РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

СЭРИИ, ҮЛЭ ВЕТЕРАНА

Ыркый ойуур саҕатыгар, быыкаайык үүчээн им балай хараҥа ортотугар, соҕотоҕун тонуу хаарга харааран көстөр. Тимир оһох турбатыттан бииртэн биир кыһьгл кыымнар оро көтөн тахсан, им балайга сүтэллэр. Тула өгтүбүт уу-чуумпу. Икки ат үүчээн аттыгар сэргэҕэ бааллан тураллар. Үүчээн иһигэр төгүрүк остуолга турар сыа чүмэчи балайда сырдатар. Манна совхоз икки булчута бүгүн бултаан аҕалбыт андаатардарын сүлэ олороллор. Таһырдьа тыал күүһүрэн мастар төбөлөрүн куутунатан барда. Үүчээни иилээн турар кырдьаҕас тииттэр кыычыгырыыллар, ыйанан турар булт хайыһарын охсон таһырҕатар. Бу биһиги Борокуоппайдыын түүлээх булд>тар тахсан олорор дьиэбит. Таах олоруохтааҕар тэһийбэккэ ону-маны кэпсэтэбит.

- Борокуоппай, баһаалыста - сэриигэ сылдьыбыккыттан кэпсээ эрэ.

- Түүн да уһун, кэпсиэххэ дуу.

Борокуоппай тимир оһоххо мас быраҕан биэрдэ уонна оронун оҥостон тиэрэ түһэн сытта. Кини сэриигэ ылбыт баастарыттан билигин да чэпчэки сааны кыайан сүкпэт. Хаана элбэхтик баран, тымныыны тулуйбат буолан халыҥнык таҥнар. Борокуоппай билигин 67 саастаах, ол да буоллар совхоз үлэтитэр тиритэ-хорута үлэлиир. Кыһынын совхозка дуогабардаах түүлээхсит.

Соловьев Прокопий Дмитриевич 1933-42 сылларга Таастаах нэһилиэгэр колхоз бэрэссэдээтэлэ, 1947 сыллаахтан ССКП чилиэнэ. Кини сэрииттэн төннөн кэлээт, эмиэ бэйэтин колхоһугар бэрэссэдээтэл буолбута. Онтон Жданов аатынан колхоз биригэдьиирэ, онтон да атын хаһаайыстыба төһүү үлэһитинэн сылдьыбыта. Кини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Москва аннынааҕы кыргыһыыга сылдьыбыта. Тула, Смоленскай, Харьков куораттары босхолоспута.

Борокуоппай оронун оҥостон сытан баран, кэпсээнин саҕалаата.

- 1942 сыллаахха аан бастаан Читаҕа үөрэппиттэрэ. Онтон кыһын сүр ыксалынан буойаска тиэйэннэр арҕаа илдьибиттэрэ. Онтон кыһын сүр ыксалынан буойаска тиэйэннэр арҕаа илдьибиттэрэ. Биһиги столицабыт улахан кутталга киирбит, онно барарга дьаһал биэрдилэр. Биһиги аан бастаан саата суох, хочулуоктаах эрэ барбыппыт. Түүн хабыс-хараҥаҕа буойас кэлэн тохтообута. Таһырдьа тахсыбыппыт тула өттүбүт уу-чуумпу, уота-күөһэ суох тоҥуу хаар этэ. Ханна кэлбиппит биллибэт этэ. Өйдөөн көрбүтүм элбэх баҕайы буойас кэлбит, араас сэрии сэбэ толору. Туох эрэ улахан алдьархай буолуохтааҕын сэрэйбит курдук дьоннор саҥата-иҥэтэ суох сылдьаллара. Ыар чуумпу хам баттаабыта. Онно Сахам сирэ төһө ырааҕын, дьиннээх тапталын дьэ билбитим. Хамандыырдар ыксалынан сэрии сэбин түҥэппиттэрэ.

- Сарсыарда 6 чааска кылаабынай командуюшай И. В. Сталин радионан тыл эппитэ. Ол кэнниттэн «сэрии таҥарата» бэйэтин алдьархайдаах этиитин, дьэ, онно көрбүтүм. Эргиччи урусхалламмыт сир-уот, араас сэрии сэптэрэ уонна өлүктэр. Биһиги Москва арҕаа өттүгэр турар эбиппитин өйдөөтүбүт. Ити курдук 1942 сыллааҕы, Москва аннынааҕы кимэн киирии улахан кыргыһыытыгар кытгыыны ылбьшпыт. Икки өттүтгэн тохтоло суох хардарыта артиллериянан ытыалаһыы буолбута. Үөһээнэн өстөөх самолеттара буомбалаан ааһаллара. Биһиги самолеттарбыт кыырай халлааҥҥа охсуһаллара. Биһиги атаакаҕа киирбиппит. Сорох самолеттар кэннилэриттэн хойуу буруону субутан аллараа курулууллара. Сирдиин-халлаанныын өрө ньиргийэн олороро. Сатыы пехота наар сүүрүүнэн киирбиппит. Өлүү-сүтүү хойдубуга. Ол эрээри кэннибититтэн, саҥа сэриилэр халҕаһалыы ыга анньан испитгэрэ.

- Сотору өстөөх инники окуопатыгар көтөн түспүппүт. Ыстыыгынан анньыһыы, хабыр охсуһуу буолбута. Бу атаакаҕа биһиги ахсыа буолан, фашистар пулеметунан ыта сытар блиндажтарын аттыгар баар буолбуппут. Бу блиндаж кыра түннүгүнэн хас да гранатаны иһирдьэ бырахпытым. Дэлби тэбии кэнниттэн көрбүппүт, 8 фашист саллаата өлө сыталлар этэ.

- Өстөөх сэриитэ охсуһа-охсуһа улам чугуйан испитэ. Биһиги саҥаттан-саҥа окуопалары ылан испиппит. Ол сылдьан бэйэм оройуонум киһитин Кыһыл Сыыр уолун Колесов Уйбааны көрсүбүтүм. Ол онно сахалыы кэпсэтэн төһөлөөх үөрбүппүтүй!

- Атаака кэмигэр Уйбаан өрүү мин аттыбар сылдьыбыта. Эмиэ буулдьа, снаряд ортотунан сырсан ыта-ыта кимэн киирбиппит. Эмискэ аттыбар сахалыы ыһыы-хаһыы буола түстэ: «Сиэтилэр, Борокуогшай, быыһаа-абыраа!», - диэн Уйбаан табыллан аймана түспүтэ. Мин кинини сэрии хотоолуттан, сүгэн-көтөҕөн тыылга таһаарбытым. Ол иһэн бэйэм хаста да табыллыбытым, санитардар көрсөн киһибин ылбыттара. Бэйэбин бэрэбээскилээбиттэрэ уонна сэрии хонуутугар хат киирбитим. Инники кирбиигэ тиийэн ытыалаһа сылдьан, эмиэ бэйэм оройуонум киһитин, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин уолун Сивцев Куонааны, сыһан-соһон таһааран санитарнай чааска туттарбытым.

Колесов Уйбааны бу I Хомустаахха бары билэллэр, дойдутугар кэлэн өр совхозка үлэлээн баран кэнники ыалдьан өлбүтэ. Көрүстэҕин ахсын наар махтанаахтыыр этэ.

Бэйэм кэнники хаста да улаханнык бааһыран, Ровно куорат госпиталыгар сыппытым. Ол кэнниттэн Харьков куораты босхолоспутум. Кэнники бааһырыым элбээн дойдубар ыыппыттара. Дойдубар кэлэн ситэ үтүөрэ иликпинэ, иккиһин сэриигэ ыҥырбыттара. Чэ, ол туспа кэпсээн. Бээ, чаас ыраатта ээ, утуйуохха…

Таһырдьа тахсыбытым кей үгүс сулустар чыпчыҥныы-дьиримнии тураллар. Онтон киһи олоҕо чыпчылыйыах түгэнэ ээ Ойуур саҕатын толору ый күөх сырдыга туналыта сырдаппыт.

1976-1980 сылларга бииргэ бултаабыппыт. Кини иккис барыытын маннык кэпсээбитэ.

Бостуо сэрииттэн тыыннаах ордон кэлэн, «син дойдубун буллум ээ» — диэн үөрэ санаабыта эрдэ буолан биэрдэ. Иккиһин бэбиэскэ туттардылар. Өлүү-хаан бөҕөнү көрсөн кэлбит киһиэхэ иккис бэбиэскэ ыарахан суол буолуохтаах. Элбэх баастаах биир киһини мүччү туппаитара сүрдээх суол эбит. Баастара оспокко сьщдьаллара. «Бу сырыыга дьэ төннүбэт киһи буоллум», — диэн сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин, өтөҕүн кыгга букатыннаахтык бырастыылаһан ыар санааҕа түһэн барбыта.

Хата, кини дьолугар, хамыыһыйа бааһа улаханын көрөн, син итэҕэйэн арҕаа ыыппакка, Читаҕа тимир суол харабылыгар хаалларбыттар. Арҕаа сэриилэрэ бүтэн, аны үрдүкү салалта, политбюро, генштаб үргүлдьү Японияны үлтү охсор санаалаах эбиттэр. Аны сэриитин арҕааттан илин көһөрөр. Ол тимир суол харабылынан туран Бостуо манньҥы көрбүт. Кэмэ суох элбэх сэрии сэбин. тиэммит буойастар түүннэри-күнүстэри илин ааһаллар. Сабыылаах богуоннарга сэрии дьонун, саллааттары, ыга тиэйэн илин ааһаллар.

Биирдэ өрөбүл күнүгэр хамандыырдара кинини булка илдьэ бараллар. Сорох сирин массыынанан, сорох өттүн сатыылаан. Сылдьыбатах сирдэрэ да буоллар, Борокуоппайы сирдьит оҥостоллор. Саха булчутун билэр буоллахтара.

Арай көрбүттэрэ таас хайа сыҥаһатыгар, сүүсчэкэ саһааннаах сиргэ хайа бараана кынталлан гурар. Эпписиэрдэр солбуһа сылдьан бинтиэпкэ саанан ытатлар да, таппаттар. Кыыллара барыах курдук буолла. Ыксаан сааларын Борокуоппайга биэрэллэр. Борокуоппай саа прицелын көрөн, көннөрөн баран биир ытыынан суулларан түһэрэр. Ону сүлэн, астаан массыыналарынан илдьэ бараллар. Онтон ыла ол «кыайардар» (офицердарын итинник ааттыыр) кинини булчут оҥостоллор. Сороҕор харабылыттан босхолоон, наар булка ыытар буолбуттара. Бостуо биир тыла өйбөр баар: «Төрүт идэбэр түбэһэн, көнүл тыаҕа сылдьан, дьэ, абыраммытым»," диирэ. Саатын ылан, сороҕор соҕотох тыаҕа, хайаҕа бултуу барара. Кураанах кэлбэт: «Улар, куртуйах, куобах, хайа бараана ол дойдуга баара. Онон эпписиэрдэр остуолларыгар өрүү саҥаттан саҥа булт этэ баар буолан иһэрэ». Мантан кинилэр олус астыммыттара.

Биирдэ хамандыырдарыгар чугастааҕы холкуостан кыра харабыл нуучча оҕонньоро кэлэн көрдөспүт. Онтуга маннык эбит: холкуос бааһынатыгар хаппыысталарын, бурдуктарын түүн аайы ойууртан кыыл кабан киирэн сиир, дэлби тэпсэр эбит. Элбэх ороскуоту оҥорор, харабыл кыайан өлөрбөтөх. Түүн саһан киирэр кабан эбит. Ол дойду атырдьах ыйынааҕы түүнэ чып харана, уһун буолар. Бостуо оҕонньорго сирдэтэн ол бааһынаҕа тиийэр. Хамандыыра кинини баран бултаа диэн дьаһал биэрбит. Сирин былаанын, кабан суолун-ииһин чинчийэн көрбүт уонна харабылы дьиэтигэр төттөрү ыынпыт. Бааһына тула өггө хойуу талах ойуур. Ордук чугас өттүгэр, бааһына иһигэр от отуу оҥостубут. Ол иһигэр киирэн саһан кэтиир. (Борокуоппай кулгааҕынан ураты чуор, хараҕынан түүн да көрөр кыраҕы этэ). Хараҥа, сылаас, чуумпу түүн сатыылаабыт. Арай оргууй туох эрэ хаамар, сибиинньэлии бэрт кыратык курдургуур саҥатын, аһыыр тыаһын истэр. Кирийэн балай да өр олорор, кэтиир. Ол олордоҕуиа хараҥаҕа отуутун иннинэн оргууй улахан барыаран ааһан эрэрин көрөр уонна ону туһаайан ытыалаан субурутар. Кабан часкыйа түһээт тыа диэки сүүрэр, охтор тыаһа иһиллэр. Бостуо онно барбат. Оҥостон халлаан сырдыар дылы дьэ угуйар. Халлаан сырдаабытын кэннэ баран көрбүтэ, сүүнэ улахан кабан хас да сиринэн таптаран өлө сытара. Харабыл оҕонньор кэлэн, көрөн үөрүү бөҕөнү үөрбүт. Холкуос салалтата махтанан кыра харчы, ас биэрбит. Сэрии бүппүтүн кэннэ, Бостуо харабылга туран, биир суолу муодаргыы көрбүт. Илинтэн арҕаа ааһар буойастар, маахта дьоппуон омук аһын-таҥаһын, малын, араас табаарын толору симинэн ааһар эбиттэр.

- Ол аата хайдах? Атыылаһан тиэнэн ааһаллара буолуо дуо?

- Хантан атыылаһыахтарай, кыайбыт дьон боруоста ылаллара буолуо ээ, — Бостуо хардарар. Сорох буойастар богуоннарыгар толору билиэн тутуллан иһэр, эдэркээн дьоппуон саллаат уолаттара ааһаллара. Сороҕор тохтотон буойастар таһаҕастарын сүөкэтэн, атьш ыскылааттарга, буойастарга ол уолаттарынан тастараллара. Харабыллаан тураннар.

- Хата, ол «кыайардар» барарбар үчүгэйдик атаарбытгара.

- Ол хайдах?

Сабыс-саҥа биир паара саппыкы, биэс миэтэрэ таҥас, кыра харчылаан, аара аһыыр ас үтэлээн ыыппыттара, махтаммыттара. Онон иккис барыыбар, таҥара көмөтүнэн, баччаҕа тиийиэх дьолбор, үчүгэйдик сылдьан кэлбитим. Кэлээт «Кыһыл Таастаах» холкуоска бэрэссэдээтэл буолтум.

Ити курдук оҕонньор кэпсээнин бүтэрбитэ. Кини оччолорго 67 саастааҕа. Бостуо өссө 14 сыл олорбута, 81 сааһыгар 1996 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ. Манна биир холкуостаах ахтыытын этэр тоҕоостоох. Бостуо иннинэ, сэрии сылларыгар, хас да киһи хоргуйан өлбүттэрэ. Онтон хайдах Соловьев Прокопий Дмитриевич бэрэссэдээтэлинэн анаммыта да, ас холкуостаахтарга кэмиттэн­кэмигэр түҥэтиллэр буолбут.

Таһырдьа тахсыбытым толору ый илин тииттэр үрдүлэринэн мөлбөйөн тахсыбыт этэ. Үүчээн таһын, далы аттарбытын ый күох сырдыга туналыта сырдаппыта керөргө үчүгэйэ бэрдэ.

 

А. Прокопьев

1