РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

ХАҺАН ОА ТӨЛӨММӨТ ИЭС

 

Уоттаах сэрии... адьырҕалары кытта хабыр-хапсыһыы... Хайдахтаах курдук сүдү кутурҕан сыллар ааспыттарый! Төһөлөөх өлүүнү-сүтүүнү, эрэйи-муҥу, ааспат абарыыны-сатарыыны көрсүбүттэрэ буолуой! Ол көлүөнэ дьоно ыарахан да кэмнэр кэрдиистэрин аһараахтаабыттарын биһиги билиниэх тустаахпыт уонна кэлэр көлүөнэҕэ маннык хатыламматын туһугар тириэрдэр ытык иэспит.

Мин бэйэм аҕам бу уоттаах сэриигэ 19 сааһын туолаат аттаммыта. Кини бастаан комсомольскай этэрээт биригэдьииринэн Качикат суолун солооһунугар үлэлээбитэ. Ол сут сылларга олус сыралҕаннаах уонна илистиилээх үлэттэн аччыктаан, хоргуйан дьон бөҕөтө өлүтэлээбиттэр, ханна да илдьибэккэ, суол кытыытыгар көмөллөр үһү.

Сэриигэ сылдьан улаханнык доруобуйата эчэммит буолан, кини бу күн сириттэн, эмискэ баалатан ыалдьан, баара-суоҕа 51 сааһыгар туораабыта. Мин ол саҕана, оҕотоойук киһи, тугу улаханнык өйдүөмүй, ахсарбат, улахаҥҥа да уурбат этим... Кэлин, суох буолбутун кэннэ дьон кэпсээниттэн, ахтыы суруйууларыттан истэн дьэ туоһулаһар буолбутум.

Бэйэм өйдүүрбүттэн кэпсээтэххэ: кыра, сылдьан утуйа сытан, аҕам хаһыытыттан: «Батарея, огонь!», «Фашист, гад!» - диириттэн эмискэ уһуктан кэлэрим. Ол оҕотук төбөбөр фонарик батареятын саныырым, онтон «фашист» диэни чуолкайдык «бу өлөрүөхсүт» - диэн өйдүүрүм, биллэн туран, быһаарбыт буолуохтаах. Бу билигин санаатахха, төһөлөөх кытаанахтык киһи өйүгэр-санаатыгар, психикатыгар иҥэн хааларын... Сэрии туһунан элбэҕи кэпсиирэ да, кыыс буоламмын интэриэһиргээбэт этим. Сыралҕаннах сырыыларыттан өйдөөн хаалбытым маннык түгэннэри: «Артиллерист куруутун фронт линиятын инники кирбиитигэр сылдьар, кини сатабылыттан кимэн киирии тутулуктаах, онон үрдүк ирдэбилгэ эппиэттиир хаачыстыбалаах буолары эрэйэр, ол курдук: мындыр, түргэн, өйдөөх туттуулаах, кыраҕы харахтаах снайпер уонна хас биирдии хамсаныыҥ түргэн, чопчу туһаайыылаах буолуохтаах, түтүмнэнэр сатаммат. Холобура, уһааран ытыыҥ кэмигэр айаххын аспатаххына, контузияланан дьүлэй хаалыаххын сөп эбэтэр ытаат да түргэнник тэрилгин ыраах тэйиппэтэххинэ, эйигин өстөөх ыппыт суолгунан сонордоон булан төттөрү бэйэҕин уотунан көмүө! Күүс-күдэх эмиэ наада, үксүн бааһырбыт доҕоргун орудиеҕар сытыаран баран соһорго, онно сындаа былчыҥ эрэ буолбакка, күүстээх дьаныар, төлөрүйбэт санаа күүһэ наада. Элбэх сүрэх, сэрэнии көрдөбүлүн толордоххуна, биирдэ ордоҕун диирэ. Ол курдук, сүрэҕэлдьээн эбэтэр кимиэхэ эмит сэлээннээн саппаас ботуруоҥҥун көрүммэтэххинэ, былдьанаҕын». Кини саппыкытыттан бэргэһэтигэр тиийэ ботуруонунан симинэрэ үһү, онон, биирдэ естөөх эргиириттэн туораабыттар, өскөтүн онно көрүммэтэҕэ буоллар, билиэн түбэһэн эбэтэр өлбүт буолуо этэ. Өссө баар тэргэҥҥин (артиллерияҕын) өстөөххө хаалларан барыа суохтааххын, кинилиин тэҥҥэ симэлийиэхтээххин... Бу да түгэҥҥэ тэргэнин бэйэтинээҕэр үрдүктүк тутара. «Белоруссия олус сииктээх, бадараан, кута дойдута этэ, онно үксүн тимирбэтин диэн маһы-талаҕы тэлгээн баран уочаратынан бадараантан уйдаран санныбытыгар көтөҕөн түүнү туоруурбут. Бэлэм суолунан сылдьыы суох кэриэтэ этэ. «Утуйдуҥ, сынньанныҥ дуо?» диэн ыйытыахтара баара дуо, сарсыарда бастакы күн уотун кытта кинилэр сэриилэһэр уоттара саҕаланара». Сороҕор соҕотоҕун да тэрилин соһоро үһү, тоҕо диэтэххэ орудие хаалыан кэриэтэ бэйэтиниин бииргэ симэлитиэхтээх бирикээс бэриллэр эбит. Ити сииктээх дойдуттан сылтаан кэлин уҥуохтара ыалдьара, оччоҕо «Белоруссиям дулҕаларын санаатахпына, ол сордонуу-муҥнаныы илгийэтэ ити ытырбахтыыр ыарыыны судургутук устара» - диирэ.

