22.12.2024

Государственнай программа чэрчитинэн Ил Дархан ахсынньы 13 кунунээги 896№ ыйаагар Республикага 5 библиотека модельнай статус ылар иьин куонкурска кыайан 2 куорат библиотеката 1.300.000 солк., 3 муниципальнай библиотека 800 тыь солк сууммалаах субсидия ылары ситиспиттэрэ. Ол иьигэр Намнаагы ого библиотеката модельнай библиотека урдук аатын ылбыта. Онон аныгы кэмнэ эппиэттиир толору компьютернай оборудованияннан хааччыллар,санатупсагай мебеллээх библиотеканы тэрийэр кыах бэриллибитэ.

Бастаан  библиотекабыт иьигэр ремонт улэтэ барда. 800 солк сууммабытыгар сана стеллажтары,выставочнай полкалары оноттордубут.Мультимедийнай обородувания сакаастаан ыллыбыт.Ол курдук интерактивнай доска, проектор,компьютердар,сенсорнай монитор,ситимэ суох сканер ыллыбыт.

Кинигэбит фондатын ыраастааьынна, сааьылааьынна угус улэ ыытылынна. Проект быьыытынан библиотеканы анал зоналарга араардыбыт.Компьютернай , чит.абонемент,коворкинг диэн, ол эбэтэр оголор мустаннар сынньанар, кэпсэтэр, телевизорга мультик керер муннуктара тэрилиннэ.Киирээти кытта холлга сенсорнай монитор баар буолла. Экранна библиотекага ыытар тэрээьиннэри  афишалара,сана кинигэлэри билиьиннэрэр роликтар, библиотечнай уруоктары атын да мероприятиялары ыытарга туьаныахпыт. Компьютернай зонага  интерактивнай досканы  туьанан аагааччыларга суруйааччылар тустарынан

презентациялары,виртуальнай экскурсиялары, викториналары,интерактивнай оонньуулары ыытабыт.Ону таьынан аагааччыларбыт кэлэн интернеткэ киирэн уроктарыгар бэлэмнэниэхтэрин ,электроннай кинигэлэри киирэн аагыахтарын сеп.

Ого модельнай библиотеката , аагааччыларын  уеруулээх тэрээьинигэр алтынньы 22 кунугэр куутэр.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять