РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

ИЙЭ СИРИН КӨМҮСКЭСПИТЭ

 

Арҕааттан адьырҕа өстөөхтөр биһиги Ийэ дойдубутугар ааҥнаабыт дьылларыгар, күһүөру, оройуонтан төрүт буору көмүскүү барбыттар ортолоругар Дьяконов Савва Николаевич эмиэ баара.

Кини I Украинскай фроҥҥа үс сыл кэриҥэ советскай буойуннар кэккэлэригэр сылдьан өстөехтөрү үүрсүбүтэ. Икки төгүл ыараханнык бааһыран госпиталга сыта сылдьыбыта. Тахсаат өссө кыыһыран-абаран инники күөҥҥэ киирэрэ.

Араас мүччүргэннээх быһыыларга да киирэн тахсара. Онтон биир түбэлтэтэ.

Смоленскай уобалаһы босхолоһо сылдьан көбдөҕөр табыллан кыргыһыы толоонугар охтубут. Түлэй-балай балтараа суукка курдук сыппыт. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ, биһиги сэриилэрбит чугуйбуттар быһыылаах, охсуһуу буолбут толоонугар өлүктэр быыстарынан немецтэр тараахтаан иһэллэрэ. Бааһыран сытар биһиги саллааттарбытын дьууктаан ыта-ыта ааһаллар. Савва тыыннааҕын биллэрбэккэ сыппытын, биир фашист бэрэбиэркэлээн ойоҕоско тэбэн ааспыт. Савва бары тулуурун киллэрэн ымыр да гымматах.

Кини түүн буолуор диэри хамсаабакка сыппыт. Ол сытан: «Арааһа, сарсын сэрии хонуутуттан өлбүт дьону хомуйан уматыахтаахтар. Онон бу түүн хайаан да бэйэм дьонум диэки күүһүм кыайарынан сыылан көрбүт киһи», - диэн санаабыт. Түүн үөһүн саҕана, уҥа-уҥа сыылан, оту-маһы тыаһаттаҕына фашистар тыас хоту ытан иһэллэрэ, сарсыарданан дьонун таһыгар тиийбитин харайбыттар. Оо, оччотооҕу ыас хараҥа түүҥҥэ махтанна да этэ!

Савва Николаевич ити кэнниттэн өссе биирдэ бааһыран (окумалын тосту ыттарбыт), төрөөбүт нэһилиэгэр Хамаҕаттаҕа 1944 сыллаахха төннөн кэлбитэ.

Кини билигин үс оҕо аламаҕай аҕата, икки сиэннээх. Кини түөһүн биэс бойобуой медаллар уонна 24 сыл ааспытын кэннэ сылдьыбыт үтүөтэ байыаннай архивтан көстүбүт II степеннээх «Аҕа дойду Улуу сэриитин» ордена киэргэтэр.

Ким да умнуллубат, туох да сүппэт диэн итини ааттыыллар.

 

1