РУБРИКАТОР
|
|||
Сэрии толооннорунан
Биһиги аҕабыт Николаев Павел Гаврильевич олус сэмэй, хаһан да бэйэтин туһунан кэпсэнэ сылдьыбат киһи этэ. Олоҕун ыарахан түгэннэрин хам-түм ахтан ааһара. Кини 1914 сыл сайыныгар I Атамай нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Уруккута Горнай улууһугар киирсэр билигин Таастаах учаастага. Аҕата эрдэ өлөн кыайан үөрэммэтэҕэ. Ыал улахан оҕото буолан, ийэтин, түөрт быраатын иитэр кыһалҕаттан, оҕо сааһыттан үлэлээбитэ. 1931 сыллаахха Тельман аатынан табаарыстыбаҕа киирбитэ. Бэйэтин дьоҕурунан ааҕар, суруйар буолбута. Икки сыл үлэлээн баран, хонуу биригэдьииринэн анаммыта. 1936 сыллаахха сэбиэт депутатынан быыбардаммыта. Итинтэн салгыы икки сыл устата олохтоох сэбиэт председателин солбуйбута. 1939 сылтан колхозка биригэдьиирдии сылдьан Аҕа дойду сэриитин иккис сылын сайыныгар фроҥҥа барбыта. Сэрии кэнниттэн дойдутугар эргиллэн кэлээт, хонуу, сүөһү биригэдьииринэн анаммыта уонна 1960 сылга диэри үлэлээбитэ. Онтон ыла “Нам” совхозка старшай сылгыһытынан, онтон пенсияҕа тахсан баран, биэс сыл устата пенсиятын ылбакка сылгыһытынан үлэлээбитэ. Кини 1987 сылга диэри совхоһун биригээдэтигэр араас үлэлэргэ сылдьыбыта. 1955 сылтан партия чилиэнэ этэ. Нэһилиэк, оройуон бочуоттаах гражданина, народнай хонтуруол бөлөҕүн сорудаҕынан үгүс өрүттээх үлэни ыытыспыта. Өр сыллаах таһаарыылаах үлэтэ ыччакка холобур буолбутун туоһулуур элбэх ахсааннаах бочуотунай грамоталар, махтал суруктар бааллар. Аҕабыт 1946 сыллаахха Кривошапкиннар кыыстарын Марияны кэргэн ылбыта. Онтон ыла 45-с сыл устата сүүс-сүүстэритгэн өйөнсөн бииргэ олорбуттара. 13-с оҕоломмуттарыттан, үһэ кыра саастаахтарыгар өлбүттэрэ. Уон оҕону көрөн-истэн улаатыннаран, олох киэҥ суолугар таһаарбыттара. Биһиги аҕабыт 20-лээҕэр таһаҕас тиэйиитигэр сылдьыбыт. Үгүс эрэйи көрсөн Охотскайга тиийэ айаннаабытын туһунан ахтара. Сэрии бастакы сылларыгар биригэдьиирдии сылдьан дьону хоргуйууттан быыһаабытын туһунан кэпсээбиттээх. Сааскы ыһыы бурдуктарын ордугун кистээн үлэһиттэргэ түҥэппит үһү. Кини сэриигэ сылдьыбытын туһунан үгүһү кэпсээбэт этэ. Арай, нууччалыы билбэтэ, дойдутугар кэлиэр диэри биир да саханы көрсүбэтэҕин туһунан ахтара. Сэрии устатын тухары пулеметун соһон Украинанан, Белоруссиянан, Польшанан Германияҕа тиийбит. Берлини ылыыга ыстыыгынан киирсибиттэрин туһунан сонньуйан кэпсиирэ. Сэрии устатыгар иккитэ ыараханнык бааһырбыт, биирдэ контузияламмыт. Ол да буоллар дойдутугар этэнҥэ эргиллэн кэлбитэ. 1991 сыл муус устар 4 күнүгэр өлбүтэ. Аҕабыт быраата Ефрем сэриигэ баран иһэн ыалдьан өлбүт. Кини туһунан билэр киһи суох. Николай сэриигэ барыар диэри колхозка үлэлээбит. Кыһынын бултуура, сайынын оттуура. Сэриигэ улахан убайын кытары бииргэ ынырыллыбыттар. Иркутскайга диэри бииргэ айаннаабыттар. Онтон суоллара икки аҥыы арахсыбыт. Николай Сталинград уоттаах сэриитигэр кыттыбыт. Кини 1943 с. от ыйын 18 күнүгэр өлбүт уонна Донецкай уобалас Степановка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.
П.Г. Николаев кыргыттара
|