РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

СЭРИИГЭ КЫТТЫЫМ ТУҺУНАН

 

Мин 1921 сыллаахха Нам оройуонугар 11 Модут нэһилиэгэр дьаданы дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Нам 7 кьглаастаах ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэммитим. 1939 сьтллаахха оскуоланы бүтэрбитим. 1938 сылтан 1942сылга диэри комсомол чилиэнэ, онтон салгыы коммунистическай партия чилиэнигэр кандидатынан киирбитим. Ити сылларга ЫБСЛКС Намнааҕы райкомун штаты таһынан военнай отделын сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорбутум. Советскай Армия кэккэтигэр 1942 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр бэйэм тылланан ыҥырыллыахпар диэри Нам оройуонун райсоветын байыаннай учуотун остуолуи начальнигынан уонна Дьокуускай куораттааҕы военнай комиссариат инспекторынан үлэлээбитим. Оччотооҕута ити дуоһунаска дьону Саха Республикатын Министрдэрин Советынан ананыллара.

Мин Нам оройуонун киинин орто оскуолатыгар үөрэммиппин умнубаппын. Оччогооҕу учууталларбыттан бааллара Лазарев Григорий Алексеевич, Потапов Георгий Георгиевич, Горохов А.А. Кинилэр биһиги үөрэҕи билиибитигэр, олохпугугар таба суолу булуубутугар, Ийэ дойдубутун көмүскүүргэ бэриниилээх буоларбытыгар үгүс сыраларын уурбуттара.

Оскуола 1937 сылтан саҕалаан сэрии саҕаланыар диэри обороннай-маассабай үлэҕэ, үөрэнээччилэр эт-хаан өртүнэн сайдалларыгар анаан үгүс үлэни ыыппыта, оройуон атын оскуолалара онтон элбэх уопуту ылаллара. Оччотооҕуга оскуола ыытар обороннай-маассабай үлэтигэр кыттыыны ылбыппытган билигин астына саныыбын.

1937-1038 уоона 1938-1939 үөрэх сылларынааҕы үөрэнээччилэр ортолоругар тэриллибит Осоавиахим маннайгы сүһүөх тэрилтэтигэр председателинэн талыллан үлэлээбитим. Оскуола дирекцията, оройуоннааҕы Осоавиахим тэрилтэтэ оскуола 5-с, 6-с, 7-с кылаастарын оҕолорутар анаан элбэх кружоктары үлэлэппиттэрэ. Ворошиловскай ытыы, ПБХО, ГТО, ГСО кружоктара үлэлииллэрэ. ГСО кружогун оройуон кылаабынай враһа Потапов Александр Георгиевич, ПБХО кружогун Осоавиахим оройуоннааҕы Советын инструктора Александр Жирков (Ченэ) салайан ыыта;ыара. Кинилэр икки сыл устата хас эмэ уонунан ааҕьшлар знчкистары бэлэмнээбштэрэ. Бу үлэҕэ оскуола оччотооҕу директора Сабарайкин Михаил Кириллович уһулуччу болҕомтотун у>рара. Үөрэнээччилэр ити кружокка сылдьыылара кылаастар, комсомольскай уонна Осоавиахим маҥнайгы сүһүөх тэрилтэтин мунньахтарыгар куруутун дьүүлгэ туруортарара, оно оҕолор бары кэриэтэ сьшдьыылара ситиһиллэрэ.

1938 сыллаахха, саас үөрэх сьша бүтүүтүгэр, үгүс үөрэнээччилэр значокка туттаран үөрбүттэрэ. Олор истэригэр, мин өйдүүрбүнэн, 16 оҕо ПБХО, 11 оҕо ГСО значоктаммыттара. Ворошиловтыы ытыыга элбэх оҕо үөрэммитэ эрээри нуормата ыарахан буолан 6-7 эрэ оҕо туттарбыта. Ити кружоктар салгыы 1939, 1940, 1941, 1942 сылларга өссө күүһ үрэн ыытьншыбьптара. Ити сылларга значоктаах үөрэнээччилэртэн Иван Евсеев, Яков Колпашников, Иннокентий Сивцев, Василий Сивцев, Николай Соловьев, Николай Гаврильев, Григорий Москвитин, Игнатий Харитонов уонна да атыттар. Кыргыттартан Елеиа Попова, Анна Захарова, Александра Ощепкова, Анна Эверстова баалларын өйдүүбүн. Бу кружоктарга актыыбынай кьптыыны ылан, туттаран хас да значоктаах этим. Маҥнайгы сүһүөх тэрилтэ председателин быһыытынан кружоктар барыыларын тэрийсэн, кружоктары ыытааччыларга илдьит тириэрдэн элбэхтик сүүрбүтүм, оскуола директора Сабарайкин М.К. сорудаҕын чуолкайдык толорон иһэрим.

Нам ситэтэ суох орто оскуолата обороннай-спортивнай үлэтэ үрдүк таһымнаахтык сэрии иннинээҕи, сэрии бастакы сьшларыгар барбытыи туоһутунан «Колхоз сирдьитэ» оройуон хаһыатын инники ыстатыйатыгар тахсыбыга буолар. Онно маннык суруллубут: « Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбьптартан 5,1% орто үөрэхтээх, 77,7 % ситэтэ суох орто үөрэхтээх, 16,4% кыра үөрэхтээх дьоннор бааллар. Кинилэр ортолоругар уонунан ааҕыллар ворошиловтыы ытыы, салгыны уонна химияны утары охсуһуу, санитарнай оборонаҕа, үлэҕэ уонна оборонаҕа бэлэмнээх буолуу значоктаахтар бааллар. Ыҥырыллыбыттартан Осоавиахим оройуоннааҕы советыгар, байыаннай остуолга, редакцияҕа элбэх суруктар кэллитэр». Итиннэ Нам орто оскуолатын үлэтин түмүктэрэ көстөр.

Мин оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр ити этиллибит үлэлэргэ актыыбынайдык кыттыбытым оскуоланы б4тэрбитим кэннэ үлэни булан үлэлиирбэр улахаинык көмөлөспүтэ, райсоветка байыаннай-учуотунай остуол | сэбиэдиссэйинэн анаммытым. Үлэҕэ киирээппин кытта Осоавиахим оройуоннааҕы Совета миигин ПБХО штаты таһынан инструкторынан анаабыта. Онон 1939 сылтан сэриигэ барыахпар диэри түөрт сыл устата эбии үлэ быһыытынан эдбэх кружоктары салайан ыыппытым, элбэх киһи значок ылбыта. Ол туһунан 1942 сыллаахха саас Осоавиахим оройуонмааҕы советын председателэ Рехлясов Иннокентий Иннокентьевич «Колхоз сирдьитэ» хаһыакка суруйбута. Мин обороннай-маассабай үлэҕэ кыттыым Армияҕа сулууспалыырбар улаханнык көмөлөспүтэ.

Мин ахтан ааспытым курдук 1942 сыл тохсунньутугар Райпотребсоюзка үлэлиир Нога диэн урукку партизан киһилиин сэриигэ ыыталларыгар көрдөһүү сурук суруйбуппут. Онно «Эһиги суруккут эппиэтэ военкомакка ыытылынна, олохтоох военкомат бэйэтэ быһаарыа» дибиттэр этэ. Ити кэнниттэн военкомат миигин уонна ол Нога диэн киһини фронҥа барарбытын көҥүллээбитэ. Онон 1942 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр Армияҕа ыҥырыллыбыппыт.

Челябинскай куоракка тиийэн полковой оскуолаҕа үөрэммиппит. Полковой оскуоланы «боевой-политическай бэлэмнэниитэ үчүгэй» диэн сыаналаах, младшай сержант званиялаах бүтэрбитим. Ураллааҕы 21 военнай уокурук штабыгар миигин партияҕа кандидатынан ылбыттара. Челябинскайдааҕы 18 хайыһар десантнай биригээдэтигэр ыыппыттара уонна отделение командирынан анаабыттара. Бу биригээдэҕэ сырыттахпытына сэтинньи ыйга Сталинград фронугар атаарыллыы буолбуга, ол гынан баран аара суолга тардыллан Сталинград сэриитигэр биһиги сорох эрэ чаастарбыт кыттыбыттара. Итинтэн салгыы биһиги чааспыт Сатьскай оройуонунан, Роставынан, Таганорок таһыгар тиийэн тохтообута.Кулун тутар бүтүүтүгэр, муус устар саҥатыгар биһиги чааспыт Новочеркасскай таһыгар 2-с гвардейскай Армияҕа бэриллибитэ. Онон 1943 с§л муус устар саҥатыттан ылата 4-с мотосфлковай биригээдэ буолбута. Биһиги батальоммутугар, мин билэрбинэн, Сыроватскай диэн Уус-Аддан киһйтэ, 11-с, 111- с батальоннарга Сысолятин Николай Григорьевич, Москвитин Григорий Леонтьевич, Ядрихинскай Георгий Иосифович, Ядреев Алексей Михайлович, Марков Петр Афанасьевич, Михаил Бочкарев, Матвеев Матвей Яковлевич диэн бэйэм оройуонум дьонун көрсөн кэпсэтэр этим. Ити сэриигэ кимэн киириэх эрэ иннинэ этэ. Бу чааска мин уруккум курдук отделение командирынан сылдьыбьпым. 11-с гвардейскай Армия биһиэхэ-саҥа кэлбиттэргэ элбэх үөрэтиини ыыппыта. Холобур, мин отделение командирын таһынан танканы утары охсуһар бөлөҕү салайарга үөрэммитим.

