?Аан дойду бары муннугар олорор биир дойдулаахтарбытын түмэр аналлаах, саха омугу үйэтитэр «Үйэ» сурунаал алтынньы ыйдааҕы нүөмэригэр тахсыбыт биир дойдулаахтарбыт туһунан балаһалары билиһиннэрэбит.
?Ийэ таптала күндүттэн күндү, күннэтэ сүгүрүйэр, ытыктыыр киһибит буолар. Хас биирдии киһи олоҕо остуоруйа курдук бииртэн-биир дьикти ис хоһоонноох олоҕун суола бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат өрүттэрдээх буолар. Нам улууһун баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов күнү көрдөрбүт күндү ийэтин Анна Алексеевна олоҕун туһунан «…Кини таптала мэлдьи өйүү сылдьар» диэн ийэтин олус истиҥник-иһирэхтик Юрий Иннокентьевич балта педагогическай наукалар кандидаттара, РФ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Юлия Иннокентьевна Трофимова кэпсээбитин сиһилии сурунаал 48-49 страницаларга ааҕын.
?Улууспут биир киэҥ туттар анал орто үөрэхтээһин тэрилтэтэ — И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледжа буолар. Колледж дириҥ историялаах, үгүс талааннаах учууталлардаах, сахабыт сирин бары улуустарыттан элбэх эдэр ыччат үөрэнэн, идэ ылан үлэлии-хамсыы, үтүөнү-кэрэни тарҕата сылдьаллар. Колледж директора педагогическай наука кандидата, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна Елена Вячеславовна Никитинаны кытта «Каков он, современный руководитель?» — диэн интириэһинэй кэпсэтии бэчээттэнэн тахсыбыт. Елена Вячеславовна бу кэпсэтиигэ колледж үлэтин, саҥа сүүрээннэр киириилэрин, бэйэтин төрүччэтин, дьиэ кэргэнин, олоҕун туһунан ааҕыаххыт сурунаал 30-32 страницаларга.
? Саха өрөспүүбүлүкэтэ чөл олох туһугар охсуһуутун уопута Россия үрдүнэн тарҕанна. Сорохтор билинэллэринэн, чөл олоҕу тутуһуохтарын баҕарбыттарын да иһин, бириэмэлэрэ, үптэрэ-харчылара тиийбэтэ уонна дьулуурдара суоҕа мэһэйдиир. Эспиэрдэр хамсаныы хааччахтаныытыттан организм туруга уларыйыыта, утары охсуһарга саамай кылаабынайа –чөл олоҕу күүскэ тарҕатыы наадатын этэллэр. Биһиги республикабытыгар Чөл олоҕу тарҕатааччылар, чөл олоҕу тутуһуу түмсүүлэрэ, кулууптара элбэхтэр.Олортон биирдэстэрэ Дьокуускай куоракка «Преображение» чөл олох кулууба буолар. Тэрийээччи педагогическай наука кандидата, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, “Учуутал-методист” бэлиэлэр хаһаайыннара, «Таатта улууһун сыл бастыҥ киһитэ” анал аат хаһаайката Екатерина Ивановна Винокурова буолар. Бу кулуупка сахабыт сирин араас улуустарыттан, куораттарыттан үгүс элбэх дьон киирэн дьарыктанар, доруобуйатын тупсарынар. Наммыт улууһуттан дьарыктанааччылар эмиэ бааллар, ол курдук Елена Владимировна Ефремова. Хатырык нэһилиэгин “Сайдам” сынньалаҥ киинин директора, нэһилиэк депутата Елена Владимировна бу “Преображение” кулууп туһунан санааларын билсин. Чөл олоххо тардыһааччыларга, чөл олоҕу тутуһар бары дьоммутугар бу сурунаал “Команда мечты” рубрикатын ааҕаргытыгар сүбэлиибит.