Ахсынньы 7 күнүгэр 2 Хомустаах нэһилиэгэр «Түһүлгэ» сынньалаӊ киинигэр ааспыт үйэ 30-40 сылларыгар колхознай тутуу актыыбынай кыттыылааҕа, маӊнайгы ТСОЗ — тары, артыаллары тэрийсибит, «Хатас» колхуоска өр сылларга бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, нэһилиэк сэбиэтин салайбыт, II Хомустаах нэһилиэгэ тэриллиитигэр уонна Хатас бөһүөлэгэ олохтонуутугар улахан кылаатын киллэрбит, нэһилиэк маӊнайгы коммунистарыттан биирдэстэрэ, сэрии ыар сылларыгар үтүө сыһыанынан бар дьонун махталын ылбыт, мас ууһа, олоӊхоһут, рационализатор курдук дэгиттэр талаанынан биллибит Протопопов Николай Данилович (Кылгас Ньукулай) төрөөбүтэ 120 сааһын бэлиэтиир «Үтүө киһи аата умнуллубат» диэн ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Бу тэрээһиӊӊэ Николай Данилович оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара кыттыыны ыллылар, нэһилиэкпит баһылыга Лев Николаевич Новгородов уонна кини үтүө аатыгар махтал тыллары эттилэр кинини өйдүүр, ахтар саныыр дьонноро.
Бу күн Николай Данилович туһунан салайааччы быһыытынан олорбут олоҕуттан дьиӊнээх чахчылары хомуйан, 1935 сыллаахха сэтинньи ый 27 күнүгэр “Хатас” колхуос уопсай мунньаҕын 8 нүөмэрдээх боротокуолуттан уонна Протопопов Петр Никитич ахтыытыттан туруоруллубут быһа тардыыны кулууп иһинэн тэриллибит “Дьулуур” драмстудия артыыстара оонньоон көрдөрдүлэр. Маны таһынан нэһилиэкпит “Алгыс” аҕам саастаахтар сэбиэттэрин көмүс куоластаах ырыаһыттара 30-с сыллардааҕы үлэ туһунан ырыалары ыллаан дьон сэӊээриитин ыллылар. 2-с Хомустаах орто оскуолатын оҕолорун толоруутугар “Бары бүттүүн колхозка” диэн литературнай дьүһүйүүнү дьон – сэргэ көрөн ытыс дохсун тыаһынан биһирээтилэр. Протопопов Николай Данилович төрүччүтүн туһунан кэпсээтэ нэһилиэк историятын сырдатааччы краевед Мария Алексеевна Гоголева. Аҕаларын, эһээлэрин туһунан ахтан аһарда төрөппүт уола, “Туймаада нефть” кылаабынай инженерэ Протопопов Николай Николаевич уонна күтүөтүн туһунан истиӊ тылларынан тыл эттэ үлэ бэтэрээнэ Готовцева Матрена Алексеевна кэргэнинээн Готовцев Иннокентий Никитичтыын. Маны таһынан сэрии сылларыгар Николай Данилович элбэх оҕолоох, дьиэ – кэргэттэрэ сэриигэ баран тулаайах хаалбыт ыалларга көмө – тирэх буолбутун туһунан 2Хомустаах оскуолатын маӊнайгы учуутала Кривошапкин Иннокентий Ильич сиэнэ, «Кэскил» оҕо издательствотын генеральнай директора Семенова Ольга Ивановна истиӊ тылларынан аҕынна. Саха Республикатын государственнай гражданскай сулууспатын туйгуна, Нам улууһун Ытык киһитэ Сивцев Константин Евсеевич Николай Данилович туһунан доклад суруйбутун билиһиннэрдэ, урукку нэһилиэк баһылыга Афанасий Кирсанович Дмитриев, Тарскай Петр Егорович, саӊастара Протопопова Елена Гаврильевна, Лидия Егоровна Пестрякова – Үүнэр кыыһа Николай Данилович туһунан истиӊ тылларынан аҕыннылар, кини туһунан элбэҕи сырдаттылар. Киниэхэ анаан хаһыат, архыып матырыйаалларынан быыстапка турда. Биэчэр түмүгэр нэһилиэкпит тэрийэр бөлөҕө Николай Данилович Протопопов 120 сылыгар аналлаах мас оӊоһукка оскуола оҕолоругар анаан күрэх тэрийбиттэрэ. Ол күрэхпит түмүгүн наҕараадатын туттарда Николай Данилович уола Протопопов Николай Николаевич.
Бастакы миэстэни Оля Данилова 8 кылаас (сотовай телефон), иккис миэстэни Айтал Попов 9 кылаас ( электрическай лобзик), үһүс миэстэни Алеша Замятин 7 кылаас (электрическэй эрбии) төрөппүт оҕолорун, сиэннэрин ааттарыттан бэлэх туттулар. Оҕолор сатабылларын, дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Кыттыбыт о5олорго биһирэбил сертификаттары туттардылар.
Бу курдук 2 Хомустаах “Хатас” холкуоһугар өр сылларга салаайаччынан, нэһилиэк сэбиэтинэн үлэлээбит Николай Данилович Протопопов 120 сааһыгар анаммыт ахтыы киэһэтэ бэрт тэрээһиннээхтик түмүктэнэн, дьон – сэргэ астына дуоһуйа тарҕастылар.