14 ноября, 2026

Айылҕа оҕотун истиҥ иэйиитэ:

Тэккэ Ньукулай бастакы хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтээтэ

Алтынньы 30 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа Нам улууһун айар куттаах дьоно, ыалдьыттар уонна олохтоохтор олус истиҥ, сылаас тэрээһиҥҥэ муһуннулар. Модут нэһилиэгин олохтооҕо, улуустааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү көхтөөх кыттыылааҕа, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, «Сылгыны иитиигэ кылаатын иһин» мэтээл хаһаайына Николай Петрович Попов-Тэккэ Ньукулай «Сүрэх сүппэт иэйиитэ» диэн маҥнайгы хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтээтэ.   

Тэрээһини Намнааҕы киин библиотека үлэһитэ Р.Н. Дьяконова олус сиэдэрэйдик, ааптар айар кута уратытын арыйан, Николай Петрович төрөөбүт түөлбэтин, айгыр-силик айылҕатын бэйэтин сүрэҕин ортотунан аһаран, нарыннык-намчытык туойбут дьиҥнээх саха киһитэ буоларын бэлиэтээтэ.

Николай Петрович олоҕун суола тыа сирин кытта ыкса сибээстээх. Кини 1961 сыллаахха Модут нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Нам орто оскуолатын бүтэрэн баран М.К. Аммосов аатынан совхозка кадровай булчутунан, сылгыһытынан үлэлээбитэ. Саха государственнай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетын инженер-зоотехник идэтин ылан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри төрөөбүт дойдутугар эҥкилэ суох үлэлээбитэ.

Саҥа тахсыбыт хомуурунньук быйыл, 2026 сыллаахха, «Дани-Алмас» кинигэ кыһатыгар 100 ахсаанынан бэчээттэнэн күн сирин көрдө. Кинигэ киирии тылын СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Мария Решетникова — Арылы Дуйдаах олус истиҥник суруйбут. Хомуурунньук уратытынан хоһооннор суруллубут сыллара бэлиэтэммит уонна ааптар бэйэтэ түһэрбит  хаартыскалара аан бастаан киллэриллибиттэр. Ыытааччы ааптары кытта кэпсэтэригэр кини хаһааҥҥыттан суруйар буолбутун, иэйиитэ хантан кэлэрин, «Тэккэ Ньукулай» диэн өбүгэлэриттэн силис тардан ылыммыт айар аатын уонна Сииттэ туһунан хоһооннорун кистэлэҥин сэгэттэ.

Дьоро киэһэҕэ истиҥ эҕэрдэ тылларын тиэртилэр «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Егор Андреевич Протопопов, «Модут нэһилиэгэ» ТСТ баһылыга Ефим Ефимович Гоголев уонна Нам улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начальнига Семен Прокопьевич Ядрихинскай.

Ааптар төрөөбүт сирин — Модутун мааны түөлбэтин айар куттаах дьонун түмэр «Санаа оһуора» литературнай түмсүү кыттыылаахтара, салайааччылара Екатерина Лукинова-Сэргээнэ Тэккэ Ньукулайы олус истиҥник, иһирэхтик эҕэрдэлээтилэр уонна ааптар хоһооннорун дохсуннук аахтылар. Маны кытта түмсүү биир тутаах чилиэнэ Розалия Никитична — Дьолуо франзуустуу тылынан Модукка анаабыт хоһоонун ааҕан дьон биһирэбилин ылла.

Ону тэҥэ улуустааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү кыттыылаахтара уонна салайааччылара, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Алексей Татаринов-Удьурҕай доҕордорун маҥнайгы кинигэтэ күн сирин көрбүтүгэр дууһалыын үөрэн, олус өрө көтөҕүллэн туран истиҥ тылларын тиэрдэн эҕэрдэлээтилэр. Николай Петрович айар үөлээннээхтэрэ кини саҥа хоһооннорун бэрт ылбаҕайдык аахтылар, айар киэһэни ырыа кэрэтинэн киэргэтэн, кэлбит ыалдьыттары дууһалыын сылыттылар. Алексей Татаринов «Отуу уоттарыгар» өссө биир мааны, сыаналаах кинигэ эбиллибитинэн ис сүрэҕиттэн үөрэн туран алгыстаах тылын тиэртэ.

Ааспыт оҕо саас умнуллубат сылаас кэмнэрин санатан, Николай Петрович оскуолатааҕы бииргэ үөрэммит доҕотторо сүрэхтэн тахсар истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтилэр. Ону тэҥэ Модуттааҕы И. Охлопков аатынан сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Саргылаана Ядрихинская-Попова уонна олохтоох модельнай библиотека үлэһитэ Сардана Сивцева ааптарга мааны алгыстарын тиэртилэр, инникитин да бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Николай Петрович дьиэ кэргэнигэр эмиэ бэрт тирэхтээх, эрэллээх хаһаайын, тапталлаах аҕа буолар. Кини олоҕун аргыһын, Таисия Ивановнаны кытта илии-илииттэн сиэттиһэн, биэс оҕону кэскиллээх дьон гына улаатыннаран, алта сиэни тапталга биһиктээн дьоллоох ыал буолан олороллор. Бу үөрүүлээх күн ааптар олоҕун доҕоро Таисия Ивановна ис сүрэхтэн тахсар долгутуулаах эҕэрдэ тылын тиэрдэр кэмигэр, бу мааны хомуурунньук күн сирин көрбүтүн кистэлэҥин арыйда. Кини кэпсээбитинэн, Николай Петрович айбыт хоһооннорун тапталлаах оҕолоро аҕаларын ааспыт өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр анаан, киниэхэ бэйэтигэр биллэрбэккэ олус күндү, соһуччу бэлэх оҥорон бэчээттэтэн таһаарбыттар эбит. Тэрээһиҥҥэ ааптар бииргэ төрөөбүт балта Елена Петровна Никитина уонна чугас аймахтара кэлэннэр, Николай Петрович үөрүүтүн истиҥник үллэһиннилэр.

Дьоро күн Арылы Дуйдаах «Уҕараабат айар уоту, уһун дьоллоох олоҕу, талба талаанын кустук араас өҥүнэн таһымнаан иһэригэр алгыаҕыҥ» диэн сырдык алгыс тылларынан уонна өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Николай Петровичка өссө да үрдүк айар чыпчааллары, ситиһиилэри баҕарабыт!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять