РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Охлопков Афанасий Андреевич

(1904 с.т.)

 

Наҕараадалара:

«1941 — 1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээл;

Юбилейнай мэтээллэр.

Мин 1941 сыллаахха от ыйыгар Сталин холкуоска үлэлии сылдьан Ийэ дойдубун өстөөхтөртөн көмүскүү сэриигэ барбытым. Мантан бараат да I Украинскай фроҥҥа тиийбиппит. Онно Десна өрүһү туорааһыҥҥа уонна Чернигов куораты ылыыга сылдьыспытым. Биһиги взводпутугар сахалартан баара-суоҕа үһүөйэх эрэ этибит. Аспыт олус кэмчи, сорох күн аһаабакка да сылдьарбыт. Сороҕор 200 грамм, сороҕор 300 грамм килиэби биэрэллэрэ. Арай биирдэ Чернигов куораты ылыыбытыгар биһиги хаһыа да буолан куорат тас өттүгэр турар кыра дьиэҕэ көтөн түстүбүт. Дьиэҕэ киирбиппитигэр аан бастаан туох да суох курдуга. Онтон оһох кэннин диэки баран истэхпитинэ, саа тыаһа өрө хабылла түһээтин кытта, аттыбар испит табаарыһым хаһыытаабытынан сууллан түстэ. Мин оһох кэннигэр хайдах баар буола түспүппүн бэйэм да билбэппин. Тиийбитим, биир ньиэмэс оһох кэннигэр кыҥыы турар эбит. Мин үрдүгэр түстүм. Ньиэмэс мин кэннигэр кэлбиппин билбэтэх быһыылаах, соһуйан хаалан соччо утарыласпата, сиргэ суулларан түһэрдим да, үлтү кулаабытынан бардым. Ол охсуһа сырыттахпытына, били дьиэҕэ киирбит дьоннорбутуттан биир киһи кэлэн көхсүн хараҕын туһаайан баран, ытан хабылыннарда. Ньиэмэһим өрө түллэх гынан баран, уһуктубат уһун уутугар утуйан налыс гынан хаалла. Он­тон анараа дьонум хас да киһини орон анныттан, боппуолдьа иһиттэн булан таһаарбыттар. Олору «тыл» гынан чааспытыгар илдьэ барбыппыт. Чернигов куораты ылыыга сылдьыбыт түгэммититтэн биирдэстэрэ итинник. Ити куора­ты босхолоһон баран, Одер өрүһү ыларга эмиэ сылдьыспытым. Онтон 1945 с. ыам ыйын 17 күнүгэр Бреслау диэн кириэппэһи босхолообуппут. Сэриигэ сылдьыбытым тухары биир да баас ылбатаҕым. Онон, дойдубар 1945 с. атырдьах ыйыгар эргиллэн кэлбитим.

 

А. А. Охлопков

1