РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Охлопков Дмитрий Николаевич

(1925-1983 сс.)

 

Наҕараадалара:

«Варшаваны босхолооһун иһин» мэтээл;

«Берлины ылыы иһин» мэтээл;

«1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээл;

Юбилейнай мэтээллэр.

Охлопков Дмитрий Николаевич 1925 с. Нам оройуонун II Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Охлопков Николай Филиппович, ийэтэ Февронья Егоровна.

Биэс бииргэ төрөөбүттэртэн Миитэрэй 4-с oҕo эбит. Ийэлээх аҕата эрдэ өлөн кини эһэтигэр Эверстов      Егорга иитиллибит. 1943 с. учуутал ылан Алдан оройуонугар анаммыт. Онно аҕыйах ый үлэлээт, бэйэтин баҕа өттүнэн Аҕа дойду сэриитигэр барбыт.

Фроҥҥа 67-с стрелковай полкаҕа, ытааччынан сылдьыбыт. Кэнники үөрэнэн связист буолбут уонна II Белорусскай фроҥҥа полевой кабельнай линия отделениетын командирынан анаммыт. Дмитрий Николаевич кыайыыны Берлиҥҥэ көрсүбүт.

Дмитрий Николаевич сэрии кэнниттэн 1950 с. дойдутугар кэлбитэ. Кэлэн баран, Дьокуускай куоракка туочунай кээмэйдиир прибордар лабораторияларыгар инженеринэн үлэлээбитэ. Үлэтигэр сүрдээҕин убаастыыллара Сэрии кыттыылааҕын иһин бастакынан биир хостоох таас дьиэлэммитэ. Хаста да «Коммунистическай үлэ ударнига» үрдүк ааты ылбыта. Кэргэнэ, оҕото суох этэ. Кини ыарахан ыарыыттан 1983 с. олохтон туораабыта. Көмүс уҥуоҕа төрөөбүт Үөдэйигэр тутуллубута.

 

Е.И. Яковлева,

эдьиийин кыыһа 2010 с.

1