Аҕабын 1942 с. Ийэ дойдуну көмүскүүр сэриигэ бастаан 1-Белорусскай фронун 20326 гаубичнай артиллерия полкатыгар, кэлин 1-Украинскай фронт 203 гвардейскай полкаҕа сулууспалаабыта. Элбэх мэтээллэриттэн ордук 1944 с. тыҥааһыннаах Бретскэй кириэппэһи босхолооһуҥҥа ылбыт «Медаль за Отвагу» диэнин уордьаннааҕар сыаналыыра. «Я - гвардии сержант» диэн киэн туттара. Сөпкө даҕаны, кэлин дойдуну көмүскүүр сэриигэ сылдьыбатах эр дьону киһинэн аахпат этэ.

Хас тыһыынча биэрэстэни сатыы Берлиҥҥэ диэри хаампыта буолуой, өссө ырыанан, олус үчүгэйдик ыллыырын иһин батальон мажордаах солиһа этэ. Кини орудиета муус устар 20 күнүгэр Берлиҥҥэ бастакы ытыытын оҥорбута. Сэрии устатын тухары дьорҕоот тэргэн тойонунан сылдьыбыта. Ыарахантан чаҕыйбат хоодуот санаалаах буолан, чэпчэки суолу батыспатаҕа. Ыам ыйын 2 күнүгэр Берлин кытыытыгар кэлбиттэрин кэннэ, сержант Колпашниковка малын-салын хомунан, полк штабыгар кэлэригэр бирикээстииллэр. Онно кини байыаннай талаанын биһирээн кадр оҥороору, сэрииттэн күрэтэн, байыаннай училищеҕа барыахтааҕын иһитиннэрбиттэрэ. Кини онтон аккаастанан, сэриини түмүктүүргэ кыттыыны ылар баҕатын этэн полкатыгар төннөр. Ити кэмҥэ подразделение хамандыыра И. Евсеев «Кыһыл Дэриэбинэ холкуос дьонугар хаһыат нөҥүө бу курдук суруйар: (тылбаас) «Эһиги Кирсаҥҥыт дойдуну көмүскүүр сэриилэһии кэмигэр хорсуннук сэриилэһэн, воинскай чиэһин үрдүктүк тутар. Билигин подразделение комсомольскай тэрилтэтин салайар, бэйэтэ байыаннай, политическай бэлэмнэнии туйгуна. Мин кини төрөппүттэригэр уонна кининэн сирэйдэнэн эһиэхэ барыгытыгар Ийэ дойдуга толору бэриниилээх, бойобуой дьоҕурдаах гвардеец буолар байыаһы ииппиккит иһин махталбын биллэрэбин». Итинник суругу сэрии ортотугар бэрт аҕыйахта суруйаллара буолуо. Кыра-хара саха уола нуучча тылын баһылаан, бэйэтин атын сир дьонугар баттаппакка өссө холобур буолан сырыттаҕа...

Хаһыаттан ылан көрдөххө, аҕам килбиэннэх сырыыларын кэрэһэлиир ахтыылартан сорохторуттан быһа тардан кыбытабын: «... Сержант Колпашников саата-саадаҕа бэргэнник ытарын, хамаанданы түргэнник, чуолкайдык толорорун иһин 1 N-дээх полк саатын-саадаҕын аатын ылар. Онно кини дивизион комсорунан үлэлиир. Кирсан Яковлевич үгүс хаан тохтуулаах, хабараан кыргыһыыларга Белоруссия Кричев, Могилёв, Желобин, Добруш, Гомель Речица, Колинковичи, Мозырь, Рогачёв куораттарын босхолоспута.

