РУБРИКАТОР
|
|||
АҔАМ АХТЫЫТЫТТАН
Мин аҕам Нам оройуонун Көдөһү нэһилиэгин олохтооҕо Охлопков Михаил Семенович 1941 с. армияҕа ыҥырыллан, Читаҕа 6 ыйдаах радистар курстарын бүтэрэн сержант буолбута. 1942 с. Владивостоктан младшай командирдар роталарын састаабыгар киирэн Москваҕа ыытыллыбыттара. Сотору Ленинградскай фронт дьаһалыгар ыыппыттара. 1942 сыл сэтинньи ыйга 15-с отдельнай мотомеханизированнай стрелковай биригээдэ 1-гы ротатын 1-кы взводун 1-й отделениетын командирынан анаммыта. Элбэх станциялары, селолары босхолоон Карело-финскай оройуонугар Лихослав диэн станцияны ылбыттара. Онтон фронт Старай Русса туһаайыытыгар барбыта. 16 немецкэй армия икки сылы быһа дугуйдаммыта. Олус кытаанахтык бөҕөргөтүммүт этэ. Ити армия биһиги сэриилэрбитинэн төгүрүтүллүбүтэ. Өстөөх сэриилэрин 30-40 бырыһыана да хаалбытын иһин утарылаһарын тохтоппот этэ. «Өстөөххө тыын биэримэҥ, харса-хабыра суох кимэн киирэн иһиҥ!» - диэн командование бирикээһэ кытааттар кытаатан испитэ. Старай Русса аттыгар Кресты диэн дэриэбинэ өстөөх тыын учаастага этэ. Ол иһин дэриэбинэ илииттэн илиигэ хаста да сылдьыбытын кэннэ биһиги сэриилэрбит үлтү кумалаан дэриэбинэни букатыннаахтык ылбыттара. Ол кэнниттэн 1942 сыл ахсынньы бүтэһик күннэригэр Старай Русса хаардаах халыҥ тыатыгар өссе хабыр кыргыһыылар буолбуттара. Онно сержант Охлопков инники кирбиигэ киирсэн испитэ. Сэрии өссө күүһүрэн испитэ. 1943 сыл тохсунньу 3 күнүн түүнүгэр биһиэхэ эбии күүс кэлбитэ. Эмискэ «Катюша» уоту аһара. Артиллериялар тиҥийэллэрэ. Танкалар тиһиликтэрэ тибийэрэ. Биһиэннэрэ субу-субу атаакалыы сатыыллара. Ол эрээри естеөх олус хойуутук миналаабыт буолан субу-субу алдьархай айаҕа аһыллара. Сержант Охлопков отделениета миналары ыраастыы сылдьан өлбүт дьон өлүктэринэн хаххаланан тыыннаах ордоллоро. Ол будулҕан ортотугар Охлопков хаҥас илиитигэр бааһырбыта, ону аахсыбакка кыргыһа сыппыта. Атын отделениелар байыастара Охлопковтаах былдьаан ылбыт өстөех траншеятыгар ыстанан түһүтэлээн, сэриилэһэн, кинилэри арыыйда тыын ылларбыттара. Биһиги артпллерияларбыт, минометтарбыт, катюшаларбыт аан-дархан уоту аһаннар кыырыктаах кимэн киириини оҥорбуттара. Өлүү-сүтүү, өй мэйдээх тулуйбат ыһыыта-хаһыыта диэн онно баара. Ол бириэмэҕэ Охлопков автомата уҥа илиититтэн төлө ыстанан эрэрин өйдөөн хаалбыта. Мина кини уна илиитин эмиэ тоһуппута. Охлопков доҕор саллаата кини илиититтэн үтүлүгүн устаары гыммыта, үтүлүк уһуллубакка тардыалаһарын өйдөөн көрбүтэ тарбахтара бысталанан бараннар иҥиириттэн иҥнэннэр тардыалаһар эбиттэр этэ. Кинини түргэнник медсанбакка атаарбыттара. Ити бааһырыыттан түөрт төгул операцияланан тыыннаах ордубута. Ити сэриигэ кини «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадаламмыта. Сэрии маҥнайгы күннэриттэн сылдьыбыт буоламмын уот-буурҕа түрүлүөнүгэр түбэһэммин сорох наҕараадалар бэйэм аадырыспын булбатахтара да буолуо диэн ахтан аһарааччы этэ. Сэриигэ ус сыл толору сылдьан 1943 сылга төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлээт тыылга үлэ үөһүгэр түспүтэ. Сити сыл Намнааҕы райпотребсоюз эргиэҥҥэ председателин солбуйааччынан анаммыта, 1944-46 сс. итиннэ соҕотуопкаҕа солбуйар председателинэн үлэлээн сылдьыбыта. Уһуннук эмтэнэн баран 1949 сылтан Нам сельпотугар председателинэн уонна эргиэн сэбиэдиссэйинэн 1956 сылга диэри үлэлээбитэ. Сельнасполар ликвидацияҕа барбыттарын кэннэ Нам райпотугар пенсияҕа тахсыар диэри кочегарынан, кэлин охраннигынан үлэлээбитэ. Кини сэриигэ ылбыт баастара бэргээннэр 62 сааһыгар биһиги кэккэбититтэн туораабыта.
С. Шишигина
|