РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Сэрии бэтэрээнэ Михаил Николаевич Соловьев

 

Начальнай оскуола үөрэнээччитэ, Арбын нэһилиэгин олохтооҕо, сэрии, үлэ бэтэрээнэ, 85 саастаах дьиэ кэргэн эһэтэ, Япония сэриитин кытыылааҕа

Мин нэһилиэгим биир кырдьаҕаһын, сэрии бэтэрээнин Михаил Николаевич Соловьев туһунан суруйабын. Михаил Николаевич Арбын нэһилиэгэр 1927 сыллаахха төрөөбүтэ. 1934 сыллаахха Арбын начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Маҥнайгы кылааска Колесов Николай Кузьмич диэн Бөтүҥтэн сылдьар учууталга үөрэммитэ. Бу саҕана оскуолаҕа сааһыттан тутулуга суох оҕолору үөрэтэллэрэ, онно улахан да саастаах оҕолор бааллара. Тэтэрээт, учебник тиийбэтэ, харандааһынан суруйаллара. Учууталлар туох кыалларынан биэчэрдэри, концертары, оонньуулары тэрийэллэрэ. Михаил Николаевич начальнай оскуола кэнниттэн үөрэммэтэҕэ.

Төрөппүттэригэр дьиэ хаһаайыстыбатыгар көмөлөһөрө, холкуос үлэтигэр үлэлээбитэ. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. Арбын нэһилиэгэр үлэһит киһи аҕыйаабыта. Оҕонньоттор, эмээхситтэр уонна оҕолор холкуос үлэтигэр үлэлии хаалбыттара. Михаил Николаевич 2 сыл устата кыһыны быһа сыарҕалаах атынан Батамаайыттан Сиэгэҥҥэ диэри таһаҕас таһара, сайын от үлэтигэр сылдьара.

Сайын 1945 сыл Арбын нэһилиэгэр бэбиэскэ кэлэн, Японияны утары сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Михаил Николаевич 18 саастааҕар сэриигэ бэс ыйын саҥатыгар барбыта. Кинини кытта Иванов Афанасий Иннокентьевич, Иванов Николай Алексеевич уонна Иванов Савва Потапович барсыбыттара. Куоракка киирэн комиссияҕа көрдөрбүттэр уонна сэриилэһэр дойдуларьҥар айаннаабыттар. Дьокуускайтан борохуотунан Осетроваҕа диэри айаннаан Усть-Кут станциятыгар тиийбиттэр. Усть-Куттан Ангара өрүс үрдүгэр тиийэн тохтообуттар уонна Мальтаҕа диэри сатыы айаннаабыттар. Мальтаҕа тиийэн 21 артиллерийскай полкаҕа сулууспалаабытынан барбыттар. Атырдьах ыйыгар диэри байыаннай үөрэххэ үөрэппиттэр. Үөрэхтэрэ бүппүтүн кэннэ Забайкальскай фроҥҥа Маньчжурияҕа ыыппыттар. Маньчжурияттан Харбин куоракка тиийбиттэр. Ити курдук байыаннай сулууспалара кэлиилээх-барыылаах эбит. Балтараа ый таһаҕас таһыытыгар эшелоннары дьаһайан ыытыыга Чанчунь, Мукден, Шэньяк, Фушун станцияларынан айаннаабыттар. Сороҕор кинилэргэ билиэннэйдэри харабыллаталлара. Бу кэмҥэ Николай Алексеевич Ивановтара ыалдьан дойдулаабыт. Саас муус устар ыйга илиҥҥи тимир суолга эмиэ эшелоннары дьаһайан Монголиянан, Чита уобалаһынан, Борзя станциянан, Казахстанынан айаннаабыттар. Атырдьах ыйыгар Казахстантан төттөрү Борзяҕа кэлбиттэр. Онтон нэдиэлэ кэриҥинэн Монголия Чойбалсан куоратыгар ыыппыттар. Бу куоракка кыстаан олорон ыскылаат харабыллаабыттар. Ити курдук сиртэн сиргэ көһө сылдьан сулууспалаабыттар. 1947 сыллаахха Читаҕа кэлбиттэр. Бу кэмҥэ Михаил Николаевич ыалдьан дойдулаабыт. Сэрииттэн кэлэн баран Булуҥ оройуонугар Остуолба Хайаҕа, Быыкапка, Аллараа Таба Бастаахха, Бороҕонуускай кумахха балыкка 5 сыл сылдьыбыт. Арбын нэһилиэгэр 1968 сылтан 1990 сылга диэри 22 сыл устата дизелиһинэн үлэлээбит. Михаил Николаевич 1995 сылтан пенсияҕа тахсан олорор. Кэргэнинээн Елизавета Алексеевналыын 40-тан тахса сыл устата иллээхтик олорон кэллилэр, сэттэ оҕоттон билигин биэһэ баар. Бары үлэһит дьон, 9 сиэннээхтэр. Сиэннэрэ орто, үрдүк үөрэхтэргэ үөрэнэллэр, сорохтор оскуола үөрэнээччилэрэ. Билигин Михаил Николаевич студент сиэннэрин көрөн куоракка олорор. Саас Кыайыы күнүн бырааһынньыгар кинини көрсөбүт, бэсиэдэлэһэбит. Биһиги киниэхэ өссө да уһун үйэни, этэҥҥэ сылдьан кэнчээри ыччатын, нэһилиэгин дьонун-сэргэтин үөрдэ сылдьарыгар баҕарабыт.

 

Ася Колесова,

8 кылаас үөрэнээччитэ

.1