РУБРИКАТОР
|
|||
Икки уордьан кавалера
Көбөкөн нэһилиэгин олохтоохторо биир ытыктыыр киһилэрэ - сэрии уонна үлэ ветерана Петр Афанасьевич Дьяконов. Кини 1917 сыл от ыйыгар төрөөбүтэ, онон Улуу Октябрьскай социалистическай революция саастыылааҕын быһыытынан, бу үүммүт 1987 сылы үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Бүөтүр Арбын нэһилиэгэр быстар дьадаҥы ыалга - Тыыллыма аҕатын ууһуттан төрөөбүтэ. Билигин да үчүгэй балыктааҕынан аатырар Манаах күөлүн хоту төбөтүгэр балыгынан аһаан олорбуттара. Оскуола аһыллаатын кытта, 14 саастаах уол 1931 сыл Арбын начальнай оскуолатыгар үөрэнэн, 1935 сыллаахха бүтэрбитэ. Үлэтин нэһилиэк Советын секретарыттан саҕалаабыта. Онтон 1937 сылтан оччотооҕу «Үүнэр олох» колхозка бухгалтерынан үлэлии олордоҕуна, 1941 сыллаахха фашистскай Германия биһиги дойдубутугар саба түспүтэ. Дьон-сэргэ саҥа тэриллэн эрэр нус-хас олохторо аймаммыта. Биир дьиэ иһиттэн улахан убайа Ньукулайдыын (Отчут Ньукулай) Ийэ дойдуларын көмүскүү атырдьах ыйын 8 күнүгэр аатырар Хатыыстаах биэрэгин соҕуруу өттүнээҕи Улуу Сыһыы хонуутуттан аттаммыттара. Аҕалара 1940 сыллаахха өлбүтэ, кырдьаҕас ийэлэрин хаалларбыттара. Иккис убайа Көппүөс Ньукулай 1942 сыл Кыһыл Армияҕа барбыта уонна сэрии хонуутуттан эргиллибэтэҕэ. Бүөтүр Армияҕа ыҥырыллан, Чита куоракка байыаннай-тактическай үөрэтиини барбытын кэннэ, ахсынньы 9 күнүгэр Арҕаа фроҥҥа ыытыллыбыта, итиэннэ Харьков туһаайыытынан Купенка станция таһыгар ахсынньы 21 күнүттэн олунньу 11 күнүгэр диэри уоттаах сэрии ортотугар сылдьыбыта. Төбөтүгэр бастакы баас ылбыта. Воронежскай уобаласка госпитальга ыыппыттара, эмтэнэн баран сэриилэһэ иккиһин киирбитэ. Автоматчиктар роталарыгар түбэһэн харса-хабыра суох сэриилэспитэ. Дон өрүскэ буолбут тыҥааһыннаах киирсиигэ кыттар. Биһиги сэриилэрбит Дон өрүһү туораан, өстөөххө кимэн киириини оҥороллор, онно Петр Дьяконов өстөөҕү үүрүүгэ активнай кыттыыны ылар. Хас да нэһилиэнньэлээх пууннары, ол иһигэр тимир суол станцияларын босхолоһон, Миллерово куоракка тиийэр. Бу куорат анныгар разведкаҕа сылдьыһан, иккиһин баас ылар, аҥар хараҕыттан матар. Ахсынньы 31 күнүгэр диэри госпитальга эмтэнэр. Ити кэнниттэн рабочай батальоҥҥа түбэһэн, өстөөхтөртөн эмсэҕэлэммит бөһүөлэктэри чөлүгэр түһэриигэ кыттар. 1943 сыллаахха сэрии үгэннээн турдаҕына, тылланан фроҥҥа үсүһүн киирэр. Днепропетровскай, Криворожскай уобаластарынан сылдьан, 76-с артиллерийскай батареяҕа сулууспалыыр, өстөөҕү утары күөн көрсөр. Атын бырааттыы омуктар уолаттарын курдук, Петр Дьяконов баас ыллаҕын ахсын, өстөөххө абата-сатата, бааһырбыттары, өлбүттэри иэстэһэр санаата күүһүрэрэ. Сэрии буулдьата Сергеевка хутор иһин кыргыһыыга үсүһүн, сиһин таппыта. Эмиэ госпитальга сытан эмтэнэн баран, оһуобай тутар-монтажтыыр (ОСМЧ) чааска үлэлиир. Харьков куоракка научнай-чинчийэр институт корпустарын тутуһар. Кэлин Сумьскай, Брянскай уобаластарынан леспромхоз линиятынан үлэҕэ түбэһэр. Дойдутугар 1947 сыл алтынньы 11 күнүгэр, бу билиҥҥи саҥа тэриллибит «Көбөкөн» совхоз киинигэр - Харыйалаах бөһүөлэгэр кыайыы-хотуу аргыстаах, дьол-үөрүү үктэллэнэн тиийэн кэлэр. Аҕыйах күн сынньанаат идэтинэн үлэлии тахсар. «Коминтерн», М.К. Аммосов аатынан колхозтарга пенсияҕа тахсыар диэри бухгалтерынан үлэлиир. Нэһилиэгин, колхоһун социальнай-экономическай сайдыыларыгар кыһамньытын, үлэҕэ баай опытын биэрбитэ, сэриигэ буспут-хаппыт санаатынан салайтаран үлэлээбитэ. Петр Афанасьевич 1954 сылтан ССКП чилиэнэ, нэһилиэк Советыгар сэттэ төгүл народнай депутатынан талыллан, дьон-норуот итэҕэлин чиэстээхтик толорбута. Хас да төгүл олохтоох партийнай тэрилтэ секретарынан, сельсовет исполкомун председателин солбуйааччытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Петр Афанасьевич түөһүн Аҕа дойду Улуу сэриитин I уонна II степеннээх уордьаннара, үгүс бойобуой уонна юбилейнай мэтээллэр киэргэтэллэр.
Н. Ноговицын, сэрии, үлэ ветерана. Сэтинньи ый 17 к. "Ленин суола" хаһыат
|