РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Фашистартан Венгрияны босхолоспутун кэннэ, И.Мохначевскай сулууспалыыр 6-с гвардейскай танковой Аармыйатын Сэбиэскэй Союзка төнүннэрбиттэр, кинини «За победу над Германией» мэтээлинэн бэлиэтээбиттэр. Уйбаан дойдубар төннөр буоллум диэн үөрэ сырыттаҕына, тоҕо эрэ танкалары тиэммит поезд тимир суолга тилир-талыр тэбинэн, уһуура-уһуура ыраах тус илин диэки айаннаан сундулуппут. Байкал күөлгэ тиийэн баран саллаат уол Сахам сирэ мантан чугас, дьэ «дембель» буолар ини диэн атын саллааттары кытта күлэ-үөрэ, гармошка доҕуһуоллаах ыллыы-туойа айаннаан истэҕинэ, поезд обургу өр-өтөр гыммакка Монголия кыраныыссатыгар тиийбит. Онтон Манчжурияҕа илдьибиттэр. Танкист Мохначевскай салгыы сэриилэһэр иэдээнигэр тиксибит. Бу сырыыга дьоппуон империалистарын кытта кыргыһыыга киирэр. Өҥүрүк куйааска Гоби кумах куйаарын нэһиилэ сыннаран айаннаан, Хин­ган хайаларын сорунан-муҥунан унуордаабыттар. Ити уһун сындалҕаннаах байыаннай поход тухары Иван, сэрэйэргит курдук, элбэх эрэйи-муҥу көрсүбүт: өстөөх миинэлэригэр түбэһэн өлүү-сүтүү, ытыалаһыы, кумах куйаарга утатыы, аччыктааһын туһунан урут элбэхтик суруллубута. Биһиги саллааппыт этэҥҥэ тыыннаах ордон Чанчунь куоракка тиийбит. Онно сырыттаҕына, 1945 с. балаҕан ыйыгар оччотооҕу сэрии букатыннаахтык бүппүт. Старшина И. Мохначевскайга «За победу над Японией» мэтээли туттарбыттар уонна, сэрии бүппүтүн үрдүнэн, салгыы сулууспалыыгын диэн дьаһайбыттар. Байыас тэҥнэһиэ дуо: «Есть дальше служить!» - диэн чиэс биэрээт, эбии биэс сылы быһа Аармыйаҕа сылдьыбыт. Сэриилэһэ уопуттаах танкист гвардеец старшинаны аны эдэр саллааттары үөрэттэрэ хаалларбыттар эбит. Мугден куоракка байыаннай собуоттары көтүрүүгэ сылы быһа сылаалаах үлэҕэ тимири, ыарахан ыстаалы сосуһан бодьуустаспыт. Бу үлэ эмиэ сэрэхтээх эбит, киитэрэй дьоппуоннар обургулар онно-манна «кэһии» миинэлэри айа тардан хаалларбыттарыгар биһиги буойуннарбыт, кыһыыта диэн, сэрии бүппүтүн үрдүнэн, дэҥнэммиттэрэ, өлбүттэрэ үгүс үһү. Собуоттары ырычаахтаһан көтүрбүттэрин кэннэ, Уйбааннааҕы аны Соловьевскай диэн сиргэ землянка хаһыытын курдук ыарахан буор үлэтигэр бырахпыттар. Ол быыһыгар эбэн кэбиһиҥ хаһан да бүппэт илистиилээх байыаннай үөрэҕи.

Туйгун диссипилиинэлээх старшина Иван Мохначевскай туһугар кэмниэ-кэнэҕэс дьоллоох кэм тосхойбут - киниэхэ дойдутугар барар уоппуска биэрбиттэр. Онтукайбыт да барыта наар аанньа курдук - кыс ортотугар түбэспит. Ахтылҕаннаах Сахатын сиригэр аам-дьаам түптэлэс туманнаах тымныы буулаан турар кэмигэр ахсынньы ыйга (1947) уоппускаҕа барарыгар көҥүллээбиттэр. Оччолорго хантан табыгастаах транспорт кэлиэй, уоппускатын үгүс болдьоҕун айаҥҥа атааран, киһитэ кини - сытыы-хотуу уол буолан Уйбаан кэмниэ-кэнэҕэс Бөтүҥҥэр кэлээхтээбит. Дьэ, ол түгэҥҥэ мин оҕо сааспар аан бастаан кинини көрсүбүтүм.

Старшина уоппускатын болдьоҕо начаас бүтэн, 1948 сыллаах Саҥа дьылы көрсөөт байыаннай чааһыгар төннүбүт уонна 1950 сылга диэри сулууспалаабыт.

Иван Иванович курдук Арҕаа уонна Илин фроннарга иккиэннэригэр сэриилэспит бэтэрээннэр Саха сиригэр олох аҕыйахтар эбит, ону даҕаны тыыннаах билигин ордон хаалбыттар тарбахха баттанар сэдэхтэр.

Аныгылыы эттэххэ, «дембель» Уйбаан уол иннигэр, эйэлээх олоххо эргиллибитин кэннэ, дьылҕатын оҥостор эмиэ туһугар уустук сорук тирээбит. Били Венгрияҕа санчааска сытан эмчит буолар баҕа санаатын толороору ЯФАШ-ка (Якутская фельдшерско-акушерская школа), билиҥҥитэ медицинскай училищеҕа үөрэххэ киирбит. Сэттэ сыл сулууспалаан нууччаһыт бэрдэ буолан, кыһамньылаахтык үөрэнэн ситиһиилээхтик бүтэрээт да Читаҕа медицинскэй институкка устудьуон буолар. Онно сылдьан бииргэ үөрэнэр Аллараа Халыматтан төрүттээх Надежданы кэргэн ылбыт. Иван Иванович мединституту эмиэ ситиһиилээхтик бүтэрэн баран 1957с. Ленинградка аатырбыт И.П. Пирогов аатын сүгэр мединститут ординатуратын бүтэрбит. Онтон кэргэнинээн Надежда Николаевналыын Чурапчы уонна Аллараа Халыма улуустарыгар үлэлээбиттэр. И.И. Мохначевскайы 1968 сыллаахха Саха АССР Доруобуйатын харыстабылын министерствотыгар кылаабынай хирурунан анаабыттар. Ити киэҥ билиини, салайар дьоҕуру эрэйэр олус эппиэттээх үлэҕэ кини 25 сыл эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Кэргэнэ Надежда Николаевна Мохначевская өр кэмҥэ спецбалыыһаҕа терапевт бырааһынан үлэлээбитэ, кини миигин 70-с сылларга стационарга эмтээбитэ, идэтин дэгиттэр баһылаабыт, олус болҕомтолоох, эйэҕэс майгылаах быраас элбэх эдэр биир идэлээхтэрин үөрэппитэ.

Иван Иванович үлэтигэр сүҥкэн ситиһиилэрин туһунан биир эмэ эдэр сэниэлээх суруйааччы бэртээхэй роман да суруйуон сөп. Кини Сэбиэскэй Союз уонна Россия хирурдарын Пироговскай научнай уопсастыбатын Правлениятын чилиэнинэн хаста да талыллыбыта, кыраныысса таһыгар аан дойду таһымнаах конгресстарга, симпозиумнарга кыттыбыта, элбэх хирург бырааһы бэлэмнээбитэ. И.И. Мохначевскай үлэтиттэн характеристикатыгар суруйбуттар: «При его непосредственном участии и под его руководством создана многопрофильная, специализированная служба. Образовано травмотологическое, нейрохирургическое, урологическое, реанимационное, челюстно-лицевое, торакальное отделения. Разработана структура отделений хирургических профилей Национального Центра Медицины. Бар дьону абырыыр аатырбыт Медицинскэй Киин биир аҕалаатар аҕата - РФ уонна СР үтүөлэх бырааһа Иван Иванович Мохначевскай буолар.

