахтыы күнүн тэрийдибит. Ааҕар балаҕаммытыгар СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, хас да хоһоон хомуурунньуктарын ааптара, улуустааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта Алексей Татаринов-Удьурҕай кыттыыны ылла. Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрэн кэпсээтибит. Алексей Михайлович Николай Рыкунов тэрийбит «Отуу уота» литературнай түмсүүтүн кэпсээн, ырыа бэлэх уунна. Библиотекабыт сайтыттан «Ходуһа ырыаһыта» диэн виртуальнай выставкаттан «Халандаарга хара күн суох» бэйиэт халандаарыттан уонна «Рыкунов тылыгар-дойдум иэйиитэ» литературнай марафон кыттыылаахтара бэйиэт хоһооннорун уус-ураннык аахпыттарын кэрэхсии, сэргии көрдүлэр. Тэрээһиммит иккис чааһыгар Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека коллектива «Биир курууска отон» аахсыйаҕа кыттыһан үөрүүлээх быһыыга отон кэһиилээх тиийэн туттардыбыт. Тэрээһиммит кыттыылаахтара оонньууну оройуттан тутан, күлэн-үөрэн сэргэхсийдилэр. Ол курдук ырыалары таайыыга Поляков Владимир Викторович тэҥнээҕин булбакка кыайыы үөрүүтүн биллэ. Иккис миэстэҕэ Петрова Зоя Николаевна, үһүскэ Яковлева Саргылана Христофоровна тигистилэр. Супер оонньууга учуутал идэлээх Бочонина Мария Михайловна «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн түһүмэххэ оҕуруот астарыттан библиотека үлэһиттэрэ оҥорбут заготовкаларын тутан, үөрэн махталын тиэртэ. Оонньууга кыттыбыт дьоммут бары бириис тутан, өттүк харалаах астынан тарҕастылар.
Ити курдук тэрээһиммит олус истиҥник, сэргэхтик буолан, олохтоохтор махтанан туран өссө да кэлээриҥ, күүтэбит дии хааллылар.
