21.11.2024

«Ахтан -санаан ааһыаҕын»

Бу дьыл атырдьах ыйын 29 күнүгэр киэн туттар биир дойдулаахпыт Россия, Саха сирин народнай артыыһа,көмүс куоластаах тенор Семен Петрович Оконешников төрөөбүтэ 80 сылын туолла. Семен Петрович Эҥсиэли хочотун кэрэ сиригэр Бөтүҥ нэһилиэгэр удьуор үлэһит Оконешниковтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн ыллыыр талаана таайан Ураллааҕы Государственнай консерваторияны 1975 сыллаахха бүтэрэн Дьокуускайдааҕы государственнай театр солиһа буолар. Онтон ыла олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри Семен Петрович көмүс тенор куолаһынан аата ахсаана биллибэт опералар сүрүн партияларын толорон саха норуотун билиниитин, тапталын ылбыта.
Үтүө мааны киһибит сырдык олоҕун кэриэстээн төрөөбүт нэһилиэгэр атырдьах ыйын 29 күнүгэр «Ахтан -санаан ааһыаҕын» диэн олус истиҥ ахтыы тэрээһинэ буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: СР культуратын министрин солбуйааччы Силина Марина Владимировна,»Нам улууһа»МТ баһылыгын солбуйааччы Дьяконов Юрий Вячеславович, Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Маркова Галина Прокопьевна, Семен Петрович бииргэ төрөөбүт балта, Саха республикатын культуратын туйгуна Оконешникова Матрена Петровна, Бөтүҥ нэһилиэгин уонна Нам оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Емельянов Валериан Георгиевич, СР народнай артыыһа Емельянов Александр Георгиевич, Нам түмсүү салайааччыта Местников Гаврил Гаврильевич уо.д.а.
Тэрээһин Семен Петрович Оконешников аатынан «Айылгы»культура киинигэр Семен Петрович бюһугар сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна.


Ол кэннэ нэһилиэкпит киэн куон сырдык балаҕаныгар бу тэрээһини аал уоту аһатан, алгыс сиэрин -туомун толорон арыйда нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа Ньукулай Суздалов.
Бу бэлиэ күнүнэн Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Галина Маркова, Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов,Саха республикатын культуратын министрин солбуйааччы Марина Силина мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр. Ол кэннэ Семен Петрович оҕо, оскуола, эдэр эрдэтээҕи кэмнэрин, театрга үлэлээбит сылларын туһунан оҕо сааһын доҕотторо, бииргэ үлэлээбит дьонноро, чугас аймахтара истинник ахтан -санаан аастылар. Семен Оконешников киһи быһыытынан сэмэйин, элэккэйин, хатыламмат талаанын, кини холобур буолар олоҕор сүгүрүйэллэрин астына кэпсээтилэр.

Тэрээһиҥҥэ мустубут бар дьоннорун сүргэлэрин көтөхтүлэр бэйэлэрин ылбаҕай ырыаларынан Саха республикатын народнай артыыһа Александр Емельянов, Саха республикатын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Павлов, СР үтүөлээх артыыһа
Марина Силина уонна Амма улууһуттан сылдьар Семен Петрович сиэн бырааттара Василий, Михаил Неустроевтар .
Чахчы да хатыламмат куоластаах ырыаһыт Семен Оконешников чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта, кини аата бар дьонугар үйэ саас тухары умнуллуо суоҕа. Үтүө аатын үйэтитиигэ үгүс хабааннаах үлэ ыытылла туруо диэн эрэнэбит!

Валентина Колесова, Бөтүҥ библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять