РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

УЧУУТАЛ — БУОЙУН

 

1942 сыл күһүнүгэр Кыһыл Дэриэбинэ уола Кирсан Яковлевич Колпашников дойду көмүскэлигэр ыҥырыллар. Бастаан Уралга Чебаркуль станцйя таһыгар маршевой ротаҕа үөрэнэр. Бэргэн ытааччы Коломнаҕа артиллерийскай полковой оскуолаҕа ыытыллар. Бүтэрээт 1943 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр Брянскай арҕаа өттүнэн Белоруссия кыраныыссатыгар фроҥҥа киирэр.

Дивизия комсора сержант Колпашников орудиета бэргэнник ытарын, команданы чуолкайдык, түргэнник толорорун иһин полк 1-й нүөмэрдээх орудиетын аатын ылар.Ити кыһын Могилев, Жлобин. Добруш, Гомель, Речица, Калинковичи, Мозырь, Рогачев куораттары, Белоруссия уонунан ааҕыллар дэриэбинэлэрин босхолоһор. Онно кини сулууспалыыр 22 №-дээх кылаабынай командование резервэтин оһуобай, тоҕу көтөр дивизията личнэй састаабын улахан аҥарын, элбэх техникатын сүтэрэн, техникатын ситэринэр, өрөмүөннэнэр биир ый сынньалаҥҥа таһаарыллар.

Бэс ыйын саҥатыгар дивизия эмиэ кыргыһыыга киирэр. Бобруйск куораты босхолоон, кини арҕаалыы-хоту өттүгэр өстөөҕү үлтү сынньыы опера­циятыгар кыттар, онтон биир түгэн.

Суворов, Кутузов орденнардаах гаубичнай Могилевскай аат. 278-с полк төгүрүктэммит өстөөх мүччү көтөн тахсарга дьулуһар учаастагар туруоруллар. Кыргыһыы сарсыарда, халлаан бороҥсуйан эрдэҕинэ саҕаланар. Өстөөх танкаларынан, бронетранспортердарынан артиллерия уотунан саптан тоҕу көтөргө дьулуһар.

Шоссе кытыытыгар турбут Колпашников орудиета биир танканы, биир бронетранспортеру уматар. Фашистар күүстээх уоту көрсөн чугуйаллар.

Ити кыргыһыыга коммунист Колпашников К.Я. «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадаланар. Араас мүччүргэннээх, үгүс эрэйдээх фронт уһун суола Минскэй куораты арыый соҕуруу өттүнэн, Слуцкай, Барановичи, Ружаны, Пружаны куораттарынан, элбэх дэриэбинэлэринэн ааһар.

1944 сыл от ыйын 28 күнүгэр аатырбыт, билигин Герой-куорат, Брестскэй кириэппэһи босхолоһор. Онон Белоруссия бүтүннүүтэ немецкэй-фашистскай халабардьыттартан ыраастанар. Саллааттар, офицердар өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар үлтү сынньарга андаҕайаллар.

К. Колпашников 1945 сыл тохсун-ньу 16 күнүгэр Варшава соҕуруу өттүнэн Висла өрүс арҕаа биэрэгэр өстеөх куүстээх оборонатын тоҕу солоон биһиги чаастарбыт өрүс уҥуор тахсалларыгар суолу солоһор. Сохачев, Скерневице, Лович диэн Польша куораттарын ылсыһар уонна Познань илин өттүнэн эргийэн, хоту Германия кыраныыссатыгар тиийсэр. Өһү-сааһы ситиһии Шнейдемюль куораты ылыынан саҕаланар.

Ити кэнниттэн Штаргард, Наугард, Польниц, Альтдамм куораттары, Штеттинг диэн сир анныгар тиийэ бөҕөргөтүллүбүт кириэппэһи ылыыга кыттар. Онтон Одердааҕы Франкфурт куорат туһаайыытыгар кэлэллэр.

Ый аҥардаах бэлэмнэнии кэнниттэн 1945 сыл муус устар 1 күнүгэр Советскай Армия Балтикаттан Судет хайаларыгар дылы 25 көс кэтиттээх тайаан сытар фронт генеральнай бүтэһиктээх кимэн киириигэ турунар.

Москва бириэмэтинэн сарсыарда 3 чааска «катюша» сигналынан уонунан тыһыынча орудиелар этиҥнии ньирилииллэр.

Өстөөх арҕаҕар Берлиҥҥэ кимэн киирии саҕаланар. К. Колпашников полката Берлиҥҥэ турар Шпрее өрүһүн батыһар. Муус устар 20 күнүгэр снарядтарга «По Берлину»,«По Гитлеру» диэн суруйа-суруйа ыталлар. Берлиҥҥэ тиийиилэригэр кини орудиетын уоһугар 19 сулус ойууланар. Ол аата орудие өстөөх 19 артиллерийскай орудиеларын, ДОТ-та-рын, ДЗОТ-рын, блиндажтарын самнарбыт бэлиэтэ.

Ыам ыйын 1 күнэ буолар түүнүгэр кинини байыаннай училищеҕа ыыталлар. Айаннаан иһэн Полынаҕа Островец куоракка хараҕынан баспалыанньалаан госпиталга киирэр. Онно ый аҥара эмтэнэн баран, I Украинскай фронт 203 гвардейскай артиллерийскай полкатыгар түбэһэр. Полк Чехословакияҕа Прага куорат арҕаа өттүгэр турара. Онтон Австрияҕа биир сыл устата оккупационнай сэриилэргэ сылдьар.

Кирсан Яковлевич 1946 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр дойдутугар кэлбитэ.

 

И. Петров

1