РУБРИКАТОР
|
|||
БАСТАКЫ ХОМУУРГА ТҮБЭҺЭН
Василий Иннокентьевич Охлопков -Түөһэй Баһылайа 1915 сыллаахха 1 Хомустаахха (Мурчуку нэһилиэгэ), билиҥҥитэ «Никольскай нэһилиэгэ» МТ Арыы Кыынньарбыкка Элэгэнтэй-Түөһэй уонна Маайа диэн сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Төрүттэрин удьуордаан уолаттар Бүөтүр-Төкөрөҥ, Баһылай-Түөһэй бэйэлэрин лаппа кыанар, сытыары-сымнаҕас дьон этилэр. Үлэни кыайа-хото тутар дьон ударниктар кэккэлэрин хаҥаппыттара. Василий Иннокентьевиһы Намҥа аһыллыбыт трактористары бэлэмниир курска ыыппыттара. 1933 с. ити курска үлэни кыайар уолаттар үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Сир оҥоһуутугар үлэлээн оройуонугар «Стахановец» үрдүк аатын ылбыт. 1936 с. Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын стахановецтарын I слеттарын делегата буолан кыттыыны ылбыт. Колхоһун салалтата салайар, дьону тумэр дьоҕурун таба көрөн хонуу биригэдьииринэн өрө таһаарар. Бастакы биэс сыллаах былаан сорудахтара эрдэ толорулланнар, дьон-сэргэ олоҕо улам тупсан испитэ, дьон үлэҕэ көҕө хаһааҥҥытааҕар да үрдүктүк турара. Дойду дьэ сүһүөҕэр туран эрдэҕинэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Мурчукуттан төрүттээх чулуу уолаттар П.А. Винокуров, В.Д. Данилов, П.С. Шадрин бастакы хомуурга түбэһэн фроҥҥа аттаммыттара. 1941 с. атырдьах ыйын 8 күнүгэр бурдук быһа сырыттаҕына В.И. Охлопковка бэбиэскэ туттарбыттара. Кини бастаан Читаҕа байыаннай үөрэҕи ааспыт, онтон уталыппакка Москва анныгар тиийбит. Сибээс 429-с отдельнай батальонун Ленинградка ыыппыттар. Ленинград блокадатыгар түбэһэн киһи хараҕыттан уу тахсыбакка кыайан астыбат ыар аччык, уот, буулдьа ортотунан сылдьан куораты көмүскээһиҥҥэ кыттыспыта. Аан бастакы наҕараадатын «Ленинград оборонатын иһин» мэтээлинэн 1942 с. наҕараадаламмыта. Блокада кэнниттэн Красноярскай куоракка аҕалан эмтээн-томтоон сүһүөҕэр туруоран баран салгыы Арҕаа фроҥҥа быраҕаллар. Улуу Кыайыыны 1945 с. Рига куоракка көрсөр. Салгыы кини чааһын Илиҥҥи фроҥҥа ыыталлар, сэриини Порт-Артурга түмүктүүр. 1946 с. атырдьах ыйын 10 күнүгэр эргиллэн кэлбит. Кини түөһүн «Ленинград оборонатын иһин», «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны Кыайыы иһин», «Японияны Кыайыы иһин», «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин II ст. уордьана, «Туйгун связист» диэн бэлиэ киэргэтэллэр. Ленинград 900 хонуктаах блокадатын тиличчи сылдьыбыта, сэрииттэн төннөрүгэр кэргэнэ ыалдьан өлбүт этэ. Кини сэриилэһэн кэлээт, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Сүөһү ферматыгар от тиэйээччи, түүлээхсит, тутааччы, быһата, кини сатаабат-кыайбат үлэтэ диэн суоҕа. Бэйэтин курдук кыайыылаах-хотуулаах кыыһы Валентинаны көрсөн холбоспуттара. Кинилэр 10 кыыһы, 3 уол оҕону төрөппүттэрэ. Барыта Баһылай 2 уолунуун 15 оҕолоох улахан ыал этилэр. Василий Иннокентьевичка Нам улууһун ХХ-с үйэҕэ «Чулуу отчут» аат иҥэриллибитэ. Кини күҥҥэ 2,5 га сири илии хотуурунан охсоро. Улуу Кыайыы 40 сыллаах үбүлүөйүн көрсө 70 саастаах кырдьаҕас үөлээннээхтэригэр «Ленин суола» хаһыат нөҥүө ыҥырыы таһаарбыта: «30 тонна бастыҥ хаачыстыбалаах оту оттоон туттарарга». Ылыммыт соругун 173% толорбута. Ол туһунан «Ветеран 52 тоннаны оттоото» диэн Данилов Д.Г. ыстатыйатыгар бу курдук суруллубут: «Ытык кырдьаҕас биэрбит тылын аһары толордо. Кини оттообут отун комиссия 52 тоннанан, бастыҥ суортааҕынан тутта. Василий Иннокентьевич 1981 с. 46 тоннаны оттообута. Төһө да кырыйдар, саас баттаатар быйыл 6 тоннанан аһарда. Ити атыттарга үтүө холобур буолар». Улахан уола Охлопков Николай Васильевич «Саха АССР үтүөлээх тутааччыта» аат, «Бочуот знага» уордьан кавалера, тутааччы. Үһүс уол Охлопков Иван Васильевич 1985 с. Кыайыы 40 сылын көрсө аҕатын бачыымын өйөөн таһаарыылаахтык үлэлиир уонна «Оройуон 1985 с. чемпион суоппара» бочуоттаах аатын ылан чемпион лиэнтэтин кэтэр. Ити кэмтэн таһаарыылаахтык үлэлээн оройуон, республика киэн туттар киһитэ буола үүнэр. Убайыттан хаалсыбакка олук үктүү ветеран-суоппар Валерий Васильевич Дьааҥы-Муома-Верхоян хайаларын уҥуордаан таһаҕас таһар, чааһынай тэрилтэтин хаҥатынар. Василий Иннокентьевич уолун Валераны батыһыннара сылдьан «Түөһэй» аартыгынан тахсар суолу оҥороллоро, муосталары туталлара. Ыанньык фермаҕа ыаммыт үүтү сүөгэйдииллэрэ, ону массыынанан тахсан тиэйэн киирэллэрэ. Николай Васильевич иккис уола Василий аҕатын утумнаан элбэх оҕоломмута, аҕыйах саҥалаах, кыайыылаах үлэһит. Кыра уол Егор икки оҕото удьуор утумун салгыыллар. Василий Иннокентьевич, Валентина Ивановна билигин баар 11 оҕолоро улахан ыал эһэлэрэ, эбэлэрэ. Дириҥ силистээх мас охтубатын курдук күүстээх удьуор утума салҕанар. Үйэлэртэн үйэлэргэ ити курдук баран иһиэ. Ыал - ийэтинэн, туох барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Охлопкова Валентина Михайловна элбэх оҕону көрөрүн таһынан бастаан ыччат сүөһү көрүүтүгэр, ол кэннэ 1971 сылтан ыанньыксытынан үлэлиир. Оройуон чемпион ыанньыксытын аатын 3 төгүл, совхозка 5 төгүл үүт ыаһыныгар чемпионнаабыта. Ыалдьытымсах, киирбит киһини аһаппакка таһаарбат үтүө идэлээх дьиэ хаһаайката этэ.
Николай Нилов
|