22.12.2024

Улуу Ойуунскай саргыбытын салайбыт киһи

Сэтинньи 11 күнүгэр саха советскай литературатын төрүттээччи, поэт, прозаик, учуонай, Саха автономнай советскай социалистическай республикатын төрүттэспит бөдөҥ государственнай, общественнай-политическай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сыла

Платон Ойуунускай доҕоругар Максим Аммосовка анаабыт «Син биир буолбаат?!!» хоһоону ааҕаллар «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрэ

«Айхалланнын, албан ааккыт» хоһоон. Ааҕар автор Прасковья Байанаева

Ушницкая Наталья – Дайыына ааҕыытыгар П.Ойуунускай «Кэтэһии» хоһооно

Ойуунускай үтүө аатыгар сүгүрүйэн : [анабыл хоһооннор, ырыалар, ыстатыйалар, ырытыылар] / хомуйан оҥордо А. С. Колпашникова ; [Н. М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотеката ; Информационнай-методическай салаата]. — Нам, 2023. —  109 с.

Биир дойдулаахпыт уһулуччулаах государственнай, политическай деятель Максим Кирович Аммосов чугас доҕоро, суруйааччы, саха сэбиэскэй  литературатын төрүттээччи, айар тыл төлөннөөҕө Былатыан Ойуунускайы Нам сирэ, Эҥсиэли хочото истиҥник саныыр, киэн туттар, сүгүрүйэр.

«Ойуунускай үтүө аатыгар сүгүрүйэн» диэн кинигэбитин саха норуотун чулуу уолаттара, Максим Аммосов уонна Платон Ойуунускай истиҥ доҕордоһууларын үйэтитэр сыаллаах уонна  суруйааччы төрөөбүтэ 130 сылын көрсө түмэн таһаардыбыт.

Кинигэҕэ Эҥсиэли хочотун айар талааннаахтара, поэзияны таптааччылара улуу Ойуунускайга анаабыт хомоҕой хоһоонноро, ыллам ырыалара, историяны сырдатар испэктээк, ыстатыйалар, ахтыылар наарданан киирдилэр. Бу Былатыан Ойуунускай сүдү аатыгар махталбыт бэлиэтэ буолар.

Кинигэни киирэн ааҕын, билсиҥ, сэргээн

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять