27.12.2024

«Ааҕар түһүлгэ» III улуустааҕы литературнай күрэх

“Ааҕар түһүлгэ тула

Бары бииргэ мунньустуох,

Кинигэни ырыта

Санаабытын үллэстиэх …” диэн Татаринов А.М.-Удьурҕай хоһоонун тылларынан Д.Ф.Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто үөрэхтээһин оскуолатыгар III улуустааҕы «Ааҕар түһүлгэ»  литературнай күрэх аанын аста. Тэрийээччилэр 1 Хомустаах орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастар учууталларын методическай холбоhуга уонна нэhилиэк модельнай библиотеката.  Күрэх сыалынан-соругунан алын сүһүөх кылаас  оҕолорун  ааҕыыга сыһыарыы, уус-уран айымньыга кэрэхсэбили үөскэтии, үбүлүөйдээх суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин билиһиннэрии уонна  айар-суруйар дьоҕуру сайыннарыы буолар.

Быйылгы литературнай күрэхпит РФ суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «СР бочуоттаах ытык кырдьаҕаһа» И.М.Сосин  төрөөбүтэ 90 сылын көрсө ыытылынна. 1 Хомустаах орто оскуолатын директора Атласова УП. уонна Дьокуускай куораттан Сосин И.М. кыыһа, СР культуратын туйгуна Сосина О.И. күрэх кыттыылаахтарыгар эҕэрдэ истиҥ тылларын тиэртилэр, күрэхтэһээччилэргэ ситиһиилэри баҕардылар. Быйылгы күрэххэ улуус оскуолаларыттан уопсайа сэттэ хамаанда кэлэн  илин-кэлин түсүһэн билиилэрин тургутустулар. Ол курдук  “Туорахчааннар ” (Никольскай, сал. Нератова С.А.), “Айылҕа доҕотторо” (Көбөкөн оскуолата, сал. Ядрихинская Я.М.  Кобякова А.С.), “Чобуо чооруостар” (Таастаах, сал. Жиркова С.А.), “Кыргыттар” (Хатыҥ Арыы, сал.Алексеева А.А.), “Туллуктар” (ХСФЛ, сал. Местникова Н.К.), “Кэскил” (Нам, сал.Тимофеева Нь.И.) уонна “Айылҕа оҕолоро” (1 Хомустаах, сал.Николаева В.П., Винокурова С.Н.).  Хамаандалар бары ааттанан, девизтэнэн, бэйэни билиһиннэрэргэ бэлэмнэнэн кэлбиттэр.

Күрэх бастакы түһүмэҕинэн өркөн өйү тургутар, билгэлиин билсиһэр «Айылҕалыын алтыhан» диэн ааттаах литературнай турнир буолла. Бу түһүмэх түмүгүнэн 1–кы миэстэҕэ таҕыстылар – “чобуо чооруостар”,  2-с миэстэҕэ – “кыргыттар”,  3-с миэстэҕэ — “туорахчааннар”. Иккис түһүмэҕинэн буолла  «Сэһээннээх Сахаар» диэн айар күрэх. Бу күрэххэ сатабыллаах сэһэнньит Сахсаахаан Сахаар ойуур доҕотторун туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээнинэн айар үлэ ыытылынна. Айар үлэ түмүгүнэн  1–кы миэстэни  “айылҕа оҕолоро”, 2-с миэстэни “кыргыттар” , 3-с миэстэни  “айылҕа доҕотторо” хамаанда ыллылар. Иннокентий Сосин айымньыларыгар кыыллар, көтөрдөр  — бары өйдөөхтөр, кинилэр киһи курдуктар, үлэлииллэр, үҥкүүлүүллэр, бэркэ ыллыыллар, онон үһүс түмүктүүр түһүмэҕинэн буолла «Күөх тыа доҕотторо» уус-уран туруоруу. Бу түһүмэх түмүгүнэн 1–кы миэстэ – “кэскиллэр”, 2-с миэстэ – “туорахчааннар”, 3-с миэстэ –“айылҕа оҕолоро”  буоллулар.

