РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

КИЭН ТУТТА КЭПСИИР КЭММИТ

 Кини бэйэтин кэмигэр Нам оройуонун биир ча±ылхай бэрэстэбиитэлинэн буолара. ЭІсиэли хочотугар 1925 с. тіріін, о±о сааґа, пионер, комсомол, коммунист бары этаптарын ааґан, сэрии са±ана илиитигэр саа-саадах тутан Ийэ дойдутун хорсуннук көмүскээбитэ. Бэйэтин үтµі холобурунан Кыайыыны түстэспит Советскай Армия гвардиятын капитаныгар тиийэ үүммүтэ. Кыргыс хонуутугар хорсуннук сэриилэспит биир дойдулаахпыт о±о сааһа хайдах ааспытын чуолкайдык билбэтэрбин да±аны, чахчы бэйэтин кэмигэр атыттартан хаалсыбатах буолуохтаах дии саныыбын.

Мин кинини А±а дойду сэриитин кэнниттэн Нам оройуонугар кэлэн үлэлии-хамсыы сырытта±ына билсибитим. Кинини 1949 сылтан са±алаан тиһэх күнүгэр дылы билэбин. Кирсан Яковлевич ыччаты, оскуола о±отун иитиигэ үгүс сыратын биэрэн үлэлээбитэ. Өр сылларга пионерскай, комсомольскай үлэлэргэ биһиги оройуоммутугар холобур буолар салайааччы, тэрийээччи, бэйэтин холобурунан оччотоо±у оскуола пионерскай, комсомольскай салайааччыларын иитиспит киһинэн ааттанара сөптөөх. Кини өр сылларга Нам 8 кылаастаах оскуолатыгар директорынан, кэлин Граф Биэрэгэр 2 №-дээх ОПТУ-га үлэлээбит сылларыгар, салайааччы быһыытынан ирдэбиллээ±ин, тэрийэр дьо±урдаа±ын, үлэтигэр кыһамньылаа±ын уонна саталлаа±ын көрдөрбүтэ.

Оскуола±а үлэлиир сылларыгар үөрэнээччилэр эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар оччотоо±у кэм о±ону иитиигэ-үөрэтиигэ саІа ньымаларын туһанан үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ. Кини салайар оскуолатыгар ыарыһах о±о суо±ун кэриэтэ этэ. ОройуоІІа, республика±а ыытыллар спортивнай күрэхтэһиилэргэ бэйэтин бөлөҕөр өрүү инники сылдьара. Үөрэнээччилэр ортолоругар предметтэринэн куруһуоктар, спортивнай секциялар бьшааннаахтык үлэлээбиттэрэ. Предметинэн олимпиадаларга, уус-уран самодеятельноска оскуола үөрэнээччилэрэ билиилэринэн-көрүүлэринэн, дьоҕурдарынан, үчүгэй бэлэмнэринэн үрдүктүк сыаналаналлара. Кини салайааччы бы­һыытынан учууталларыгар, үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ аҕалыы кыһамньылаахтык сыһыаннаһара. Кирсан Яковлевич ыраас дууһалаах, үрдүк культуралаах, саҥаны дьонугар-сэргэтигэр тиэрдэр үгүс идеялардаах буолара. Ол курдук ыччат инники кэскилин өйдөөн үгүстүк туруорсан пионердар лааҕырдарын Эбэ сайылыгын бэс чагдатыгар тутуутун саҕалаабытын үөһэттэн өйөбүл суоҕунан олоххо кыайан киирбэтэҕэ. Бэйэтин кэмигэр атын сирдэргэ толкуйдана да илик көтөр иитэр ферматын ааҕан-суоттаан Нам оройуонугар аан бастаан үлэлэппитэ. Оччотооҕу тиийиммэт-түгэммэт, үп-харчы кырыымчык, транспорт, тутуу матырыйаала, уот-күөс, станция суох кэмигэр улахан тутууну ыытан, ферманы үлэлэппитэ хорсун быһыынан сыаналаныан сөп.

К.Я. Колпашников итэҕэһи-быһаҕаһы кытта эйэлэспэт кытаанах санаалаах. Наада буоллаҕына партия, оройуон да салалтатын сыыһатын-халтытын аһаҕастык кириитикэлиир, сүбэлиир-амалыыр тылларын элбэхтик истибитим.

Ытыктыыр киһибит, улуус экономическай сайдыытыгар, ыччаты, дьону-сэргэни иитиигэ үгүс кылаатын киллэрбит, Аҕа дойду Улуу сэриитин актыыбынай кыттыылааҕа К.Я. Колпашников олоҕун кини оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Үтүө киһи олорон ааспыт олоҕо үүнэр ыччакка өрүү холобур буолуоҕа.

 

С.Г. Кириллин, Нам с

1