РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

ИСТОРИЧЕСКАЙ КЫРГЫҺЫЫЛАРГА КЫТТЫБЫТА

 

Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Нам буойун уолаттара летчик, танкист, артиллерист, минометчик, сапер разведчик о.д.а. байыаннай идэлэри туйгуннук баһылаан төрөөбүт Ийэ дойдуларын көҥүлүн хорсуннук кемүскэспиттэрэ.

Олортон биирдэстэринэн гвардия техник-лейтенана, танкист Хатырык уола Петр Васильевеич Охлопков. Сэриигэ 1941 сыл от ыйын 3 күнүгэр Саратов куораттан тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ сылдьан барбыта. Комсомолец Петр Охлопков оборона государственнай комитетын председателэ И.В. Сталин этиититтэн биһиги дойдубутугар улахан куттал суоһаабытын, өстөөҕү кытта кыргыһыы харысхала суох буолуохтааҕын, фронт уонна тыыл биир лааҕыр­га сомоҕолоһуохтаахтарын үчүгэйдик өйдөөбүтэ.

1942 сыл күһүнүгэр Бүтүн аан дойдуга сураҕырбыт Сталинград улуу кыргыһыыта күүдэпчилэммитэ. Петр
Охлопков 156
отдельнай танковай батальоҥҥа рота командирын техчааска көмелөһөөччүтэ зтэ. Икки ый
устатыгар сэрии хас даҕаны мүччүргэннээх хапсыһыыларыгар түбэспитэ. Сэрии уотун ортотугар саахалламмыт танкалары оҥорон иккиһин сэриигэ киллэрэрэ. Өлбүт доҕорун солбуйан бэйэтэ танкаҕа олорон өстөөх оборонатын кумалаһара.

1943 сыллаахха Воронежскай фронт 35 гвардейскай танковай биригээдэ 1-гы танковай батальонугар
технигинэн сэриилэспитэ. От ыйдааҕы Орловскай-Курскай Тоҕой  историяҕа киирбит кыргыһыытыгар кыттыбыта. Манна аан маҥнай немецтэр туохха да хотторбот, аатырбыт «Тигр» танкаларын кытта күен көрсүбүтэ, Урукку өттүгэр хаһан да буолбатах танковай кыргыһыыга биһиги албан аатырбыт танкистарбыт немец сэриилэрин үлтү сыспыттара.

Гвардия техник-лейтенана Охлопков П. В. сэтинньигэ 1943 сыллаахха ССКП чилиэнигэр киирбитэ. I Прибалтийскай фроҥҥа сэриилэһэ сырыттаҕына өрөгөйдөөх Кыайыы күнэ буолбута. Немецкэй фашизмы кыайыынан II Аан дойду сэриитэ бүппэтэҕэ. Советскай Союз бэйэтин союзтаах эбээһинэһин толорон 1945 сыллаахха атырдьах ыйыгар милитаристскай Японияҕа сэриини биллэрбитэ. Манна Охлопков П. В. II Забайкальскай фроҥҥа 138 гвардейскай ыарахан танкалар самоходнай полкаларыгар техчааска рота командирын солбуйааччытынан кыттан, Япония биир мөлүйүөннээх квантунскай армиятын үлтүрүтүспүтэ.

Сэриигэ сылдьыбыт сылларыгар бэйэтин эр санаалаах, сатабыллаах командирынан көрдөрбүтэ. Кыһыл Сулус орденынан, «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны кыайыы иһин» медалларынан наҕараадаламмыта. Төрөөбүт Сахатын сиригэр 1946 сыллаахха кэлбитэ. 1973 сыллаахха пенсияҕа тахсыар диэри Петр Васильевич Охлопков эппиэттээх партийнай, советскай, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ активнайдык үлэлээбитэ. 1955-59 сылларга Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талыллыбыта. Энкилэ суох активнай үлэтин иһин «Үлэҕэ килбиэнин иһин» медалынан, РСФСР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан биир төгүл, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан икки төгүл наҕараадаламмыта. Сэрии саллаата үлэ фронугар эмиэ бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Биһиги Петр Васильевич Охлопковы кытта бииргэ үлэлээбит дьоннор кинини үлэ мындырдарын дириҥник билэр, бэйэтин хаһан даҕаны атыттартан ордук туттубат, дьону кытта түргэнник биир тылы булан доҕордоһор көнө майгылаах үлэһит быһыытынан билэбит.

1975 сыллаахха 58 сааһыгар Намҥа ыалдьан өлбүтэ.

 

Д. Гаврильев

1