РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

ХАҺАН ДА УМНУОХПУТ СУО5А

 

Убайбыт Яков Васильевич Шарапов 1918 сыллаахха (кэлин Калинин аатынан колхоз сиригэр-уотугар) Ходьохтой алааһыгар төрөөбүтэ. Ийэтэ Мария Ивановна, аҕата Василий Федорович — кэлин колхоз үлэһиттэрэ этилэр.

Дьаакып 1943 сыл сэтинньи 10 күнүгэр уоттаах сэриигэ барбыта, бастаан полковой стрелогунан, онтон минометчигынан сулууспалаабыта. Германияны үнтү сынньыыга, Японияны самнарыыга кыттыыны ылбыта. 1945 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Германияҕа баара. 1946 сыллаахха дойдутугар этэҥҥэ тыыннаах эргиллибитэ. Кэлээт да колхозка ордук техникаҕа, тутууга көлөһүнүн тохпута.

1952 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Дьокуускайга курска ыытыллыбыта. Механик-тракторист идэтин ылан, колхоһугар механиктаабыта. Ити иннинэ Намнааҕы МТС-ка СТЗ, ХТЗ трактордар тэһииннэрин туппута.

Кэлин сылларга наар мас ууһугар кубулуйбута. Арааманы онтон да атын мындыр оҥоһуктары илиитинэн кыһан, чочуйан, суоран, айан-тутан таһаарара. «Нам» совхозка пилорамаҕа пенсияҕа тахсыар дылы маастардаабыта.

Аҕа дойду Улуу сэриитин II степенэ орденнааҕа, элбэх медаллардааҕа, олор барылара, докумуоннара 1 Хомустаах музейыгар бар-дьон көрүүтүгэр тураллар.

Яков Васильевич 40-ча сааһыгар диэри кэргэн ылбакка, соҕотох, аймахтарын эҥэрдэһэн олорбута. 1962 сыллаахха дьоҕус дьиэ көҥдөйүн бэйэтэ оҥостубута. Быраатыгар Петр Егорович Протодьяконовка — биһиэхэ олорбута. Оччолорго сельсовет исполкомун председателэ этим.

Убайбыт олус сэмэй, аҕыйах саҥалаах, көнө, ыраас суобастаах. Сэриигэ геройдуу охсуспутун, өссө куораттары чөллөрүгэр түһэрсибитин туһунан хаһан да кэпсээбэт этэ. Үлэлиирин эрэ билэрэ. Радиололааҕа, ону истэрэ. 5x5 миэтэрэ иэннээх кып-кыра дьиэбитигэр, мас орон оҥостон, куухуна сыыспытыгар остуол кэннигэр утуйан турара. Оннооҕор хамнаһын ыллаҕына, бэйэтэ оҥорбут тумбатыгар уган, аһаҕастык тутара. Наһаа амараҕа. Бары олус таптыырбыт.

1963 сыл сааһыгар, муус устарга, убайбытын Уус-Алдан Баатаҕайыгар трактористыыр Мааппаҕа суорумньулаан, нэһиилэ «ээх» дэтэн, А.Ф. Охлопковтан хасыапка сыарҕа уларсан, оттон Н.П. Соловьев П-тан «Кылай» диэн ааттаах атын ылан, мин дьоммор «күүлэйдии» диэн албаһыран тахсыбыппыт. Ити иннинэ Дьаакыпка Мааппа хаартыскатын хаста-хаста көрдөрбүтүм буолла. Эдьиийим ааҕы кытта Мааппа дьиэтэ кэккэлэһэ. Эдьиийбинээн дьүөгэлиилэр. Ыраахтан ыалдьыт кэллэҕинэ, Мааппа, чугас оҕонньоттор биһиэхэ көтөн түһэн, чэйдэһэр, кэпсэтэр үгэстээхтэрэ. Туох да ыҥырыыта суох. Кэргэним кинилэргэ — күндү күтүөт.

Эдьиийбэр Бүөтүр убайа күүлэйдэһэ кэллэ диэбитим. Аһааһын, үөрүү-көтүү, кэпсэтии. Онтон тохтоон, Мааппаны илдьэ «таһырдьа тахсан хаамсыах» диэн ыҥырдым уонна туох баар уус тылбынан «ити Бүөтүр убайа Дьаакып түөрт уончалаах, сааһыгар ойох ыла илик, арыгыны олох ис­пэт, эйигин көрдөрө таһаардым» диэбиппэр эдьиийим Мааппа соһуйан, өлө сыспыта, кыбыстыбыта: «оо, дьэ аһыы олорон, ону-маны саҥардым быһыылаах» диэбитэ. Кэпсэтии, күлсүү, лабырҕаһыы.

