РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

САҺАРБЫТ СТРАНИЦАЛАР КЭПСЭЭННЭРЭ

 

Биһиги аҕабыт Охлопков Михаил Семенович уоттаах суоһар сэрии тибилийэр сибиниэс буурҕатын ортотунан сэрии бастакы сылларыттан сылдьыбыт, сержант званиелаах отделение командира этэ, өстөөх 16-с армията олус күүскэ бөҕөргөтүммүт Старай Русса учаастагын босхолооһун элбэх хаан тохтуулаах сэриитигэр кыттыбыта. 1943 с. бүтүүтэ сэрииттэн ылбыт баастара ситэ оспокко дойдутугар төннөн кэлэн Нам райпотребсоюһугар председатели эргиэҥҥэ солбуйааччынан, ол кэмнэргэ саҥа тэриллибит заготконтора директорынан үлэлээн фрону бөҕөргөтүспүт тыыл байыаһа буолар. Сэрии сылларыгар фронт туһатыгар Лена сүнньүнэн, муустаах муоранан, Архангельскайынан Ленинградка диэри Намтан сылга 1400 тонна от тиэрдиллэр буолбутун иһин Нам заготконторатын аатыгар Советскай Союз Геройдарыттан, аатырбыт Хотугу Полюһу аһар экспедиция кыттыылаахтарыттан И.И. Папанин уонна аатырбыт лётчик Е.К. Федоров илии баттааһыннаах Махтал телеграмма кэлбитэ.

Аҕабыт 1941 с. Советскай Армияҕа ыҥырыллан Чита таһыгар 6 ый устата радист курсугар үөрэнэн сержант званиетын ылар уонна 1942 с. диэри 243-с Артдивизиоҥҥа походнай радиостанцияҕа отделение командирынан сулууспалыыр. Ити кэмҥэ Япония армията Американы кытары кыттыһан биһи дойдубутугар сэриинэн киирэр балаһыанньалааҕа, оннооҕор Советскай балыктыыр судноны тимирдибит түбэлтэлэрэ баара, бүгүн-сарсын сэриинэн саба түһээри бэлэмнэнэллэрин кэтээн көрөллөрө уонна күннэтэ «боевой готовноска» олорбуттара.

