Комсомол, комсомол,
Эн ыстаал кэккэҕэр үүнэбин.
Бу улуу көҥүл дьол
Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин.
Социалистическай революция уотун ортотугар үөскээбит Ленинскэй комсомол бу сыалай биир көлүөнэ дьон олоҕо – Улуу комсомол олоҕо. Комсомол историята бүттүүн норуот историятын быстыспат сорҕото, саҥа олох туһугар ыччат хамсааһынын хайҕаллаах суолун туоһута буолар. Элбэх көлүөнэ ыччаты олоххо, үлэҕэ бэлэмнээбит, кэрэ сиэргэ-майгыга, ийэ дойдуга тапталы, өйүгэр-санаатыгар умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыт хомсомуол төрөөбүт күнүнэн итии-истиҥ төлөннөөх эҕэрдэ!
Бүгүн Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотека «Ахтабыт эйиигин махтана» комсомол күнүгэр анаммыт тэрээһин буолла. Тэрээһиҥҥэ кэлбит комсомолецтар комсомоллааҕы сылларын, үлэлээбит үлэлэрин ахтан-санаан аастылар, дуоһуйа кэпсэттилэр. Михаил Сергеевич Баишев ахтыытын олуһун сэргээн иһиттилэр.
Нам улууһугар бастакы комсомольскай ячейка 1921 с. кулун тутар 16 күнүгэр тэриллибитэ. Нам оройуонугар комсомольскай ячейка тэриллиэҕиттэн, араас сылларга үлэлээн ааспыт Комсомол оройуоннааҕы комитетын баай, дириҥ ис хоһоонноох историятын туһунан 2021 сыллаахха тахсыбыт «Аалай уоттаах сулуһум» кинигэни кэлбит дьоммутугар билиһиннэрэн кэпсээтибит. «Время первых: комсомол в судьбах поколений» кинигэ быыстапкатын сырдатан, кэпсээн тэрээһиммит бэрт сэргэхтик саҕаланна. “Эн комсомол – мин дьолум” викторинаҕа уонна «Назад в СССР» интеллектуальнай оонньууга бары олус көхтөөхтүк кыттан, минньигэс бэлэхтэри туттулар. Бүгүҥҥү тэрээһиммитин “Ипподром” түөлбэтин (салайааччы Татьяна Иннокентьевна Осипова) «Тэтим» үҥкүүнэн эти-сиини сайыннарар бөлөҕө (салайааччы Обутова Екатерина Максимовна) кэлэн киэргэттилэр, бары туран тэҥҥэ үҥкүүлээн астыннылар.
Кэлэн тэрээһиммитигэр кыттыбыт дьоммутугар барҕа махтал! Куруутун бу курдук эдэрдии эрчимнээх үөрэ-көтө сылдьыҥ, дьону кытта алтыһан уһун үйэлээх буолуҥ!
