РУБРИКАТОР
|
|||
ДЬОР5ООТ ТЭРГЭН ТОЙОНО БАСТЫН АРТИЛЛЕРИСТ
Мин аҕам Кирсан Яковлевич Колпашников 1922 сыллаахха Хатыҥ Арыыга төрөөбүтэ. Ол сыл ийэтэ өлөн тулаайах хаалбыта. 8 саастааҕар Хатыҥ Арыы начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Онтон 7 кылааһы Нам кииннэммит оскуолатын сатыы сылдьан үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол саҕанааҕы тиийиммэт-түгэммэт кэмнэргэ санаатын ситиһэригэр үөрэххэ баҕалаах буолан оскуоланы б үтэрбитэ. 1941-42 сс. Хачыкаакка суол тутуутугар комсомол райкомун сорудаҕын үлэлии барбыта. Ити суг сылларга олус ыарахан үлэ этэ. Аҥардас кинини кытта барсыбыттартан түөрт эрэ киһи тыыннаах төннүбүтэ. 1942 с. аҕабын Ийэ дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырбытгара. Бастаан Уралта, Чебаркуль стаиция таһыгар, маршевай ротаҕа үөрэммитэ. Онтон кинини ручной пулемет бастакы нүөмэрин, бойобуой уонна политическай бэлэмнэнии туйгунун, бэргэн ытааччыны, Коломнаҕа артиллерийскай полковой оскуолаҕа ыыппьптара. Бүтэрээт 1943 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр Брянскай арҕаа өттүнэн Белоруссия кыраныыссатыгар фрошга барбыта. Сержант Колпашников орудиета бэргэнник ытарын, команданы түргэнник, чуолкайдык толорорун полк .1 №-дээх орудиетын аатын ылар. Онно кини дивизион комсорунан үлэлиир. Кирсан Яковлевич үгүс хаан тохтуулаах, хабараан кыргыһыыларга Кричев, Могилев, Желобин, Добруш, Гомель, Речица, Колинковичи, Мозырь, Рогачев куораттары, Белоруссия уонунан ааҕыллар дэриэбинэлэрин босхолоспута. Онно кини сулууспалыыр кьшаабынай командование 22 №-дээх резервэтын оһуобай, тоҕо көтөр дивизията личнэй састаабын улахан аҥарын, элбэх техникатын сүтэрэн биир ыйдаах сынньалаҥҥа таһаарыллыбыта. Ити, дьиҥэр, сынньалаҥ да буолбатах, алдьаммыт-кээһэммит техниканы өрөмүоннээһин, саҥанан ситэринии уонна үөрэтии этэ. Бэс ыйын саҥатыгар дивизия эмиэ кыргыһыыга киирбитэ. Бобруйскай куораты босхолоон, кини арҕаалыы-хоту өттүгэр өстөөҕү үлтү сынньыы операциятыгар кыттыбыта. Онно маннык түбэлтэ тахсыбыта. Кирсан Колпашников сулууспалыыр 278-с Могилевскай Суворов, Кутузов орденнардаах гаубичнай артиллерийскай полката төгүрүктэммит өстөөх мүччү көтөн тахсарга дьулуһар учаастагар туруоруллубута. Сарсыарда халлаан саҥа бороҥуйан. эрдэҕинэ, өстөөх танкаларынан, бронетранспортердарынан уонна артиллерия уотунан саптан тоҕо көтөргө дьулуспута. Хас орудие расчетуттан аҥарын ылан ударнай-стрелковаи, бронебойнай бөлөхтөрү эрдэттэн тэрийбиттэрэ. Мин аҕам орудиетыгар хаалбыта. Кини дьоно шоссе кытыытыгар саамай эппиэттээх сиргэ тохтообуттара. Икки өттүтгэн сир-халлаан сиҥнэр ытыалаһыыта саҕаламмыта. Өстөөх сүрүн күүһэ шоссе туһайыытынан киирбитэ. Биһиги артиллериябыт прямой наводканан уоту аһар. Өр-өтөр буолбат, өстөөх танкалара табыллан өһөхтөөх хара буорунан өрүтэ уһуутууллар. Колпашников орудиета биир танканы, биир бронетранспортеру уматар. Фашистар күүстээх уоту көрсөн чугуйарга күһэллэллэр. Кыргыһыы хонуута хоруо буолбут өстөөх танкаларынан, уу ньамаҕын курдук өҥнөөх таҥастаах өстөөх саллааттарын, офицердарын өлүктэринэн туолар. Өстөөх күүһэ өһүллүбүтүн билэн, бойобуой бөлөхтөргө кимэн киирэргэ бирикээс кэлэр. 278-с артшьтерийскай полк дьоно 50-тэн тахса өстөөх саллаатгарын уонна офицердарын билиэн ылаллар. Ити кыргыһыыга Кирсан Колпашников «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадаламмыта. 1944 сыл от ыйын 28 күнүгэр Брестскэй кириэппэһи босхолооһун уоттаах кыргыһыытыгар активнайдык кыттыбыта. 