РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

ГВАРДИЯ МЛАДШАЙ СЕРЖАНА

 

Модут уола Михаил Колесов Намҥа райсовет исполкомун иһинэн байыаннай-учуотунай остуол начальнигынан уонна Якутскайдааҕы холбоһуктаах оройуоннай военкомат инспекторынан үлэлиирэ. Кини ити сылдьан сэриилэһэр армия кэккэтигэр ыыталларыгар көрдөспутэ. Араас инстанцияларга хаста да суруйбутун кэннэ, дьэ ыытар буолбуттара.

1942 с. бэс ыйын 26 күнүгэр төрөөбүт оройуонуттан аттаммыта. Челябинскай куоракка тиийэн полковой оскуолаҕа ылыллыбыта. Үөрэнэр кэмигэр коммунистическай партия чилиэнигэр кандидатынан ылбыттара.

Полковой оскуоланы бүтэрбитин кэннэ хайыһардаах 18-с десантнай биригээдэҕэ ыыппыттара. Кини онно отделение командира буолбута. 1943 сыл кулун тутар бүтэһигэр кини сулууспалыыр чааһа Новочеркасскай таһыгар тиийэн иккис гвардейскай армияҕа бэриллибитэ. Онтон ыла кинилэр биригээдэлэрэ төрдүс гвардейскай мотострелковай биригээдэҕэ кубулуйбута, Отделение командирынан сылдьан танканы утары охсуһар бөлөҕү салайарга үөрэммитэ.

Биирдэ гвардия младшай сержана М.Я. Колесов бастакы батальон иккис ротатыгар дьуһуурунайынан ананан турбута. Ол бириэмэҕэ генерал-лейтенант Я.Г. Крейзер чаастар байыаннай сэптэрин-сэбиргэллэрин хайдах туталларын көрө-истэ сылдьара. Ити күн киэһээҥи стройга турдахтарына сэрии сэбин уонна рота территориятын бэрээдэктээһини үчүгэйдик ыыппытын иһин дьуһуурунай Колесовка армия командующайа тылынан махтал биэрбитин туһунан эппиттэрэ. Младшай сержант Михаил Колесов кыырыктаах кыргыһыыга киириэн аҕай иннинэ санаата итинтэн улаханнык көтөҕүллүбүтэ.

От ыйын бастакы күннэригэр кинилэр чаастара фронт инники кирбиитигэр кэлбитэ уонна сотору сэриигэ киирбитэ. Бастакы күннэригэр Донбасс оройуонугар Дмитриевка диэн дэриэбинэ иһин хаан тохтуулаах кыргыһыыга өстөөҕү чугутууну ситиспиттэрэ. Ордук суостаах кыргыһыылар кэлин буолан испиттэрэ.

От ыйын 28 күнүгэр түүн хараҥаҕа үрэҕи туораан баран окуопа оҥостон сыппыттара. Халлаан сырдыыта кимэн киириини саҕалыахтаахтар этэ. Халлаан саҥа сырдаан эрдэҕинэ Степановка дэриэбинэ чугаһынааҕы үрдэли ылаары өстөөх элбэх ахсааннаах пехотата уонна танкалара тоҕу ааҥнаан киирэ сатаабыттара. Ити үрдэл иһин кыргыһыыга младшай сержант Колесов уонна кини отделениетын саллааттара хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кинилэр кэннилэриттэн биһиги танкаларбыт тоҕу анньан киирбиттэрэ уонна «Катюшалар» үлэлээн субуруппуттара. Сарсыарда 10 чаас саҕана биһиэннэрэ үрдэли босхолообуттара.

Ити кэнниттэн үрдэл анныгар баар Степановка дэриэбинэҕэ кимэн киирбиттэрэ. Бу сэриигэ Михаил Яковлевич Колесов ыараханнык бааһырбыта. Кинини санитарнай чаас булан хонуу госпиталыгар атаарбыта. Кэлин биһиги чаастарбыт Степановка дэриэбинэни ол күн босхолообуттарын туһунан истибитэ. Уһуннук эмтэнии кэнниттэн демобилизацняланан дойдутугар кэлбитэ.

 

Н. Петров

1