РУБРИКАТОР
|
|||
Сиэннэрэ өр сылларга киэн тутта ааттыахтара
Софронов Егор Иннокентьевич 1920 сыллаахха Саккырыыр оройуонугар Дулҕалаах бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Кини аҕата Иннокентий (Майскай) ийэтин Фекланы баай киһи кыыһын Уус Маайаттан Алдан өрүһүнэн күрэтэн аҕалбыт уонна хоту Саккырыыр оройуонугар түспүттэр. Фекла аҕата кыыһын Кылаҕырга диэри өрүһүнэн эккирэтэн кэлбит, кыдьымах киирээри ыксаан төннүбүттэр. Кыра эрдэҕинэ Уус Маайаҕа, Чурапчыга олоро сылдьыбыттар, онтон Намҥа Батамай бөһүөлэгэр олохсуйбуттар. Кини аймахтара — эбэҥкилэр биир биллэр, киэн туттар киһилэрэ, космонавтикаҕа секретнай полигоҥҥа үлэлээбит Апросимов Ефрем Ильич буолар. Кини туһунан элбэх ыстатыйа тахсааччы. Софронов Е.И. Хатырык 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, Сиэгэн Күөлгэ үлэлээбит. 1942 сылга Сүөгэн Күөл бөһүөлэгиттэн баҕа өттүнэн табаарыһынаан Оконешников Иннокентийдыын Намҥа кэлэн көрдөһөн туран сэриигэ барбыттар. Ол саҕана хоту дойдуттан сэриигэ ылбаттар этэ. 1943 сылга Ростов-на-Дону куорат таһыгар кыргыһыы кэмигэр атаакаҕа киирэн иһэн атаҕар улаханнык бааһырбыт. Онтон өр госпитальга сытан эмтэнэн инбэлиит буолан дойдутугар төннүбүт. Кини сэрииттэн кэлэн баран Хатырыкка бииргэ үөрэммит, холкуос суотчутун, комсомол сэкирэтээрэ Арбын кыыһын Колесова Матрена Даниловнаны кэргэн ылбыт. Батамаайыга Сиэллээх учаастагар Дьокуускайтан «Холбос» линиятынан ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Бу ыскылаакка хоту улуустарга барар таһаҕаһы сайын борохуотунан тиэйэллэр эбит. Онтон Арбын нэһилиэгин сэбиэтигэр депутатынан талыллан Батамаайыга сэбиэт эбээһинэһин толорон үлэлиир. 1959 сыллаахха Арбыҥҥа көһөн кэлэн олохсуйбуттар. 5 оҕоломмуттар, 4 уол,1 кыыс. 25 сыл тохтоло суох нэһилиэккэ депутатынан талыллыбыт. Ол тухары сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан, кэнники кэмнэргэ пенсияҕа тахсыар диэри сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Оройуон, нэһилиэк олоҕор активнайдык кыттара. Кини сүрдээх сытыы-хотуу, дьону кытта элэккэй сыһыаннаах, үрдүк билиилээх киһи этэ, элбэх хаһыакка, сурунаалга суруйтарара, бэйэтэ хаһыакка ыстатыйа суруйара, элбэх киһини кытта суруйсара, музыкаҕа сүрдээх дьоҕурдаах этэ. Ол курдук скрипкаҕа, мандалинаҕа, балалайкаҕа оонньуура. Элбэх табаарыстардаах, доҕоттордоох этэ. Айылҕаны кытта алтыһарын таптыыра, иллэҥ кэмигэр өрүү өрүскэ, күөлгэ балыктыыра, аймахтарын, чугастааҕы ыалларын собонон быспакка хааччыйара. Кыһынын куобахха туһахтыыра, сохсолуура. Ол сохсолоро Батаа өтөҕөр өргө диэри бааллара. 1973 сыллаахха Нам музейын тэрийбит Сивцев Петр Иннокентьевичтыын туристическай путевканан Пятигорскайга, Эссентукига, Сочига күүлэйдйи бара сылдьыбыта. Кини иллэҥ кэмигэр кыыллар, көтөрдөр чуучалаларын оҥорорунан дьарыктанара. Чуучалаларын харахтарын Москваттан сакаастаан ылара. Саха сиригэр хас да сиргэ музейдар тэриллэллэригэр көмөлөһөн айылҕа муннугун оҥортоон биэрбит, ол курдук Намҥа, Хатырыкка, Сиэгэн Күөлгэ, Сэбээн Күөлгэ, Анаабырга, Черскэйгэ, Дьокуускайга, Ярославскай музейга уо.д.а. сирдэргэ музейдары тэрийсибит. Черскэй музейын тэрээһинигэр Москваҕа чуучала оҥорор киһини көрдөһө тиийбит, ону Саха сиригэр бэйэҕитигэр оҥорор киһилээххит диэн, Софронов Е.И. аадырыһын биэрэн, Черскэйгэ ынырыллан баран музей тэрээһинигэр айылҕа муннугун оҥорон кэлбитэ. Онно сылдьан «В мире животных» передача ведущайа Юрий Сенкеевичтыын биир гостиницаҕа олорбуттар. Онно Юрий Сенкеевич кини чуучала оҥорор ньымаларын сүрдээҕин хайҕаабыт уонна Москваҕа ыҥырбыт. Софронов Е.И. оҥорбут чуучалалара музейдарга, биирдиилээн дьоннорго өйдөбүнньүк буолан тураллар. Кини сэриигэ сылдьан «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны кыайыы иһин» диэн бойобуой уонна элбэх юбилейнай мэтээллэрдээх. Кини сэрии кэнниттэн олоҕун элбэх махтал суруктара, грамоталара туоһулууллар. 1980 сыллаахха ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Билигин кини олорбут олоҕун 9 сиэнэ, 5 хос сиэнэ өр сылларга киэн тутта аапыахтара.
Людмила Егоровна Бугаева, кыыһа 2015 сыл
|