Бобруйскай куораты босхолоон, кини хоту өттүгэр өстөөҕү үлтү сынньыы операциятыгар кыттыбыта. Онно маннык түбэлтэ тахсыбыттаах, Кирсан сулууспалыыр 278-с Могилёвскай Суворов, Кутузов уордьаннардаах гаубичнай артиллерийскай полката төгүрүктэммит өстөөх мүччү көтөн тахсарга дьулуһар учаастагар туруоруллубута.

Сарсыарда халлаан саҥа боруҥуйан эрдэҕинэ, өстөөх танкаларынан, бронетранспортёрдарынан уонна артиллерия уотунан саптан тоҕо көтөргө дьулуспута. Хас орудие расчётуттан аҥарын ылан ударнай стрелковай, бронебойнай бөлөхтөрү эрдэттэн тэрийбиттэрэ. Кирсан орудиетыгар хаалбыта. Кини дьоно шоссе кытыытыгар саамай эппиэттээх сиргэ тохтообуттара. Икки өттүттэн сир-халлаан сиҥнэр ытыалаһыыта саҕаламмыта. Өстөөх сүрүн күүһэ шоссе туһаайыытынан киирбитэ. Биһиги артиллериябыт быһачча наводканан уоту аһар. Өр-өтер буолбат, өстөөх танкалара табыллан өһөхтөөх хара буорунан өрүтэ уһуутууллар. Сержант Колпашников орудиета биэс танканы, биир бронетранспортёру уматар. Фашистар күүстээх уоту көрсөн чугуйарга күһэллэллэр. Кыргыһыы хонуута хоруо буолбут өстөөх танкаларынан, саллааттарын өлүктэринэн туолар». (А. Васильева «Ленин суола» хаһыат 09.05.95.)

И. Лукин маннык суруйар: «Артиллерист Колпашников 1944 с. от ыйын 19 күнүгэр Праганы, 1945 с. тохсунньутугар Варшаваны босхолоспута. Кы­һыл Дэриэбинэттэн ырааппатах тыа уолчаана сэрии бүтүөр диэри полк комсомольскай тэрилтэтин салайбыта. Хамандыырдар айылҕаттан өйдөөх, дьоҕурдаах эдэр коммуниһы атын саллааттарга холобур тутталлара. Ити туһунан командование Кыһыл Дэриэбинэҕэ Кирсан дьонугар ыыппыт суруга туоһулуур.

Саха уола Кирсан Германияҕа киирэн Штадгард, Наугард, Альтдам о.д.а куораттары ылыыга кыттыбыта. «Кыттыбыта» диэн эттэххэ эрэ дөбөҥ. Ити тыл иһигэр кини төһөлөөх эрэйи-муҥу көрбүтэ буолуой?! Штеттинг диэн сир анныгар баар немецтии кичэллээхтик бөҕөргөтүллүбүт кириэппэһи ылыыга харса-хабыра суох сэриилэспитэ, «Берлини босхолооһун» иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии бүппүтүн кэннэ кини Австрияҕа оккупационнай чаастарга өссө биир сыл сулууспалаан, дойдутугар 1946 с. ыһыах саҕана төннүбүтэ».

Аҕам сэрии үөһүттэн ыыппыт суруктарыттан өйдөөтөхпүнэ, кини, бу тулаайах оҕо, сир үрдүгэр саамай таптыыра дойдута, дьоно-сэргэтэ эбит, ол туһугар ис сүрэҕиттэн бэйэтин олоҕун толук уурарга бэлэм сылдьыбыт эбит. Өну туоһулуур суруктара: «Күндү эдьиийиэм, ыраах сылдьар күндү сурдьугуттан тапталлаах эҕэрдэтэ тут! Мин ааппыттан бэрт ыраах сир баһыттан ахтылҕаннаах эҕэрдэтэ тутуҥ! Мин лейтенант кууруһугар үөрэнэбин. Үөрэхпит бүтэрэ балтараа ый хаалла, онуоха дылы биир эмит суругу тутабын дуу, суоҕа дуу... сурук кэлбэтиттэн олус мунчаарабын, дууһам айманар, мин суругум тиийбэт буоллаҕа, эбэтэр, эһиэнэ тиийбэтэ диэн бутулла саныыбын. Хайдах да суруйбат буолуоххут сатаммат. Мин эһигиттэн элбэх суругу эрэйбэппин, эн хайдах олороргун истэр биир эмэ сурук кэлэн уоскутара буоллар. Эн доруобайдык, этэҥҥэ сылдьар сураххын истибэтэҕим төгүрүк сыла буолла... Эн доруобайдык, этэҥҥэ сылдьар сураххын истэрим буоллар, бу курдук мунчаарбат, тэһийбэт буолуом суоҕа этэ. Күн тура-тура почтальонтан кэллэҕин аайы ыйытабын эрээри, куруук «суох» диэн эппиэт сүрэхпин хайытар, матан, кыбыстан биэрэбин. Ол да буоллар «хаһан эмит, саатар биир суругу тутар инибин» диир санаабын тэйиппэппин, күүтэрим курдук күүтэ сылдьыам! Дьэ, эһиги, бука диэн, суруйдаххытына киһи астынар гына суруйуҥ. Мин кэпсээним диэн тыыннааҕым, доруобуйам эрэ туһунан, атын сатаммат уонна тугу кэпсиэмий?».