1945 сыл тохсунньу 16 күнүгэр Висла өрүс биэрэгэр турар Варшава куораты босхолоспута. Ити кыргыһыы түмүгэр «За вэятие Варшавы» медалынан наҕараадаламмыта. Кини Прага куораты босхолооһун кыырыктаах охсуһуутугар кыггыбыта. Висла өрүһү туораан Сохачев, Скерневице, Лович диэн Полына куораттарын ылсыспыта. Познань илин өттүнэн эргийэн, хоту Германия кыраныыссатыгар тиийбиттэрэ. Онно бастакынан Шнейдемюль куораты ылбыттара. Өстөөх территориятыгар кимэн киириилээх сэрии саҕаламмыта. Ити кэнниттэн Штутгарт, Наугард, Польниц, Альтдамм куораттары, Штеттин диэн сир анныгар тиийэ бөҕөргөтүммүт кириэппэһи ылыыга кыттыбыта. Онтон Одердааҕы Франкфурт куорат туһаайыытыгар кэлбиттэрэ. Ь1й аҥардаах бэлэмнэнии кэнниттэн 1945 сыл муус устар 1 күнүгэр Советскай армия Балтикаттан Судет хайаларыгар дылы 25 көс сиргэ тайаан сытар фронт устатын тухары генеральнай, бүтэһиктээх кимэн киириигэ туруммута. Кимэн киирии саҕаланнаҕын күн өстөөх саһыарбыт икки ДОТ-а өрүһү туоруур кыаҕы биэрбэтин, үгүс хоромньуну таһаарбытын туһунан биллэрии кэлбитэ. ДОТ-тары суох оҥоруу соруга 278-с артиллерийскай полкаҕа сүктэриллибитэ. Командир бэргэн артиллерист Кирсан Колпашников орудиетын прямой наводканан бөҕөргөтүнүүнү ытарыгар бирикээстээбитэ. Кирсан Колпашников күнүһүн кэтээн көрөр пууҥҥа кэлэн ДОТ-тар ханан баалларын бэлиэтии кербүтэ. Ханан биллибэккэ чугас киирэр сири үөрэппитэ. Борук-сорук буолууга орудиеларын состорон аҕаланнар инники кирбии кэтэҕэр тохтоппуттара. 5 бронебойнай снарядтаах орудиены тыаһа суох илиилэринэн үтэн киллэрэн, ДОТ көстөр сиригэр туруорбуттара. Бэрт суһаллык бэлэмнэнэ охсоот, уоту аспыттара. Иккис снаряд ДОТ-ка түһэн уот чаҕылыйбытыгар, үсүһүн ытан эмиэ таппыттара. Ити кэнниттэн тиэтэлинэн орудиеларын төттөрү состорбуттара. Кинилэр 70-ча метр сири тэйэллэрин кытта өстөөх снарядтара орудие турбут сиригэр түһэннэр дэлбэритэ ыстаммыттара. Ити курдук иккис ДОТ эмиэ суох оҥоһуллубута. Ити түүн биһиги пехотабыт уҥуоргу биэрэккэ этэҥҥэ туораабыта. Ити кэмтэн ыла өстөөх арҕаҕар — Берлиҥҥэ кимэн киирии саҕаламмыта. Кирсан Колпашников орудиета муус устар 20 күнүгэр Берлиҥҥэ маҥнайгы ытыыны оҥорбута. Ыам ыйын 2 күнүгэр Берлин кытыытыгар кэлбиттэрии кэннэ Кирсан Колпашниковка малын-салын хомунан, полк штабыгар кэлэритэр бирикээстииллэр. Онно кини байыаннай училищеҕа барарын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Айаннаан иһэн Польшаҕа Остров куоракка хараҕа ыалдьан госпитальга киирбитэ. Ый аҥара эмтэнэн баран I Украинскай фронт 203-с гвардейскай артиллерийскай полкатыгар түбэсгштэ. Полк Чехословакияҕа Прага куорат арҕаа өщтэр турара. Онтон биир сыл устата оккупациялыыр сэриилэргэ кыттыбыта. Манна кини орудие командирынан, дивизион, кэлин полк комсорунан үлэлиир. Кини дойдугугар 1946 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр эргиллибитэ. Армияттан кэлээт биир сыл Партизан оскуолатыгар үлэлээбитэ. Онтон ЫБСЛКС Намнааҕы райкомун I секретарынан, Бөтүҥ оскуолатын директорынан, ССКП Намнааҕы райкомун аппаратыгар үлэлээбитэ. 1965-66 сылларга Модуг 8 кылаастаах оскуолатын директора. 1968 сыллаахха Нам 8 кылаастаах оскуолатыгар директорынан анаммыта уонна үлэлии сылдьан 1974 сыллаахха ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Кирсан Яковлевич үтүө майгытынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэһинэн дьонун-сэргэтин ытыктабылын ылбыта. Кини биһиги олохпут чэчирии сайдарын туһугар бары күүһүн-уоҕун, өйүн-санаатын биэрбитэ.
А. Васильева, Намнааҕы УПК учуутала
|