РУБРИКАТОР
|
|||
Ядреев Петр Гаврильевич (1924-1992 сс.)
Наҕараадалара: Албан аат III степеннээх уордьана; Аҕа дойду сэриитин I степеннээх уордьана; «Хорсунун иһин» мэтээл; «Украинаны босхолооһун иһин» мэтээл; «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээл; «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл; Юбилейнай мэтээллэр. Ядреев Петр Гаврильевич 1924 с. от ыйын 11 күнүгэр Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1933 с. Үөдэй 4 кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн баран, Партизан сэттэ кылаастаах толорута суох оскуолатын, 1940 с. тыа хаһаайыстыбатын техникумун маҥнайгы курсун бүтэрбитэ. 1942 с. атырдьах ыйын 5 күнүгэр «Сталин» холкуос отун, бурдугун хомуура үгэннээн турдаҕына, сэриигэ барбыта. П.Г. Ядреев 1942-1943 сс. Мальтаҕа, Даурия станциятыгар младшай командирдар оскуолаларыгар үөрэнэн сержант званиетын ылбыта. 1943-1945 сс. Арҕаа Украинскай фронт 342-с туспа стрелковай полкатыгар сержанынан сулууспалаабыта. 1943 с. Украина территориятыгар сэриилэһэр фроҥҥа Киевинэн, Житомирынан Львовунан ынырыктаах кыргыһыылары ааспыта. 1944 с. Бук өрүс туорааһыныгар төбөтүгэр ыараханнык бааһыран, аҥаар көрөрүн сүтэрэн Львов госпиталыгар 6 ый устата эмкэ сыппыта. П.Г. Ядреев сэриини 1944 с. Братислава куоракка түмүктээбитэ уонна Улуу Кыайыы күнүн кыраман ыраах Бреславль куоракка көрсүбүтэ. Петр Гаврильевич НКВД линиятынан байыаннай сулууспаҕа сылдьан баран 1946 с. кулун тутар ыйга демобилизацияланан бииргэ сүүрбүт-көппүт, биир дойдулааҕын Захар Прокопьевич Саввины кытта иккиэн аргыстаһан, тыыннаах ордон, үөскээбит Үөдэйдэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэр. Ядреев Петр Гаврильевич 1948-1949 сс. холкуоһунай оскуоланы үөрэнэн бүтэрбит уонна 1950 с. холкуос салайар үлэтигэр бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, кэнники сылгыһыттаабыт.
|