Биһиги IV мотострелковай биригээдэбит командира полковник Кузнецов, корпус командира генерал К.В.Свиридов, Армия командующайынан генерал-лейтенант Яков Григорьевич Крейзер этилэр. Мин Армия командирын икки төгүл көрбүтүм. Бастаан бэс ыйын саггатыгар младшай командирдар үөрэхтэригэр сьшдьан. Онно кини мунньах диэн ааттаан биһиэхэ бэсиэдэ оҥорбута, младшай командирдар соруктарын, эбээһинэстэрин кэпсээбитэ. Младшай командир саллаатгары кытта куруук бииргэ сьшдьар, онон хас саллаат итэҕэс, үчүгэй өрүттэрин ордук билэр, ону туһанан саллааттары кытта үлэни эһиги тупсарыахтааххыт диэн сорук туруорбута.

Иккис түгэн. Бэс ыйын саҥатыгар 1 батальон 2-с ротатын дежурнайа буолан туран генерал-лейтенант Крейзер кэлбитэ. Бу сырыыга арыалдьыттарын кытта байыаниай чаастар сэптэрин-сэбиргэллэрин хайдах ууран туралларын көрбүттэрэ. Ити күн киэһээҥҥи саллааттар стройдааһыннарыгар Армия командующайын аатыттан ротаҕа баар сэби-сэбиргэли тутууну уонна территорияҕа бэрээдэҕи үчүгэйдик олохтообутум иһин тылынан ахтал тириэдибитин иһитиннэрбиттэрэ. Бу миэхэ үөрүүлээх чиэс этэ. Ити барыта кырыктаах кыргыһыы буолаары турар кэмигэр этэ.

От ыйын бастакы күннэригэр биһиги чааспыт фронт инники кирбиитигэр кэлбитэ уонна сотру от ыйын 17 күнүттэн кимэн киирии саҕаламмыта. Биһиги чааспыт сэрии бастакы күнүгэр Донбасс оройуонугар турар Дмитриевка диэн дэриэбинэни сэриилээн ылыыттан саҕалаан өстө(5х бөҕөргөтүүтүн үлтү сынньан барбыта. Дмитриевка дэриэбинэтин ьшыы иһин сэрии олус суостаах этэ. Ол кыргыһыы кэнниттэн дэриэбинэ иһигэр буруоттан киһи тумнаста сыһара, ол курдук өстөөхтөр дэриэбинэни уоттаан куоппуттара.

Ити дэриэбинэни ылыы кэнниттэн хас да күн буолан баран үрэххэ кэлбиппит. Үрэх унуор-маҥаар сэрии буолбута. Үрэх уҥуор сэриинэн кимэн киирэн туораабыппыт. Өстөөх иккис бөргөтүүтүн үнтү охсон трашея биһиэнэ буолбута. Ордук дьулаан кыргыһыы от ыйын 29 күнүгэр Дмитриевка дэриэбинэ иһин охсуһууга буолбуга. Ити иннинээҕи түүн Миус диэн өрүһү туораан хараҥаны туһанан аппаны дабайан иһэн окуопа хастан кирийэн сыппыппыт. Сарсыарда кимэн киириэххит диэн сэрэппиттэрэ. Сүрүн сорук быһыытынан биһигиттэн уҥа диэки 2-3 км. сиргэ турар үрдэли өстөөхтөртөн босхолооһун диэбиттэрэ. Халлаан сырдыыта бэрт элбэх пехота уонна танкалар үрдэлгэ кимэн киирбиҥэрэ да үрдэли кыайан ылбакка төтторү барбыттара. Онтон биһиги чааспыт гвардейскай минометтара («Катюшалар) үрдээһини ытыалаан субуруппуттара. Онтон биһиэхэ кимэн киирин диэн приказ кэлбитэ. Биһиги иннибит хоту траншеяҕа сытар өстөөхтөр утарсыыларын үлтүрүтэ-үлтүрүтэ траншея устун кимэн киирэн испиппит. Биһиги бастакы батальоммут уҥа өртүгэр биһиги ротабыт түбэспитэ. Онтон рота уҥа өртүгэр мин командалыып отделением баар этэ. Онон траншея уҥа өртүнээҕи өстөөхтөрү суох оҥортоон үрдэлгэ биһиги уруг тиийбигшит. Үрдэл босхоломмутун туһунан мин ротам командирыга дакылааттаабытым, кини батальон командира капитан Бароменкоҕа биллэриэх буолбута. Үрдээһини күнүс 10 чаас саҕана босхолообуппут. Ол кэннэ траншея иһигэр сынньана түспүппүт. Өстөөхтөр үрдэли төттөрү ылаары хаста да кимэн киирэ сатаабыттара кыаттарбатаҕа, төттөрү охсон испиппит. Ити сэриигэ биһиги элбэх киһибит елбүтэ. Мин биир дойдулааҕым Ядреев Алексей Михайлович ПТР-нан танкалары утары ытыалаһа сытгаҕына снаряд оскуолката хаҥас илиитин быһа көтөн ааспыта. Мин кинини санитарнай часка атаарсыбытым.

