РУБРИКАТОР
|
|||
Николай Григорьевич бокуойа суох ытыалыы-ытыалыы дьонун иннигэр сүүрэн испитэ. Бары утуу-субуу иһэллэрэ. Эмискэ өстөөх буулдьата Николай уҥа уллугун тосту көппүтэ, оттон хаҥас уллугун буулдьа тобулу сүүрбүтэ. Өйдөнөн кэлэн ис ырбаахытын устан бэрэбээскилэммитэ. Элбэх хаан барбыт этэ. Тула буулдьа сирдиргиирэ, ыйылыыра, миинэ эстэрэ. Николай сыыла сатаабыта да, күүс-сэниэ эстэн барбыта. Кыайаи сыҕарыйбат буолбута. Сотору-сотору өйүн сүтэрэрэ. Биирдэ өйдөммүтэ санчааска сытара. Кинини сэбиэскэй офицер, нуучча киһитэ майор Крашов быыһаабыт. Н.Г. Сысолятин 1945 с. кулун тутарга инбэлиит буолан дойдутугар төннөн кэлэр... («Ленин суола». Кулун тутар 30 күнэ, 1965 с). Төһө да сэрии инбэлиитэ буолан төнпүннэр, айымньылаах үлэҕэ ылсыбытынан барбыта. Бастаан колхоһугар суотчуттаабыта. Сотору нэһилиэгэр сэбиэт председателинэн быыбардаммыта. «Нам» совхозка рабочайдаабыта. Сэрии, үлэ ветерана Николай Григорьевич бойобуой сырыыларын, дьаныардаах үлэтин туоһулаан кини түөһүн «Албан аат III степенэ» уордьана, «Германияны кыайыы иһин», «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэр киэргэтэллэр. Кыыһа Санникова Зинаида Николаевна ахтыыта: «Аҕам Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттыахтаах эбит. Ону дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр ыксаан, параадка кыттыбакка 1945 с. кулун тутар ыйга тиийэн кэлэр. Аҕабын сүрдээх үлэһит киһинэн ааҕабын. Дьиэҕэ бэрээдэги тутар этэ. Улахан дьону убаастыырга үөрэтэрэ. Ас-таҥас кырыымчыгын биһиэхэ биллэрбэтэҕэ. Оҕолор оскуолаҕа этэрбэһинэн сылдьаллара. Оттон мин бачыыҥкалаах, тигии школьнай формалаах этим. Киэһэ утуйарбытыгар бары «спокойной ночи», сарсыарда турарбытыгар «с добрым утром» диир үгэстээх этибит. Бу үгэһи билигин да дьиэ кэргэммэр тутуһуннарабын. Онон, мин аҕам туһунан үтүө эрэ өйдөбүл хаалбыта. Куоракка ветеранын быһыытынан дьиэ ылбыта. Онно билигин быраатым Рома дьиэ кэргэнэ олорор. Аҕам уҥуоҕа манна нэһилиэкпитигэр көтөҕүллүбүтэ. Ол саҕана сэбиэт председателэ Новгородова Т.В. дьаһайан уҥуоҕун туттарбыта». Нэһилиэк кырдьаҕаһа 80 саастаах Петров И.И. ахтыыта: «Мин Сысолятин Николай Григорьевиһы аан бастаан сэрии иннинэ көрбүтүм. Миигиттэн улахан, бөдөҥ, искэн, хоҥоруулаах муруннаах киһи этэ. Партизан бөһүөлэгин арҕаа өттүгэр, Туора-Күөл сайылык бэтэрээ өттүгэр Ходьохтой диэн бөһүөлэк баара. Бу «Калинин» колхоз олоҕо. Николай Григорьевич манна суотчутунан үлэлиирэ. Ходьохтойдор сайынын Эбэ сайылыкка сайылыыллара. Оччолорго «Калинин» колхоз председателинэн Федоров үлэлиирэ. Билигин онно туох да суох, бааһына буолан турар. Ньукулай сэриигэ баран хорсуннук сэриилэспитэ. Аҥар атаҕын сэриигэ мэлитэн кэлбитэ. Протез атахтааҕа. Ол иһин дьон «Атаҕа суох Сэлээтин» диэн ааттыыллара. Биһиги «Жданов» колхозпут «Кыһыл Партизан» колхоһу кытта холбоспута. Партизан оскуолатыгар нэһилиэк мунньаҕа буолбута. Бу мунньахха нэһилиэнньэ сэбиэт председателинэн талар. Уһуннук үлэлээбитэ. Улахан бөдөҥсүйүү буолуор диэри сэбиэттээбитэ. Бэйэтэ олус үчүгэй киһи этэ. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарара. Буочара кылыгыратан түһэн, биир тэҥник суруйара. Бу кэмҥэ сэбиэккэ секретарынан Колесов Н.С. үлэлээбитэ. Ньукулай сэбиэттэн бүтэн баран, оройуоҥҥа райфинотделга инструкторынан, нолуок хомуйааччынан 3 сыл үлэлээбитэ. Бэйэтин отун илиинэн соҕотоҕун оттуура. Оттуур алааһа «Мааппа хара уута» диэн этэ. Мантан 15 км сир. Онно сатыы сылдьара. Төрүкү суөһү иитэр этэ. Киһи быһыытынан Хомустаахха суох үчүгэй киһи этэ. Аһыныгас, чиэһинэй, үлэһит, арыгыны олох испэт, чөл олоҕу тутуһара. Ол сиэринэн дьону-сэргэни сүбэлиирэ, көмө бөҕө. Ол иһин дьон итэҕэлин ылан өр сылларга сэбиэттээтэҕэ дии. Куоракка ылбыт дьиэтигэр олорон өлбүтэ». Эһэм Николай Григорьевич олоҕун туһунан дьон кэпсээниттэн истэн, ахтыылартан, хаһыат ыстатыйатыттан ааҕан баран, маннык түмүккэ кэллим. Эһэм олох кыра эрдэҕиттэн үөрэххэ, олоххо тардыһар буолан, оскуолаҕа үөрэнэн, оччотооҕуга үөрэхтээх киһи аатын ылбыт. Эдэриттэн салайар үлэҕэ талааннаах буолан, колхозтары тэрийсибит. Баайдартан сири былдьаан, дьадаҥыларга түҥэппит. Сэрии иннииэ нэһилиэк сэбиэтигэр депутат буолбут. Уоттаах сэриигэ сылдьан, сэрииттэн Кыайыы көтөллөнөн, этэҥҥэ дойдутугар кэлбит. Сэрии кэнниттэн өр сылларга наар сэбиэт председателинэн үлэлээбит. Эһэм дьиэ кэргэнин олорбутун устата наһаа үчүгэйдик көрбүт-истибит. Маны барытын билэн баран, мии этиэхпин баҕарабын: эһэм дьонун, норуотун туһугар олоҕун анаабыт, үйэтин тухары чөл олоҕу тутуспут, дьоҥҥо-сэргэҕэ наһаа үчүгэй сыһыаннаах эбит, дьиэ кэргэнин кырыымчык олох кыһалҕатын биллэрбэтэх, бастыҥ туруу үлэһит, үтүө-мааны аҕа, эһэ, хос эһэ.
Сардаана Афанасьева, 5-с кыл., «Сайдыы» оҕо анымньытын дьиэтин «Эдэр кыраайы үөрэтээччи» куруһуок иитиллээччитэ 1 2
|