РУБРИКАТОР
|
|||
СВЯЗИСТ ВАСИЛИЙ ОХЛОПКОВ
1915 с. Нам улууһун 1-Хомустаах нэһилиэгэр Арыы Кыынньарбыкка төрөөбүтэ. 1933 с. "Хоҥордой" колхоз чилиэнэ, МТС-ка трактористар курстарын бүтэрбитэ. 1936 с. Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын стахановецтарын 1 слеттарыгар, Нам оройуонун делегациятыгар киирэн тракторист стахановец быһыытынан кыттыбыта. 1941 с. атырдьах ыйын 8 күнүгэр фроҥҥа барбыта, Ленинградскай фронт састаабыгар, Главнай командующай резервэтин 206-с отдельнай сибээс батальонугар, связист быһыытынан, Ленинград обороната саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы сылдьыбыта, Прибалтиканы босхолоспута. Кыайыы күнүн Ригаҕа көрсүбүтэ. 1945 с. атырдьах ыйыгар милитаристскай Японияҕа утары сэриигэ киирбитэ. Гоби кумах куйаарын туорааһыҥҥа уонна Хинганы ылыы иһин Верховнай кылаабынай командующай И.В. Сталин Махтал суругун ылбыта. Сэриини Порт-Артур куоракка түмүктээбитэ. Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран Киров, Ленин аатынан колхозтарга, "Нам", "Комсомольскай" совхозтарга Никольскай биригээдэтигэр хонуу биригэдьииринэн, кадровай булчутунан, мас кэрдээччинэн үлэлээбитэ. Пенсияҕа тахсан баран, Промохотаҕа булчутунан үлэлии сылдьан 1988 с. өлбүтэ. Хамаҕатта нэһилиэгин 5-с, 6-с ыҥырыылаах Советын депутата этэ. Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан, "Ленинграды көмүскээһин иһин", "Хорсунун иһин", "Бойобуой үтүөлэрин иһин", "Германияны кыайыы иһин", "Японияны кыайыы иһин", "Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин" медалларынан, "Туйгун связист" знагынан, тыа хаһаайыстыбатын министерствотын уонна профсоюзтар бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Нам улууһун XX үйэҕэ чулуу отчута.
Ахтыы
Мин 1941 с. атырдьах ыйын 8 күнүгэр "Хонордой" колхозка хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьан, бурдук быһар кэмҥэ армияҕа барбытым, суруйааччы Д.Г. Федотов-Алаадьылыын. Читаҕа тиийэн араартаан кээстилэр, киһим: "Үөрэҕэ суохтары дьиэлэригэр ыыталлар үһү", - диэн сайыһан, айманыы бөҕө. Онтукам баара, Москва анныгар тиийэн хааллым. Сотору Ленинград оборонатыгар киллэрдилэр, хоргуйуу кытаанаҕа. Тоҥ хортуоппуйу бааһынаттан хостуу сылдьан, биир саха курдук киһи, аһыннаҕа буолуо, икки хортуоппуйу хоонньубар уган кэбистэ. Тахсарбытыгар бэрэбиэркэ бөҕө эбит, били хортуоппуйбун булан ылан, айдаан буолла, ытыллаҕын дииллэр, хата командирым толук түһэн, быыһаан ылла. Мин 4-с эксплуатационнай ротатыгар баарым, инньэ гынан, тыыннаах хаалбыт буолуохтаахпын. 