РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

КЫРДЬАРЫ БИЛБЭТ ЭРЧИМ

 

Намнааҕы музей. Хоско киирээт кыыһырбыт, тииһин килэппит хара эһэҕэ кэтиллэ түһэҕин. Тыаҕа эбит буоллар, дьэ ынырык кыыл. Кини таһыгар куотан эрэрдии кыра кытархай дьүһүннээх, кылгас кутурук быһаҕастаах эмиэ тииһин килэтэн кыыл турар. Бу - аатырбыт күүстээх сиэгэн. Маннык кыыллары, дойду араас көтөрдорүн биир сиргэ түбэһэн көрбөккүн.

Айылҕа кэрэ дьүһүннээх кыылларын, көрүөхтэн дьулаан адьырҕаларын көрөн дьон сөҕөллөр-махтайаллар. «Олох тыыннаах, дьиннээх курдуктар, түүлэрэ-өҥнөрө ырааһа, харахтара чаҕылыһан» - диэн хайҕаан кэпсэтэллэр. Маны барытын бэйэбит биир дойдулаахиыт Егор Иннокентьевич Софронов булан-талан, уус тарбахтарынан чочуйан оҥортообут. Кыыллары сэргэ айылҕа көтөр кынаттаахтара, көмүс хатырыктаахтара бааллар.

Егор Иннокентьевич аатырбыт Алдан улуу Ленаҕа холбоһор хонноҕор Арбын диэн элбэх бултаах-алтаах, баай балыктаах, тыа да, уу да көтөрдөрө таптаан түһэр сирдэригэр олорор. Кини бу чуучала оҥортообут кыылларын, көтөрдөрүн сороҕун бэйэтэ бултаан, сороҕун булчуттарга сакаастаһан булар.

Энтузиаст Ёгор Софронов кыра оҕо сааһыттан эрэйдээхгик үөскээбитэ. Тулаайах уол аймахтарын батыһаи элбэх сири кэрийбитэ.

Кини Уус-Майанан, Чурапчынан эргийэн Батамаайыга кэлэн тохтообута. Оччолорго Батамаайы балачча бөдөн бөһүөлэк этэ.

Егор Иннокентьевич Хатырыкка сэттэ кылааһы бүтэрэн баран Батамаайыга «Холбос» базатыгар уонна Ломунха сельпотугар үлэлээбитэ.

Сэрии. Егор Софронов, эмиэ бэйэтин атын тэҥнээхтэрин курдук, адьырҕа өстөөхтөртөн төрөөбүт дойдутун көмүскэһэ 1942 сыллаахха арҕаа аттаммыта. Уоттаах сэрии диэн тугун этинэн-хаанынан билбитэ, сэрии төлөнүгэр буспута-хаппыта, элбэх кыргыһыыларга сылдьыбыта. Доннааҕы-Ростов куорат иһин кыргыһыыга атаҕынан ыардык бааһырбыта. Өр эмтэнэн, 1943 сыл бүтүүтүгэр эдэр сааһа барбыт Батамаайытыгар инбэлиит буолан эргиллибитэ.

Онтон ыла отуттан тахса сььмар аастылар. Инбэлииппин диэн быар куустан олорботоҕо, Батамаайыга суот үлэтигэр ылсан үлэлээн барбыта. Оччолорго Батамаайы Нам оройуонугар киирсэрэ. Егор Софроновы бөһүөлэк олохтоохторо Арбын Советын депутатынан талбыттара. Мантан ыла кини нэһилиэнньэ ортотугар элбэх өрүттээх обшественнай үлэни ыыппыта.

Сүүрбэччэ сылтан бэттэх Е.И. Софронов Арбыҥҥа кэлэн олохсуйбуга. 25 сьш устата кини нэһилиэк Советын депутатынан талыллыбыта. Бу кэмҥэ Совет председателинэн, солбуйааччытынан, кэлин уонтан тахса сыл нэһилиэк Советын исполкомун секретарынан үлэлээтэ. Кэнники сылларга Арбын нэһилиэгэ оройуоҥҥа социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан тахсыталаата. Онно Егор Иннокентьевич сэмэй кылаата, дьаныардаах үлэтэ эмиэ баар.

Кини тустаах үлэтинэн муҥурдаммакка, иллэҥ бириэмэтигэр кыыллар, көтөрдөр тириилэринэн бэрт тупсаҕайдык чуучала оҥортуур. Кини мындыр тарбахтарынан оҥоһуллубут музей экспонаттара Кэбээйи, Анаабыр, Сиэгэн Күөл орто оскуолаларыгар эмиэ бааллар. Үөһээ ахтыллыбытын курдук, кыраайы үөрэтэр музейбытын кини оҥоһуктара улаханнык киэргэтэллэр.

 

П. Сивцев,

кыраайы үөрэтэр музей иаучнай үлэһитэ. 1973 с.

1