РУБРИКАТОР
|
|||
БОЧУРОВ СОФРОН СТЕПАНОВИЧ
Бочуров Софрон Степанович 1920 сыллаахха «Бөрөлөөх» арыытыгар орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрдүс оҕонон (бастакы уол оҕонон) төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт алтыа этилэр (4 кыыс, 2 уол). Кини Мөлдьөгөй оскуолатын 4 кылааһын бүтэрбитэ. Онон түөрт кылаас үөрэхтээх этэ. 1940 сылтан Көбөкөн нэһилиэгин Советын секретарынан үлэлии олорон 1942 с. бэс ыйын 26 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Кинилэри Челябинскай куоракка илдьэн, эдэрдэри хаалларан үөрэппиттэрэ. Кыһыны быһа хайыһарынан сүүрдэн, ытарга үөрэтэн байыаннай бэлэмнэниини барбыттара. Саас 1943 с. кинилэри соҕуруулуу-арҕааҥҥы фроҥҥа ыыппыттара. Онтон ыла өстөөҕү кытта сэрии саҕаламмыта. Үөрэтэр кэмнэригэр Софрон Степанович үчүгэйдик ытарын билэн, стрелковай ротаҕа ытааччынан сылдьыбыта. Кини үһүс Сталинградскай-Житомировскай ударнай-гвардейскай корпус 13-с батальонугар сулууспалаабыта. Ростов-на-Дону куораты өстөөхтөн босхолуур кытаанах, уоттаах киирсиигэ сэриилэспитэ. Донбасс куораты босхолооһуҥҥа батальоннарын кыра аҥара эрэ ордубута. Батальоннарын госпитальтан үтүөрбүт саллааттарынан толорон биэрэллэрэ. 1943 с. Сталинград куорат чугаһыгар сэриилэһэ сылдьан, от ыйын 22 күнүгэр араанньа буолбута. Сүрэҕин үрдүнэн хаҥас саннын буулдьа курдаттыы ааһар, иккис буулдьа хаҥас илиитин былчыҥын эмиэ курдаттыы ааһар. Кинини сэрии ортотуттан булан таһааран операциялаабыт, эмтээбит санитаркаларга, быраастарга улаханнык махтанара. Сочи куорат госпиталыгар уһуннук эмтэнэн, 3-с группалаах инбэлиит буолан 1945 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Хаҥас илиитин ньиэрбэтин таарыйтаран илиитэ, тарбахтара токур буолбуттара. Сэриигэ сылдьыбытын иһин элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта: «Орден Славы III степени», «За победу над Германией в ВОВ 1941—1945г.», «За доблестный труд ВОВ» уонна да атын элбэх юбилейнай медалларынан. Дойдутугар эргиллэн кэлэн ситэ үтүөрбэккэ сырыттаҕына Бөрөлөөх уонна Чап олохтоохторо «Лена» колхоз председателинэн талбыттара. 1945 с. Стрекаловская Анастасия Прокопьевналыын дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. 1951 с. «Лена» колхоһу «Фрунзе» колхозка холбообуттара, онно Софрон Степанович солбуйааччы председателинэн, хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Кэлин оҕолорун үөрэттэрээри Көбөкөҥҥө көһөн кэлбиттэрэ. Ол кэлэн баран куоракка киирэн осеменатор курсугар үөрэммитэ. Онтон нэһилиэгэр ветеринар курдук этэ. Кинилэр тоҕус оҕону төрөппүттэрэ (5 уол, 4 кыыс). Кини айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүрэ. Олоҕун кэнники сылларыгар сылгы звенотун салайбыта. Хас да сыл биэттэн кулун ылыытын 98-100% ситиспиттэрэ. 1963 с. таһаарыылаах үлэтин иһин «Отличник социалистического соревнования сельского хозяйство РСФСР» знагынан уонна грамотанан наҕараадаламмыта. Кини байанайдаах булчут этэ. Дьиэ кэргэнин булдунан аһатан-таҥыннаран сэниэлээхтик олорбуттара. Нэһилиэккэ тайахсытынан, түүлээхситинэн, кусчутунан, балыксытынан биллэрэ. Софрон Степанович 1976 с. сэриигэ ылбыт бааһыттан, хараҕынан көрбөт буолбута уонна инсультаан, уһуннук ыалдьан, 1982 с. өлбүтэ.
Ахтыыны суруйда сиэнэ, Көбөкөн орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ньургун Скрыбыкин. |