Михаил Семенович 1942 сыллаахха сэриилэһэр фроҥҥа Москванан Калининскай фроҥҥа тиийбитэ. Онтон сэтинньи ыйтан 15-с стрелковай мотомеханизированнай бригада 1-гы батальонун, 1-кы ротатын, 1-гы взводун, 1-гы отделениетын командирынан ананан Старай Русса оройуонугар кырыктаах, унньуктаах уһун кыргыһыыга тиийбитэ. Элбэх станциялары, сэлиэнньэлэри аара босхолооннор Карело-финскай оройуон Лихослав станциятын ылбыттара. Суолларын былаһын тухары бэрт элбэх уһун муосталары тутаннар, массыыналары, танкалары, сэрии атын да техникатын туораталлара. Бу Старай Русса учаастагар немец армията икки сылы быһа дугуйданан олус кытаанахтык бөҕөргөтүммүт этэ. Ити армия биһи сэриилэрбитинэн төгүрүтүллүбүтэ. Өстөөх сэриилэрин 30-40 % хаалларан да туран утарылаһарын тохтоппот этэ диэн суруйар. «Өстөөххө тыын биэримэҥ, харса-хатыра суох кимэн киирэн иһиҥ!» - диэн командование бирикээһэ кытааттар кытаатан испитэ. Старай Русса чугаһыгар өстөөх тыын учаастагынан буолбут Кресть диэн дэриэбинэни биһиги сэриилэрбит үлтү кумалаан туран былдьаан ылбыттара. Ити дэриэбинэ дьиэтиттэн-уотуттан күтүөннээх орпотох этэ диэн ахтар. Кэлин ахсынньы бүтэһик күннэригэр Старай Русса хаардаах халыҥ тыатыгар өссө хабыр хапсыһыылар буолбуттарын туһунан суруйар. Онно сержант Охлопков салайар 1-гы отделениета инники кирбиигэ сылдьара. Хас хардыы аайы өлөр өлүү куттала суоһуура, ону ол диэбэккэ түүн эрэ буоллар, хабыс хараҥаҕа атаакалааһын саҕаланара. Немец наһаа күүскэ сырдатар ракетаны туһа­нар буолан, ордук кутталлааҕа. Халлаан сырдаатар эрэ аны самолеттар бомбанан тибиирэллэрэ. Аппаҕа-дьаппаҕа түһэн тыыннаах ордуллара, сүтүк да сөҕүмэр буолара диэн ахтар. «Буомбаттан тыыммыт өрүһүлүннэҕинэ, кыранаатанан киирсэрбит. Өстөөх да, биһиги да быган көһүннэрбит икки өттүттэн хардары-таары өлөрөр-өһөрөр уот аһыллара, тииттэр лабаалара бары тононон түһүөхтэригэр диэри автоматынан, пулеметунан тибиирсии буолара. Хас күн ахсын итинник иэдээни быыһынан сылдьар буоларбыт». Сэрии тохтуо, уурайыа баара дуо? Өссө күүһүрэн испитэ. 1943 с. тохсунньу 3 күнүн түүнүгэр биһиги сэриилэрбититтэн эбии күүс кэлбит сибикитэ биллибит. Эмискэ «Катюша» уоту аһара. Артиллериялар тибийэллэрэ, биһиэннэрэ субу-субу атаакалыы сатыыллара. Ол эрээри өстөөх олус хойуутук миинэлээбит буолан, субу-субу алдьархай айаҕа аһыллара. Биһиги сэриилэрбит байыастара миинэлэри ыраастыы сылдьан дьон өлүктэринэн хаххаланан тыыннаах ордоллоро. Туох баар күүстэрин мунньан сэриилэһэ сыппыттара. Ол будулҕан ортотугар аҕабыт хаҥас илиитэ ньир гына түспүтэ, хамсаппат буолбута. Төһө да бааһырдар санбатка барар кыах суоҕа. Ол сыттаҕына өстөөх артиллериянан, минометунан тохтоло суох уоту аспыта. Аҕабыт хаҥас илиитэ бааһырбытын аахсыбакка уҥа илиитинэн сэриилэһэ сыппыта. Атын отделениелар байыастара аҕабыт аах ылбыт өстөөх траншеятыгар ыстанан түһүтэлээннэр арыый тыын ылларбыттар. Өлүү-сүтүү, өй-мэйдээх тулуйбат ыһыыта-хаһыыта диэн онно баара. Били сэриилэһэ сыппыт уҥа илиититтэн автомата төлө ыстанан эрэрин өйдөөн хаалбыта, миномет уҥа илиитин эмиэ тоһуппута, тарбахтара бысталанан бараннар иҥиириттэл иҥнэн үтүлүккэ тардыһаллар эбит, дьэ, иэдээн быһылаан! Табаарыстара кинини түргэн үлүгэрдик санбаакка илдьэллэр. Ити ылбыт бааһырыыларынан госпитальга түөрт төгүл операцияланан тыыннаах хаалбыта. Кэлин истибитэ, ити кыргыһыыга кини отделениетыттан түөрт эрэ саллаат тыыннаах орпуттар. Аҕабытын итиннэ «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыттар. Сэрии кыттыылаахтара этэллэринэн, бу мэтээл дэбигис бэриллибэт, чахчы хорсун быһыыны көрдөрдөхтөрүнэ тиксэллэр эбит. Ону таһынан «Бойобуой үтүөлэрин» иһин икки мэтээллээх сэрииттэн төннүбүтэ. Кэлин ахтарынан, сэрии саҕаланыаҕыттан уот-будулҕан түрүлүөнүгэр түбэһэммин, сорох наҕараадам бэйэм аадырыспын кыайан булбатахтара диирэ, бэйэтэ тыыннааҕар. Ол гынан баран саамай улахан наҕараадатынан уот сэрииттэн тыыннаах ордон кэлбитэ, ыал буолан кэннигэр хаалар ыччаттардаммыта буоллаҕа дии, бэйэтэ да оннук саныыра, дьылҕатыгар махтанара чахчы.

Фронт уонна тыыл байыаһа аҕабыт баара буоллар быйыл 100-с хаарын уулларыа этэ.

Аҕабыт 63-с сааһыгар 1978 сыллаахха сэриигэ ылбыт баастара бэргээбиттэриттэн ыарахан ыарыыттан күн сириттэн туораабыта.

 

М.М. Дьяконова,

улахан кыыһа, үлэ ветерана, үөрэх систематын бочуоттаах ветерана,

Россия үөрэҕириитин туйгуна

 

1