Өстөөх икки төгүл бомбалаабыта. Үрдэл чугаһынааҕы дэриэбинэ иһин охсуһуу олус кыырыктаах буолбута. Биһиги чааспыт 5-с Ударнай гвардейскай Армия чаастарын кытта дэриэбинэҕэ кимэн киирбиппит. Сир-халлаан силлиһэр будулҕанын ортотугар харса суох ытыалаһа иннибит диэки дьулуһан истэпинэ икки атахпын тэҥҥэ снаряд оскуолкалара дьөлө көтөн ыараханнык бааһырдым. Санчаастар булан хону госпиталыгар туттарбыттара. Кэнники истибитим ол үрдэлбит «Согур-магила» диэн эбит. Ол наҕараадаҕа түһэриэх буолбуг ротабыт командирын араспаанньатын билигин да билбэппин. Сэриигэ киириэхпит эрэ иннинэ ананан кэлбитэ, онтон бааһыран ханна тиийбитэ биллибэт буолбуга. Ити бааһырыыбынан Шахта, Соройга, Саратов, Перм куораттар госпиталларыгар көһөрүллэ сылдьан эмтэммитим. Баастарым үтүөрбэккэ икки атахтарым сүүлэ иһэн барбыттара, икки атаххын быһабыт диэбиттэрэ. Икки атаҕа суох дойдубар тиийиэхпин баҕарбатаҕым, онно тиийэн киһи буолбаппын дии санаан аккаастаммытым. Мин дьолбор биир эдэр хирурт сүүлэ иһэн хаалбыт атахтарбын хайыта тардан кэбиспитэ, ириҥэлээх хаан бөҕө тохтубута. Ону күн аайы ыраастаан атахтарым устунан оһон барбыттара. Госпиталларга барыта 8 ый эмтэммитим кэннэ инбэлииккэ таһааран дойдубар ыыппыттара. №2557 Молотов аатынан куорат эвакогоспитала маннык справканы биэрбитэ. «Младший сержант, командир отделения 4 гвардейской мото-механизированной бригады Колесов Михаил Яковлевич находился на излечении в эвакогоспитале №2557 г. Молотова с 19 августа 1943 г. по 5 января 1944 года по поводу ранения в правом голеностопном суставе после сквозного осколочного ранения мягких тканей правой голени и левой малоберцовой кости. Ранение связано с пребыванием на фронте». Итинник справкалаах, сэрии инвалида буолан дойдубар утаарыллыбытым.

Дойдубун 1944 сыл кулун тутар 10 күнүгэр булбугум. Кэлэн оройуон типографиятын директорынан, 1948 сыл тохсунньу ыйыттан Саха АССР Министрдэрин иһинээҕи радиокомитет Намнааҕы уполномочейынан, «Колхоз сирдьитэ хаһыат литературнай үлэһитинэн үлэлээбитим. 1951-1954 сылларга Дьокуускайдааҕы партийнай оскуолаҕа үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрэн 1955 сыл тохсунньутугар диэри «Колхоз сирдьитэ» хаһыат эппиэттиир секретарынан үлэлээбитим. Ити кэнниттэн колхоз парткомун секретарынан, партия райкомун инструкторынан барыта партийнай үлэҕэ 26 сыл 9 ый үлэлээбитим, салгыы Райсовет исполкомун уопсай отделын сэбиэдиссэйинэн 1981 сылтан 1985 сылга диэри үлэлээбитим, онтон пенсияҕа тахсан үлэлээн бүтүөхпэр диэри райсоветка коменданнаабытым.

Пенсияҕа да олордорбун общественнай үлэттэн туора турбаппын, улуустааҕы ветераннар советтарын сорудаҕынан эдэр ыччат ортотугар элбэх көрсүһүүлэргэ сылдьабын. Кыайыы 60 сыллаах үбүлүөйүгэр Москва куоракка Кыһыл Болуоссакка буолбут парадка кыттар чиэскэ тиксибитим. Москваҕа элбэх фронтовиктары кытта көрсүбүтүм, араас экскурцияларга, приемҥа сырытыннарбыттара умнуллубат өйдөбүл буолар. Билигин 87 сааспын туоллум, атахтарым дъарҕалара ыалдьан хаамарбар эрэйдэнэбин. Кыайыы 65 сыллаах үбүлүөйүн этэҥҥэ көрсөргө кыһаллабын.

 

Сэрии ветерана Михаил Колесов.

2008 с.

1