РУБРИКАТОР
|
|||
Соловьев Филипп Степанович
Аҕам 1942 с. бэс ыйыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыта. Ол саҕана кини 19 саастааҕа. Колхозка туруу үлэһитинэн сылдьыбыт, үрдүк унуохтаах, нууччалыы хааннаах, бэйэтин лаппа кыанар, хапсаҕайдьыт, бэйэтиттэн биир тутум үрдүгү ойоро үһү, мас тардыһыытыгар, атах оонньуутугар бэйэтин саастыылаахтарыттан ордуга үһү. Биһиги 3 оҕо ийэбитинээн хаалбыппыт. Мин оччолорго 5 саастаах ыал улахан оҕото этим. Ийэм сэрии, сут-кураан сылларга биһигини соҕотоҕун ииппитэ. Олорор сирбит Таастаах курааннаан, ийэм дьону кытта сүөһү үүрэн, Үрүҥ Күөлгэ баран оттоон, ол отторугар сүөһү кыстатан олорбуттара. Биһиги онно ас-таҥас суох буолан хоргуйан өлө сыспыт үһүбүт. Ийэбит түүннэри-күннэри үлэ бөҕөнү тиргиччи үлэлээн, биһиги тыыннаах хаалбыппыт. Аҕам сэриигэ сылдьан түөрт төгүл бааһырбытын туһунан суругунан биллэрбит этэ. Бүтэһик суругун, дойдубар биир буукубаны билэр киһи хаалбатаҕа сорун диэн муҥатыйан суруйбут. Ити түөрт суругун тухары дойдутуттан биир да суругу туппатаҕыттан абаран-сатаран суруйаахтаатаҕа. 1943 с. сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллибитэ. Мин аҕабын хойукка диэри күүтэрим. Кулуупка сэриилээх киинэни көрдөхпүнэ, хайдах эрэ аҕам көстүө диэн кэтэһэрим. Куруук аҕабын ирдээн онон-манан сурук ыытарым, военкоматтан сураһарым. 1990 с. миэхэ улуустааҕы военкомат үөрүүлээх сураҕы иһитиннэрбитэ. Военкомат ирдэһэн аҕам Украинаҕа Запорожскай уобаласка хорсуннук сэриилэһэ сылдьан, сэрии хонуутугар охтубутун, Братскай могилаҕа кистээбиттэрин туһунан сураҕы иһитиннэрбитэ. Оччолорго совет председателинэн Горохов Николай Христофорович үлэлии олороро. Кини миигин арыаллаан аҕам көмүллүбүт унуоҕун көрө Украинаҕа барбыппыт. Мантан төрөөбүт буорун мөһөөччүккэ уган илдьибиппит. Биһигини Украинаҕа Запорожскай уобаласка олус истиҥник көрсүбүттэрэ. Тиийбиппит аҕам уҥуоҕун оскуола оҕолоро үчүгэй баҕайытык көрөллөр-истэллэр эбит, сибэкки бөҕө олордоллор эбит. Биһигини “Кыайыы күнүн манна бырааһынньыктааҥ”, — диэн эппиттэригэр, дойдубутугар ыксаан төннөн кэлбиппит. Аҕам уҥуоҕун үчүгэйдик кэриэстээн көрөллөрүттэн мин кырдьаҕас киһи наһаа үөрбүтүм уонна улаханнык махтанабын.
Ю.Ф. Соловьев
|