РУБРИКАТОР
|
|||
Ядреев Семен Петрович (1916-1955 сс.)
Наҕараадалара: «Кыһыл Сулус» уордьан; «Хорсунун иһин» мэтээл; «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээл; «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээл; «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл; Юбилейнай мэтээллэр.
Ядреев Семен Петрович 1916
сыллаах төрүөх, 5 кылаас үөрэхтээх. Сэрии иииинэ агроном курсугар
үөрэммит. 1941 с. от ыйыгар Буденнай аатынан холкуоска суотчутунан
үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыт. Сэриигэ сылдьан контузияламмыт, 1946
с. тохсунньу 5 күнүгэр дойдутутар эргиллэн кэлбит. Кэлэн баран «Буденнай»
холкуоска бурдук ыһыытын салайар этэ. Кэлин нэһилиэк сэбиэтигэр
сэкирэтээрдээбитэ. Оҕо сырыттахпытына, бырааһынньыктарга Семен Петрович
түөһэ толору мэтээллээх хара көстүүм кэтэрэ. Кэргэнэ Эверстова Елена Дьэ, ити курдук кыайан-хотон, үөрэн-көтөн, төһөлөөх үлэни үлэлээн эдэр саастарыгар сэрии охсуутуттан суорума суолланан биллибэккэ бараахтаабыттара буолуой!
Е.И. Хабарова, кэргэнин балта 2015 с.
|