1-й рота диэн линейщиктэр, кинилэр сэрии хонуутугар, проводтарын катушка сүгэн баран, соһо сылдьар дьон, олор эрэйдээхтэргэ өлүү-сүтүү бөҕө. Биһиги кинилэр кэннилэриттэн сылдьан, остуолба туруоран, линия тардан иһэбит. Биһиэхэ даҕаны, өстөөх буомбалаатаҕына, үөһэ ыттан олорооччулар табыллан, когтиларыттан таннары ыйанан хаалаллар этэ. Бу түөрт сыл устата биирдэ кыратык контузия ылбытым. Красноярскайга аҕалан 5 ый эмтээн киһи оҥорбуттара. Блокада бүтэ илигинэ, бэйэм чааспар тиийбитим. Хайдах куораттан таһаарбыттарын олох өйдөөбөппүн. Бука самолетунан буолуо. Оччолорго кыанар буоламмын бэрэбинэ сүгүүтүгэр төрдүн көтөҕөрүм-сүгэрим, ол иһин буолуо, командирым харыстыыр быһыылаах, аны санаатахха. Биир да саханы көрбөтөҕүм, арай кыайыы буолтун кэннэ, Ригаҕа биир эдэрчи киһини көрсүбүтүм, туох да күттүөннээҕи кэпсэппэтэхпит, биир кэм куустуһа-куустуһа: "Сахаҕын дуо? Дьэ, кыайдыбыт ээ," - дэһэбит. Киһим командир таҥастааҕа, аатын-суолун эппитэ буолуо да, умнан кэбиспиппин. "Мэҥэбин", - диэн массыынатыгар сүүрэн иһэн хаһыытаабыта өйбөр хатаммыт. Литваҕа биир хуторга олордубут. Оҕонньордоох эмээхсин олороллор эбит, биир кыыстаахтар. Баай ыаллар. Оҕонньор күн тура-тура атын сэбин бэрийэр, сыарҕатын, отун тэрилин өрөмүөннүүр. Мин ымсыырыы бөҕө, биһиэхэ үөрэх да үлэ да суох. Туос иллэҥмит, оҕонньорго баран көмөлөһөбүн. Сороҕор бултаан кэлэбин, ол дойду ойуура лиҥкинэс бөдөҥ мастаах, сүрдээх хойуу баҕайы. Туртас хойуу, куобах биһиэнинээҕэр бөдөн. Төһө сиирбитинэн сүгэн кэлэбин. Оҕонньорго бэристэхпитинэ хортуоска, сыа биэрэр. Туой миигин, төһө немеһи өлөрдүҥ диир, суох диирбин, олох итэҕэйбэт, кыыспын ыл, манна хаалан хаһаайын буол, кырыйдым диир, ону олох буолбатым, дойдубун ахтарым сүрдээх. Ол сырыттахпына, поездка хаалаатылар да, илин диэки түһэ турдубут. Дьиэлээтибит диэн үөрүү бөҕө. Арассыыйаҕа кэлэн истэх аайы суол икки өттө алдьаммыт-кээһэммит техника. Дэриэбинэлэр оһохторо эрэ хороһон тураллар. Уолаттарым айманыы, ытаһыы бөҕө, дойдулара буоллаҕа дии. Иркутскайга сүөкэннибит. Японияны утары сэриигэ киирэҕит диэн бирикээс аахтылар. Кумах куйаары туораатыбыт, сатыы. Утатыы киэнэ улахана буолла. Кыаммат өттө аара оҕунна. Дьоммут сааларын-сэптэрин сүгэн иһэбит. Өлүөх дьону, хата дохсун ардах түһэн абыраата. Дьэ "һуу" гынан сэриигэ киирдибит. Порт-Артур куоракка: "Сэриигэ кыайдыбыт!" - диэн буолла. Командирбыт стройдатан баран Сталин Махтал суругун туттарда. Миигин Слава ордеҥҥа түһэрдилинниҥ диэбитэ да, ону ылбатаҕым. Иркутскайга кэлэммин били Алаадьыбын - Д.Г. Федотовы көрсө түстүм. Киһим таҥаһа сабыс саҥа, сабыс саҥа мэтээллээх. Аргыстаһыахпыт, күүт диэбитин, уолаттарбыттан хаалымаары буолбатым. Кэлбитим, бурдук быһыыта саҕаланаары турара. Онон бурдук быһыытыгар 4 төгүрүк сыл буолан баран кэллэҕим дии. "Үлэҕэ баҕалааҕы - үлэ тоһуйа сылдьар" дииллэрэ кырдьык ээ... Сэриигэ даҕаны үлэ ынырыга этэ.
Ыам ыйын 7 күнэ 1985 с.
|