Кини ситиһиилэрэ 3 уордьанынан («Аҕа дойду Улуу сэриитин» II ст., «Бочуот знага», «Өктөөп революцията»), үгүс мэтээллэринэн, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Бочуоттаах грамотатынан уо.д.а. наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Кини аата «Чулуу дьоннор энциклопедияларыгар», «Трудовая слава Якутии» (400 сир.), «Книга памяти» (185 сир.) киирбитэ. Дойду­тун да дьоно-сэргэтэ, биллэн турар, умнубаттар, киниэхэ Нам улууһун бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбиттэрэ.

Бу уочаркам суруллар сүрүн сыала-соруга: чаҕылхай дьылҕалаах биир дойдулаахпын, амарах санаалаах саха саарынан, медицина полковнига званиелаах Иван Иванович Мохначевскай туһунан кэнники кэнчээри көлүөнэ кини олоҕун билэн, кининэн киэн тутта, холобур ыла үөрэннин диэн.

Сэрии сылын оҕолоро - Нам Бөтүҥүттэн төрүттээх «Норуоттар доҕордоһулара» уордьан кавалера, профессор, бэйэтин кэмигэр элбэх ситиһиилээх спортсмен, боксер Иннокентий Семенович Сивцев, математика профессора, аан дойду таһымыгар кыахтаахтык тустубут Николай Кириллович Алексеев, умнуллубат кэрэ куоластаах РФ үтүөлээх уонна народнай артыыһа Семен Петрович Оконешников, өр кэмҥэ судаарыстыбыннай сулууспаҕа салайар үлэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбит Роман Романович Никитин уонна да атын Бөтүҥ ыччата И.И. Мохначевскай туһунан хайаан да ыстатыйата суруй диэбиттэрэ. Ону убайбыт: «Суруйумаҥ, хайҕатарбын сөбүлээбэппин», - диэн кыккыраччы аккаастаабытын үрдүнэн, кини чугас дьонун көмөлөһүннэрэн, суруйуохтаах геройбутун «күүспүтүнэн мөрөйдөөн үнтү сөрөөн», бу уочарка кэмниэ-кэнэҕэс күн сирин көрөн эрэр.

Иван Иванович туһунан Бөтүҥҥэ номох курдук үгүс үтүө сэһэн-сэппэн дэлэй. Олортон биирдэстэрэ: кини аптааҕа, гипнозтааҕа, быһата ити дьоҕура арыллыбатах дьикти талааннааҕа буолар. Ол туһунан үөһэ ахтыбыт үөлээннээхтэрим үгүһү кэпсээтилэр. Бэйэм да кыра эрдэхпинэ Иван Иванович фокус көрдөрөрүгэр түбэспитим (холобура, айаҕыттан умайа сылдьар бөппүрүөскэни таһаарара, оҕолор кулгаахтарын, муннуларын тарбаҕынан таарыйдаҕына, тэриэккэҕэ сыр харчылар тоһугураһан түһэллэрэ).

И.И. Мохначевскай билигин да «сэриилэһэ» сылдьар. Кини СПИД диэн ынырык ыарыыны кытта охсуһар тэрилтэҕэ үлэлиир. Бу тэрилтэ кылаабынай бырааһа А.А. Кожевников биэрбит характеристикатыттан ааҕабыт: «Сегодня 82-летний врач, ветеран ВОВ и здравоохранеҥия И.И. Мохначевский по прежнему в строю, в полном здравии, активно участвует в разработке организационных и методических пособий и целевых программ по борьбе с распространением ВИЧ-инфекции. Февраль, 2009».

Ытыктабыллаах Иван Иванович! Көмөлөспүт, эмтээбит дьонноруҥ ааттарыттан күүстээх бөҕө санааны, чэгиэн доруобуйаны, уһун олоҕу баҕарабыт.

1  2