«Күндү, таптыыр киһим, Ася, фронтовой эҕэрдэ!

Эйиэхэ суруйбатаҕым 9 ыйын томточчу туолла. Онтон эн тускунан сураҕы истибэтэҕим балтараа сылын туолла. Сорох бириэмэлэргэ бэрт улаханнык мунчаарабын, ааспыты баһыттан атаҕар дылы ахтан-санаан аһарабын. Арыт бириэмэлэргэ хас да түүнү быһа субуруччу түһээн көрөбүн оччоҕо манньыйабын, арыт хас да ыйы быһа тугу да түһээбэт буолан хаалабын, оччоҕо эмиэ куһаҕаҥҥа дылы. Хаартыскабын ыыппытым, бука диэн харыстаа, фроҥҥа баран фашист ыттарын үлтүрүтэргэ бэлэммин! Аны сурук тутаргыт ахсааннаах буолуо, бука диэн, көрдөһөбүн сурук ыытаргар. Билигин Коломна куоракка баарбын».

«Күн сиригэр туохтааҕар да таптыыр дьонум Шура, Даша Саанньа, дорооболоруҥ! Сылдьыы этэртэн эриэккэс, санаам да хорсун-хоодуот, доруобуйа да сүүстэн биири талбыт курдук! Күндү киһим, эн суруккун, хаһыаккын тутан олус да үөрдүм-көттүм уонна эн курдук миигин ахтар-саныыр эдьиийдээхпиттэн толору дьоллоохтук сананабын! Бу дойдуга кэлбитим тухары маннык кэрэ күнү мин туспар үүммүтүн күнү көрбөтөҕүм! Бириэмэ суох этэ тутатына эппиэттииргэ, сааттан атыны тутар кыах суоҕа. Суругум кыра диэн хомойума, хааман иһэн суруйдум».

Ис сүрэхпиттэн таптыыр эдьиийим, бырааттарым Вася, Сеня, ыраах сылдьар убайгытыттан фронтовой эҕэрдэтэ тутуҥ! Күндү дьонноруом, эһигини санаан кэллэхпинэ бу харахпар көстөҕүт, санаам тэһиппэт, туокка бириэмэ, кумааҕы, харандаас ахсааннаахтык көстөр буолла. Эһиги ыыппыт сааскы суруккутугар ис сүрэхпиттэн махтанабын, өр сүрэҕим анныгар сылдьан илдьирийиэр дылы хос-хос аахпытым. Күн тура-тура арҕаа диэки айанныыбыт, сотору эргэ кыраныыссабытын олохтуохпут! Немец өлүү хара былытын самнаран, кыайыыны уһансабыт! Бу ааспыт сайын үүнээйи хайдаҕый? Сут-хоргуйуу баар дуо? Олох барытын сиһилии суруйуҥ. Аттыгытыгар баарым буоллар, көмөлөһүом да этэ! Ол гынан баран, бу көмөм өссө сыаналаах уонна бүүс бутүҥҥүгүтүгэр буоллаҕа! Хаартыскабын бэйэбэр хаалларбакка эйиэхэ ыытабын, ону кичэйэн илдьэ сырыт. Өйдүү-саныы сылдьаргар бэлэҕим буолар - көҥүлбүтүн, дьолбутун уһансыбыта диэн. Умнуллубат өйдөбүл буолара буолуо дии саныыбын. Дьоллоохтук, этэҥҥэ олороргутугар баҕара хааллым сурдьуҥ».

«Уһун күндү көһүтүүлээх күнүнэн, туох баар дьонум!

Мин ааппыттан бэрт ахтылҕаннаах бырааттыы эҕэрдэтэ тут! Эдьиэй, үөрүү-көтүү кэмэ суох! Бүгүн сарсыарда 4 ч. радионан өстөөх толору бүтэһиктээх капутуляциятын биллэрдилэр. Хаһан да күүтэ санаабатаҕым тыыннаах өлүөр ордуом диэн! Билигин дьоллоохтортон дьоллоох биир мин буоллум! Мантан ордук наҕараада суох! Сотору төрөөбүт Дойдубар төннүөм сирбэр-уоппар туһалыам!».

 

Людмила Кирсановна Колпашникова,

Кыыһа, Дьокуускай куорат

1