Түһүмэх аайы тус-туспа дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ. Ол курдук ыраахтан ыҥырыллан кэлбит ытык ыалдьыттарбыт ХИФУ научнай библиотекатын методическай отделын сэбиэдиссэйэ Сосина О.И., Майатааҕы И.М.Брызгалова аат. оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ, И.М.Сосин олоҕун, айар үлэтин сырдатар “Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта” кинигэ автора Дьяконова О.Н.,  Сосин И.М. аатынан Мэҥэ Хаҥалас улуустааҕы киин библиотекатын тэрийэр-методическай отделын методиһа Габышева М.Н. уонна Бастакы Хомустаах орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Томская А.А., оскуола педагог-библиотекара Павлова Д.А.,“Сайдыы” оҕо айымньытын  киинин методиһа Избекова А.В., оҕо искусствотын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр салаа уһуйааччыта Иванова Ю.М., «Алгыс» сынньалан киин методиһа Руфова А.И., модельнай библиотека специалистара Сивцева Л.П., Жиркова Н.Д.

И.М.Сосин «Эһээ сүтүгэ» айымньытыгар Кыайыы 70 сылын көрсө «Ыллык» оҕо телестудията уонна билиҥҥи 10 кылаас коллективын бырайыагынан «Мэтээл» диэн киинэ уһуллубута. Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарыар диэри күрэхтэһэ кэлбит оҕолорго анаан  «Мэтээл» киинэҕэ уһуллубут оҕолору кытары көрсүһүү, истиҥ кэпсэтии тэрилиннэ, киинэттэн быһа тардыы көрдөрүлүннэ.

Дьүүллүүр сүбэ үс түһүмэх түмүгүнэн толоруллубут үлэлэр ис хоһооннорун, тиэмэни арыйыыларын, сонуннук таба көрүүлэрин, уус-уран  толоруу хаачыстыбатын сыаналааннар  Гран при ааты Хатыҥ Арыыттан кэлбит  “Кыргыттар” хамаандаҕа  туттарда, онтон уопсай бааллары тэҥнээн көрдөххө хатыҥ арыы кэнниттэн таастаахтар, оттон бастакы хомустаахтар, никольскайдар, көбөкөттөр, намнар, хамаҕатталар буоллулар. Күрэх түмүгүнэн муҥутуур кыайыылаах хамаандаҕа анал кубок, кыайыылаахтарга дипломнар, бары кыттааччыларга, салайааччыларга сертификаттар туттарылыннылар. Ону сэргэ  кыайыылаах ааты сүкпүт  хамаанда хас биирдии кыттааччытыгар И.М.Сосин дьиэ кэргэнин аатыттан “Бичик” кинигэ кыһатыттан сертификаттары туттардылар, онтон Мэҥэ Хаҥалас улуустааҕы киин библиотекатын анал бирииһин 1-кы Хомустаах оскуолатын хамаандата тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Күрэҕи «Нам Мыымах сиэннэрэ» («Мичээр» оҕо-үҥкүү народнай образцовай ансаамбыла, сал.Филиппова Т.Ф., хореограф Сергеева Э.И.), «Дьэдьэнниттэр» (оҕо искусствотын оскуолата, дир. Бережнева Т.Е., хореограф Мохова Т.С.) үҥкүүлэринэн тупсаран, ситэрэн биэрдилэр.

И.М.Сосин бары айымньыларын сүрүн соругунан буолар айылҕаны харыстааһын, оҕо аймаҕы айылҕа кэрэтигэр умсугутуу, кини ис кистэлэҥин үөрэтии.  Онон “саха Бианкита” ааты ылбыт эколог суруйааччыбыт  айымньыларын сиһилии билсэн, үөрэтэн,  хамаанда састаабыгар талыллан,  күрэххэ кыттыыны ыла кэлбит оҕолорбут үгүһү биллэхтэрэ, олохторугар туһаныахтара турдаҕа. Бары кыттааччыларга, салайааччыларга, ыҥырыылаах ыалдьыттарбытыгар истиҥ махтал тылларын тиэрдэн туран үөрэххитигэр, үлэҕитигэр,  олоххутугар үгүс элбэх үөрүүнү, ситиһиилэри баҕарабыт! Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта Сосин И.М. айымньыларын кэрэхсээҥ, олоххутугар туһаныҥ, үтүө сүбэһит оҥостуҥ!

Нам улууһа, 1 Хомустаах модельнай библиотекатын сэб. Жиркова Н.Д.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять