РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Сэриигэ сылдьыбытым

 

Мин, Дьяконов Петр Афанасьевич, 1941 сыллаахха от ыйыгар Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбытым. Забайкальскай байыаннай уокурукка Чита уобалаһьҥар байыаннай тактическай үөрэҕи барбытым.

1941  сыл ахсыннъы ый 9 күнүгэр Украинаҕа Харьков куорат туһаайыытынан Купянска станция оройуонугар 21.12.1941 сылтан 1942 сыл олуннььу 11 күнүгэр диэри пехота сэриитигэр оборонаҕа олорон сэриилэспитим. Маҥнайгы байыаннай сүрэхтэниим 07.01.1941 сыллаахха Николаевка дэриэбинэни ылыыга кыттыбытым. 11.02.1941 сыллаахха Куянка станция таһыгар кыргыһыыга төбөбөр бааһырбытым. Манна миигин кытта сэриилэспиттэрэ
бииргэ үөскээбит Арбын олохтоо
ҕ
о Кривошапкин Ксенофонт Кононович, Потапов Василий Степанович, кинилэр миигин санчааска илдьэн туттарбыттара.

Атырдьах ыйыгар биһиги дивизиябыт сорох чаастара төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн билиэҥҥэ барбыттара, ротабыт ордон хаалбыт дьоно эмиэ түбэспиттэрэ. Италия сэриилэрин чаастара биһигини, 50 саллааты, мас кэрдиитигэр, окуопа хаһыытыгар үлэлэтэ сылдьыбыттара.

1942 сыллаахха ахсынньы ыйга биһиги сэриилэрбит Дон өрүс үрдүгэр турар Майков дэриэбинэни босхолообуттара. Биһигиттэн доруобайбыт көҥүл өттүнэн сэриилэһэ барсыбыппыт. Онтон ыла хас да нэһилиэнньэлээх пууннары босхолообуппут, өстөөх хас да сүүс саллаатын билиэн ылбыппыт.

1942 сыллаахха ахсынньы 31 күнүгэр мин Ерево куораты ылыыга харахпар бааһырбытым. Балашов куоракка госпитальга эмтэнэн, үтүөрэн бараммын, 1943 сыллаахха сайын Ерево куорат таһыгар Черково станцияҕа рабочай батальоҥҥа үлэлээбитим. 1943 сыллаахха сэриилэһэр кыахтаах эбиккин диэннэр фроҥҥа атаарбыттара.

1944 сыллаахха Днепропетровскай куоракка ыыппыттара. Онно артиллерияҕа анаан фроҥҥа сэриилэһэ киирбитим. Биһиги чаас­тарбыт өстөөҕү утары кырыктаах кыргыһыыга кыайыыттан кыайыыны ситиһэн испитэ. Биһиги батареябыт «Катюшаны» кытта биир улахан станцияҕа күрээри мустубут немец саллааттарын үрдүгэр күүстээх уоту аспыта, манна сүүһүнэн өстөөх саллааттара өлбүттэрэ.

Бу уобаласка Апостоно станция таһыгар Сергеевка диэн селоҕа оборонаҕа сыттахпына алта өстөөх сөмөлүөтэ биһиги батареябытын бомбалаабыттара. Ол бомбалааһыҥҥа мин көхсүбэр бомба оскуолкатынан бааһырбытым. Полевой госпитальга эмтэнэн баран, миигин комиссиялааннар нестроевой сулууспаҕа анааннар Харьков куоракка үлэҕэ ыыппыттара. Бу куоракка сайын устата дьиэ тутуутугар каменщигынан үлэлээбитим. Онтон күһүн 1944 сыл сэтинньи ыйга Тульскай уобаласка леспромхозка мас заготовкатыгар үлэлээбитим. 1946-1947 сылларга Брянскай уобаласка леспромхозка үлэлээбитим. Онтон 1947 сыллаахха от ыйын 24 күнүгэр дойдубар эргиллэн кэлбитим. Аара суолга икки аҥаар ый устата бэрт эрэйдээхтик айаннаан соҕотоҕун алтынньы ый 11 күнүгэр дьиэбэр Харыйалаах бөһүөлэгэр кэлбитим.

 

Петр Афанасьевич Дьяконов,

сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ

Харыйалаах бөһ., 1990 с. олунньу ый 22 к

.

1