РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Татаринов Иннокентий Афанасьевич

(1926-1981 сс.)

 

Наҕараадалара:

Аҕа дойду сэриитин II степеннээх уордьана;

«Японияны кыайыы иһин» мэтээл;

«1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл;

Жуков мэтээлэ;

Юбилейнай мэтээллэр.

Мин, Татаринов Иннокентий Афанасьевич, 1926 с. Нам оройуонун Үөдэй нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. 1939 с. Үөдэй начальнай оскуолатын, 1940-1943 сс. Уус Алдан Суотту 7 кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. 1942 с. комсомолга киирбитим. 1943 с. күһүн Дьокуускайдааҕы педучилище школьнай отделениетыгар бастакы курска ылыллыбытым уонна 1944 с. кулун тутар 16 күнүгэр педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбытым.

Педучилище уонна пединститут оҕолоро барыта 63 буолан 3 грузовой бүрүөһүннээх массыынанан Алдан куоратынан Большой Невер диэн тимир суол станциятыгар 3 суукка айаннаан тиийбиппит. Онтон поеһынан Даурияҕа аҕалбыттара. Байыаннай бирисээгэ биэрбиппит. Араас байыаннай үөрэхтэри барбыппыт. Границаны бөҕөргөтөн окуопалары түүннэри-күннэри хаһарбыт. Үлэ, үөрэх олус ыарахан, аһылык да куһаҕан этэ. Биһигини арҕаа ыыппатахтара.

Границаны Япония сэриинэн киирэриттэн көмүскээһиҥҥэ хаалларбыттара.

Онтон 1945 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр Аргунь өрүһү туораан Япония Квантунскай армиятын утары сэриигэ турбуппут. Мин Забайкальскай фронт (командующай Малиновскай Р.Я.) 36-с армия (командующай Лучинскай А.А.) 210-с дивизия, 649-с стрелковай полкатын састаабыгар киирсэн автоматчигынан сэриилэспитим. Улахан хаан тохтуулаах сэрии Япония кириэппэс куоратыгар Хайларга буолбута. Онно мин хас да саха табаарыстарбын сүтэрбитим. Ол кэнниттэн олус эрэйдээх, үрдүк Хинган хайаны туораан Цуцикар диэн Япония сэриитин муспут бөдөҥ куоратыгар эми сэриилэспиппит. Онтон Маньчжурия бөдөҥ куораттарын Мукдены, Чаньчун босхолоон сэриибитин Порт-Артурга түмүктээбиппит. Сэрии балаҕан ыйын 3 күнүгэр түмүктэммитэ.

Сэрии кэнниттэн араас байыаннай чаастарга сыддьыбытым: Читинскэй, Бурятскай, Воронежскай, Ростовскай, Сталинградскай уобаластарга автоматчигынан, сапёрунан, тимир суоллары оҥорууга уо.д.а. сыддьыбытым. Хаан тохтуулаах сэриини, армия ыарахан олоҕун барытын суруйар кыаҕым суох. Сэбиэскэй Армияҕа 6 сыл 8 ый сулууспалаан дойдубар Үөдэйгэ 1950 с. сэтинньи ыйга кэлбитим.

1950-1951 үөрэх сылыгар Үөдэй оскуолатын интернатыгар баспытааталынан үлэлээбитим. 1951-1953 сс. үөрэхпин салҕаан педучилищены бүтэрбитим. Уу Дьааҥы оройуонугар Мохнатка начальнай, Нам оройуонугар Салбаҥ начальнай, Үөдэй 8 кылаастаах оскуолаларыгар учууталлаабытым, сэбиэдиссэйдээбитим.

1968-1972 сс. Үөдэй нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, 1985-1989 сс. Хатырык сельсэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлин сэкирэтээринэ үлэлээбитим.

 

И.А. Татаринов, 1989

 

 

1