«Ийэм төрүччүтэ — киэн туттуум»
Маннык ааттаах оскуола оҕолоругар анаммыт улуустааҕы конференция сэтинньи 17 күнүгэр Оҕо модельнай библиотекатыгар ыытылынна. Конференция Саха Автономията тэриллибитэ 100, Саха сиригэр Ийэ сылларыгар туһуланна. Улуус нэһилиэктэриттэн, чуолаан Салбаҥ курдук ыраах нэһилиэктэн, 20 үөрэнээччи кыттыыны ылла.