РУБРИКАТОР
|
|||
СААМАЙ КҮНДҮ ДЬОММҮТ
Атласова Татьяна Сергеевна 1910 с. олунньу 12 күнүгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Таастаахха ааспыта. Соловьёв Филипп Степановичка кэргэн тахсан, «Тельман» колхуоска биригээдэҕэ үлэлээн-хамсаан олорбуттар. Ол туһунан 1941 сыллааҕы колхуоска үлэлээн көлөһүн күнүн аахсыбыттарын туһунан архыып докумуона баар. Хас да оҕо төрөөн өлбүт. Улахан уол Соловьёв Юрий Филиппович 1935 с. төрөөбүт, Соловьёва Анастасия Филипповна 1939 с. төрөөбүт. 1942 с. Филипп Степанович сэриигэ ыҥырыллан, 7-лээх уолун, 3-тээх кыыһын, кэргэнин кытта быраһаайдаһан барбыт. Эбэбит соҕотох оҕолорун кытта хаалан, ыарахан үлэҕэ сылдьыбыт. Сайын кураан түһэн, от үлэтигэр Кэбээйигэ сатыы барбыттар. «Оҕолоргун дьааһылаҕа көрүөхтэрэ. Санаарҕаама», - диэбиттэр. Күһүөрү от бөҕө оттоон төннөн кэлбитэ, оҕолоро ыал устун ускул-тэскил сылдьаллара үһү. Дьааһыла өр үлэлээбэккэ сабыллан хаалбыт. Сэрии сылларыгар сут турбутун бары кэпсииллэр. Туох да ас-таҥас суох буолан, элбэх киһи хоргуйан өлбүт. Чугас биир дьиэҕэ оҕонньордоох эмээхсин бэйэлэрэ эрэ буолан, сытан эрэн хоргуйбуттар. Эбэбит үлэҕэ баран иһэн, күөлтэн чаанньыкка уу баһан таһааран биэрэр үһү. Сарсыныгар чаанньык кураанах. Ол курдук өлөөхтөөбүттэр. Эбэбит үлэлэригэр биэрэр кыра өлүүтүн оҕолоругар биэрэр буолан, бэйэтэ иэдэйэ сыспыт. Сарсыарда сыттыга сыҥааҕын уута сүүрэн, илийэн хаалара үһү. Ол иһин хойукка диэри аһы-үөлү сыа-сым курдук тутара. Аармыйаттан кэргэниттэн 2-3 суругу туппут да, кыайан эппиэттээбэтэх. Сэгэрэ бүтэһик суругар: «Аата, дойдубар биир «а» буукубаны билэр киһи хаалбатах», - диэн муҥатыйбыт. 1943 с. ахсынньыга Украина сиригэр Запорожскай уобалас Днепровка сэлиэнньэтигэр геройдуу охтубутун туһунан биллэрии кэлбит. Ол кэнниттэн посылка туппуттар. Онно улахан хара сукуна сон ыыппыттарын аччатан, таҥас оҥостон абыраммыттара үһү. 1944 с. архыып докумуонуттан көрдөххө, үлэһиттэргэ сорудах биэрэллэр эбит. Эбэбитигэр 62 төбө субай сүөһүнү көрөн, 37200 киилэ тыыннаах ыйааһыны эбэргэ сорудахтаах эбит. Колхоз үлэһиттэрэ аччык, аас-туор олоххо ыарахан үлэҕэ сылдьыбыттар. 1947 с. үчүгэй үлэтин иһин «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 г г.» Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Ол туһунан Акт туоһулуур (архыып матырыйаала). Тыаҕа олорор дьон мэтээл суолтатын өйдөөбөтөхтөр: «Бу кэриэтин чиэппэр чэй биэрбиттэрэ буоллар...», - диэбиттэр үһү. 1948 с. эбэбит уол оҕоломмута, Соловьёв Филипп Алексеевич диэн ааттаабыта. Уолун аҕата кэргэн ылаары гыммытын, эбэбит холбоспотох. 1950 с. Таастаахха күөллэр куураннар, I Хомустаахха барыларын көһөрөн киллэрбиттэр. Бу кэмҥэ эбэбит улаханнык атаҕынан ыалдьыбыт. Суорҕаннаах тэллэххэ 3 сыл сыппыт. Онтон үтүөрэн, биһигини барыбытын оҕолообута, улаатыннарбыта. Саамай күндү киһибит, эбэбит наһаа тулуурдаах, дьоҥҥо олус үчүгэй сыһыаннаах үтүө-мааны киһи этэ. Кини сатаабатаҕа диэн суоҕа: ас астыыра минньигэһин, куобах буһаран баран барыбытыгар тиийэр гына өлүүлээн үллэрэрэ. Сарсыарда аайы күөрчэх ытыйара. Биһилэҕэ күөрчэх угар таарыйан музыка курдук иһиллэрэ. Иистэнэрин олус сөбүлүүрэ. Бэйэтигэр саҥа ырбаахы тиктэн үөрэрэ. Кыра сиэннэригэр этэрбэс, дьиэҕэ кэтэр таҥас, үҥкүүлүүр таҥас тапочка кытта тигэрэ. Эдэр сылдьан кэргэн тахсар кыыс этэрбэһин тигэрэ үһү. Ол иһин Этэрбэсчит Татыйаас диэн ааттыыллар эбит. Кыайыы 45 сылыгар 1990 с. таайбыт, абаҕабыт Соловьёв Юрий Филиппович I Хомустаах сельсоветын председателэ Николай Христофорович Гороховы кытта аҕата көмүллэ сытар сиригэр Запорожьеҕа бара сылдьыбыта. Онно тиийэн аҕатын аата «Соловьёв Филипп Степанович» обелиска суруллан турарын илэ хараҕынан көрбүтэ, төреөбүт ийэ буорун илдьэн куппута. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Биһиги, оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр, хос-хос сиэннэр, дьоммутун хаһан да умнуохпут суоҕа. Кинилэр биһиги дьоллоох олохпут иһин турууласпыттара. Кинилэр олорбут олохторун үрдүктүк өрө тутан салгыахпыт, үчүгэй үөрэхпитинэн, ситиһиилээх үлэбитинэн!
Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ
|