Онтон дьэ хаайан-хаайан, аны сүүрбэччэ хонугунан, суол сабыллыан иннинэ «эһиэхэ кэлиэхпит, дьоҥҥун сэрэт, сүбэлэс» диэбиппин эдьиийим сөбүлэспитэ, сааһа 34-дэ этэ.Трактористыыра, дизельнэй электростанциянан уот биэрэрэ. Оччолортон баайара, өрөрө, быысапкалыыра. Билигин Марфа Иннокентьевна Новгородова — норуот маастара. Кырдьаҕас ииппит дьоно Лэгэнтэй уонна Матырыас бааллара. Оҕонньор балыктаан — мундуну сиэппит киһи.

Матырыас наар туоһунан иистэнэр, таҥас сыыһа буллаҕына, саахыматтаан тигэр. Миигин оҕонньордоох эмээхсин наһаа аһыналлар, кыра эрдэхпиттэн аһаталлар, сороҕор сиидэс ырбаахы тигэн кэтэрдэллэр. Матырыас, мин ийэм, 1945 сыллаахха өлбүтэ.

Онон дьэ, муус устар ортотугар Илья Делигрясов диэн оҕонньорум убайын, суоппар, Дьаакып быраатын суоппардатан, 4 тонналаах таһаҕас массыынанан Мааппаны ыла айаннаатыбыт. Мааппалаахха тохтообуппут, дьонум түннүгүнэн көрөн, эмиэ кэтэһэн олороллор. Ыалларбытын ыҥырбыттар, 20-чэ киһилээх чэйдээн, кыра көрсүһүү, билсиһии тэрийэн, хоммуппут. Дьаакып кыбыстан, миигин утуйарыгар дьоммор ыытымаары гыммыта, соҕотоҕун билбэт дьонугар хаалыан олох куттаммыта, нэһиилэ көҥүллээн, дьоммор тахсан утуйбутум.

Сарсыныгар Мааппабытын туга кэлиэй, тиэйэн, Кангалааһынан киирбиппит. Олох умнубап-пын, онно Кангалаас маҕаһыыныттан Дьаакып комод, сигиэйкэ саҕалаах истээх сону ылан биэрбитэ, оччолорго харчы, таҥас күндү этэ. Кып-кыра дьиэбитигэр бииргэ олорбуппут. Нам дьоно ол дьиэни билэллэр ини.

Ичигэс буоларын кытта дьиэлэрин иккиһин оҥостон, күһүнүгэр саҥа дьиэлэригэр көспүттэрэ, 1963 сыллаахха. 1963 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр ити ученай, Саха Академиятыгар үлэлиир кыыспын Мааппалыын мотоциклынан оҕонньорбунаан киирэн, куоракка төрөппүтүм. Улахан кыыспын Дьаакып наһаа таптыыра, үс саастааҕа. Оттон Галятын Марфа чопчу өйдөөбүтүн, куоракка мотоциклынан нэһиилэ киирэн, роддомҥа төрөөн кэбиспиппин. 1987 сыл күһүн Дьаакып улаханнык ыалдьан өлбүтэ. Мааппалыын олус эйэлээх, дьоллоох, үчүгэй дьиэлэри оҥостон, сүөһү-ас ииттэн олорбуттара. Оҕоломмотохторо, Айылҕа оннук анаатаҕа буолуо. Мин оҕолорбун көрсөр, көмөлөһөр этилэр. Дьаакып дьиэбин прорабтаан, 1972 сыллаахха тутуһан, араамаларын оҥорон биэрбитэ. Эдьиийим Марфа Иннокентьевналыын мэлдьи сылдьыһабыт, өйөһөбүт. «Эдьиий Мааппа, убаай Дьаакып» дэнэр буоллахтара дии. Марфа — норуот маастара. Н. X. Горохов эдьиий быыстапкатын көмүскээһиҥҥэ улахан үтүөлээх.

 

М. ПОПОВА

1