РУБРИКАТОР
|
|||
Ол кыырыктаах хапсыһыыларга барыларыгар Василий Данилович взвода хорсуннук сэриилэспитэ. Роталар командирдара өллөхтөрунэ, кинилэри солбуйара. Харьковы босхолуур иһин кимэн киириигэ 468-с стрелковай полк Советскай Союз Геройа майор Иолянскай командалааһынынан инники киирбитэ. Полк командира онно өстөөх буулдьатыттан охтубута. Кинини Харьков паркатыгар көммүттэрэ. Лейтенант Лукин Кировоградскай, Киевскэй, Винницкэй уобаластарынан салгыы сэриилэһэн Котовскай куоракка тиийбитэ. Биһиги онно көрсүбүппүт. 1944 сыл муус устар бүтэһигэр биһиги полкабыт Нрут өрүһү туораан Румынияҕа биһиги сэриилэрбит плацдармнара баар сиригэр тиийбитэ. Өрүһү муостанан туоруурбутугар өстөөх харса суох ытыалыыра уонна буомбалыыра. Элбэх сүтүктэнэн туорааммыт, үрдэли булан бөҕөргөтүммүппүт. Ол Ясса куорат хоту өттүгэр этэ. Күүстээх кыргыһыы муус устар 30 күнүгэр саҕаламмыта. Өстөөх, артиллерийскай бэлэмнэнии кэнниттэн, авиация бөдөҥ холбоһугун көмөтүнэн элбэх ахсааннаах танкаларынан уонна сатыы сэриинэн атаакалаабыта. Лейтенант Лукин взвода баар бастакы стрелковай батальона улахан сүтүгү ылан чугуйарга күһэллибитэ. Батальонуттан быстан хаалбыт взвод быдан баһыйар ахсааннаах өстөөҕү кытта кыргыспыта. Василий Данилович тыыннаах хаалбыт аҕыйах дьонун түммүтэ, тула өттүттэн киирэн иһэр танкалары чугаһатан баран противотанковай орудиеларынан ытыалаабыттара. Бастакы ытыалааһыннарынан өстөөх икки танкатын, биир транспортерун үлтү тэптэрбиттэрэ. Өстөөх пехотата кимэн киирбитэ. Василий сытар окуопатын диэки сэттэ немец сыыллан испиттэрэ. Кини гранаталарынан быраҕаттаан түөрт немеһи өлөрбүтэ, үстэрэ төттөрү сыылбыттара. Ол бириэмэҕэ танковай снаряд оскуолката лейтенант Лукин төбөтүгэр түспүтэ. Төһө да ыараханнык бааһырбытын иһин кини кыргыһыы хонуутуттан тахсыбатаҕа. Немецтэр чугаьаан баран «Рус, сдавайся!» - диэн хаьытаабыттара. Онуоха взвод командира Лукин «Русские не сдаются!» - диэн хаьытаат, абытай ыарыыны тулуйан туран, автоматынан ытыалаабыта, кини кэнниттэн байыастара уочарат биэрбиттэрэ. Өстөөх ол уоту тулуйбакка чугуйарга тиийбитэ. Биһиги дьоммут ботуруоннара бүтэн барбыта. Өстөөх ону билэн үсүһүн кимэн киирбитэ. Взвод командира гранаталарынан көмүскэнэргэ бирикээстээбитэ, бастаан бэйэтэ бырахпыта. Ити утарсыыттан немецтэр эмиэ чугуйбуттара. Ол күн фашистар алта төгүл атаакалааһыннара төттөрү охсуллубута. Лейтенант Лукин ити кыргыһыыга тус бэйэтэ немец аҕыс саллаатын, биир офицерын өлөрбүтэ. Өстөөх атаакалааһына тохтообутун кэннэ Василий Данилович өйүн сүтэрэн өлбүт дьон быыстарыгар охтубут. Тыыннаах орпут икки байыаһа буланнар чугас баар дивизия медсанбатыгар киллэрбиттэр. Мин ити бириэмэҕэ биир взводу кытта полк штабын таһыгар буолбут кыргыһыыга кыттыбытым. Медсанбат сонно ыраах тыылга көһерүллүбүт этэ. Доҕорбун инньэ гынан көрсүбэккэ хаалбытым, кинини быстах бириэмэҕэ сүтэрбитим. Ыксалбар тэптэрэн Василий Данилович ийэтигэр кини сураҕа суох сүттэ диэн суруйбутум. Ол кэнниттэн сотору Василий Украинатааҕы Тульчино куоракка госпиталга сытан суруйбутун туппутум. Хайдахтаах курдук үөрдүм этэй! Сонно тута кини тыыннааҕын биллэрэн ийэтигэр уонна балтыгар суруйбутум. Противотанковай взвод командира лейтенант Лукин ити ахтыллар кыргыһыыга хорсун быһыытын иһин Бойобуой Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта. Үтүөрэн баран III-с стрелковай дивизия штабыгар үлэлээбитэ. Биһиги онно сүбэ мунньахтарга чаастатык көрсүһэрбит. Кини штабка үлэлиирин сөбүлээбэт этэ, взводугар, ротатыгар төннөргө дьулуһара. Биһиги урукку миэстэбитигэр - оборонаҕа турарбыт.
1945 сыл тохсунньу 8 күнүгэр Сандомирскай плацдармтан
1945 сыл кулун тутар 3 күнэ Василий Данилович биһиэхэ кэрэ-бэлиэ күнүнэн буолбута, Ити күн биһиги иккиэн партийнай билиэт ылбыппыт. Германия сиринэн Нейсе өрүс диэки сыҕарыйан элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары ылбыппыт. Муус устар 16 күнүгэр Дрезден соҕуруу өттүгэр мин атахпар таптаран, онуоха эбии титириирдээн медсанбакка киирбитим, Василий Даниловичтыын 1944 сыл муус устар 14 күнүттэн ылата төгүрүк сыл устата тохтоло суох бииргэ сэриилэһэн баран ити курдук арахсыбыппыт. Ый аҥарынан үтүөрэн баран атын ротаҕа анаммытым. Ол да буоллар биһиги иккиэн салгыы сэриилэспиппит. Чехословакия столицатын Праганы босхолоспуппут. Сэрии кэнниттэн Ийэ дойдутун кыраныыссатын төптөрү туораан киирэн салгыы сулууспалаабыппыт. 1945 сыл атырдьах ыйыгар Львов куоракка керсен ааспыппыт. Сэриигэ доҕордоһуу ордук истиҥ уонна кү'үстээх буолар. 1965 - сыллаахха сүүрбэ сыл буоланбаран көрсүһүүбүт иккиэммитигэр улахан долгутуулаах этэ. Онтон ыла чаастатык суруйсан билсэр буолбуппут. Кини өлүүтэ - сэрии содула. Үтүө доҕорум кэрэ мөссүөнүн сүрэхпэр өрүү илдьэ сылдьыам.
П. Никифороа, противотанновай рота урункукомандира, Чувашскай АССР Ибреси бөһүөлэгинээҕи Советын исполномун председателэ
1 2
|