22.12.2024

Сэтинньи 2⃣0⃣ күнүгэр Н.М. Рыкунов аат. киин библиотекаҕа Саха сирин суруйааччыларын Сойууһа тэриллибитэ 85 сылыгар аналлаах Улахан литературнай түһүлгэ буолан ааста.
⚜ *_Биһиэхэ бу күн ыалдьыттаатылар саха киэн туттар, тыл улахан маастардара, суруйааччылар:
✍?? Наталья Харлампьева,
✍?? Степан Сивцев-Хамалҕа,
✍?? Василий Васильев – Харысхал,
✍?? Павел Харитонов-Ойуку,
✍?? Николай Винокуров – Урсун,
✍?? Елена Слепцова – Куорсуннаах, *
✍?? Саргылана Гольдерова — Саргы Куо*
✍?? Данил Макеев
✍?? Елизавета Мигалкина
✍?? Олег Сидоров
⚜⚜⚜ Күндү ыалдьыттарбыт бу 85 унньуктаах уһун сыл Сойуус хайдах суолу, кэмнэри тэлэн ааспытын, билигин саха литературата хайа тыыҥҥа, санааҕа, сайдыыга кэлбитин туһунан кэпсээтилэр. Саха советскай литературатын төрүттээбит Былатыан Ойуунускай сойууска бастакытын олук уурбут суруйааччыбытынан буоларын, өр сылга Семён Данилов суруйааччылар Сойуустарын иилээн- саҕалаан, саҥа саҕахтары киллэрбититтэн саҕалаан, бэйэлэрин тус айар суолларын, айымньыларыттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Күндү дьоммутун ил тутан олорон кэпсэппиппититтэн зал толору мустубут дьоно бары да астынныбыт, дуоһудубут. 3 тэн ордук чаас биллибэккэ ааспытыттан соһуйуу, махтайыы буолан ааста. Сахабыт тылын, духуобунаһын илдьэ сылдьар киэн туттар суруйааччыларбытын кытта айар түһүлгэҕэ, истиҥ көрсүһүүгэ атах тэпсэн олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа атастаһан ылбыппытыттан икки отүттэн да туһалаах, махталлаах күн ааста. ???_

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять