21.12.2024

Бастакы Хомустаахха — «Аа5ар туьулгэ»

Бастакы Хомустаахха — «Аа5ар туьулгэ»! 

        Бу дьыл муус устар 16 кунугэр, сайа5ас сандал кун Д.Ф.Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто уерэхтээьин оскуолатыгар, алын суьуех кылаастар икки ардыларыгар, улуустаа5ы бастакы «Аа5ар туьулгэ»  литературнай курэх буолан ааста. Бу курэ5и 1 Хомустаах орто оскуолатын алын суьуех кылаастар учууталларын методическай холбоьуктара уонна нэьилиэк модельнай библиотеката тэрийэн ыыттылар. Курэх сыалынан оскуола о5олоругар убулуейдээх суруйааччылар олохторун уонна кинилэр айар улэлэрин билиьиннэрии, айымньыларын уерэтии,  уус-уран айымньыга кэрэхсэбили уескэтии,  айар-суруйар дьо5урдарын сайыннарыы буолар. Быйылгы курэх саха народнай суруйааччыта, уус-уран тыл улуу маастара Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа тереебутэ 110 сылыгар ананна. Бу аан бастаан ыытыллыбыт хамаанданан курэххэ Уедэйтэн «Кустук» (сал. Яковлева А.И.), Хамагатта орто оскуолатыттан «До5оттор» (сал. Амбросьева Е.Д.), Хатын-Арыыттан «Сааскы кэм» (сал. Алексеева А.А.), Искраттан «Кыымнар» (Иванова А.В.), Нам №1 оскуолатыттан «Чуораанчык» (сал. Слепцова Е.А.) уонна «Бэлэм буол» (сал.Бережнева В.Е.) Нам оскуола-саадыттан «Долохуна» (сал.Христофорова М.П.), 1 Хомустаахтан «Саьар5а» уонна «Россия» хамаандалар куен керустулэр. Курэх уопсайа 3 туьумэ5инэн ыытылынна.

     Бастакы туьумэххэ — «То5ус тегул то5о?» 3 чаастан турар викторинаны 1 Хомустаах оскуолатын алын суьуех кылаастарын учууталларын методхолбоьугун салайааччыта Кривошапкина Ж.А. ыытта. Манна улахан эрийсиилээх курэх кэнниттэн  Хатын Арыы оскуолатын «Сааскы кэм» хамаандата 1 миэстэни, 2 миэстэни Нам №1 оскуолатын «Бэлэм буол», 3 миэстэни Искра «Кыымнар» хамаандалара ыллылар.

     Иккис туьумэххэ 5 сорудахтан турар «Тиин мэйии» ей курэ5ин модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Жиркова Н.Д. тэрийэн ыытта. Бу ейу сайыннарар, толкуйдатар курэххэ 1 миэстэ5э  «Сааскы кэм», 2 миэстэ5э — «Россия», 3 миэстэ5э — «Чуораанчык» хамаандалара та5ыстылар.

     Уьус «Амма Аччыгыйын аа5ан баран…» туьумэ5и 1 Хомустаах алын суьуех оскуолатын  1 «а»  кылаас учуутала Николаева В.П. ыытта Бу уус-уран айар улэ курэ5эр о5олор  анал теманан «Онус тегул то5ону?» айдылар. Бу курэххэ о5олор кэпсээн истиилин тутуьан, меку быьыыны ойуулаан, бэйэ санаатын хомо5ой тылынан хоьуйан тириэрдиилэрэ ордук сыаналанна. Бу туьумэх улэлэрин тумугун 1 Хомустаах оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Томская А.А., педагог-психолога Жиркова Е.Н. уонна модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Жиркова Н.Д. таьаардылар. Манна эмиэ «Сааскы кэм» хамаандата эрэллээхтик бастаата, 2 миэстэ5э — «Россия», 3 миэстэ5э — «Чуораанчык» хамаандалара тагыстылар. Курэх тумугунэн талыллыбыт бастын ейтен  суруйуулар «Кэскил» хаьыакка бэчээккэ ыытарга мэктиэлэннилэр.

      Онтон сурун дьууллуур хамыыьыйа састаабыгар оскуола иитэр улэ5э директоры солбуйааччыта Федорова А.К., модельнай библиотека суруннуур библиотекара Сивцева Л.П. уонна оскуола педагог-библиотекара Павлова Д.А  улэлээтилэр. Уопсай курэх тумугунэн  бары туьумэххэ Хатын Арыы оскуолатын «Сааскы кэм» хамаандата учугэй бэлэмнээ5ин кердерен 1 миэстэни ылыан ылла. 2 миэстэни  Нам №1 оскуолатыттан «Чуораанчык», 3 миэстэни 1 Хомустаахтан «Саьар5а» хамаандалар ылан уердулэр-кеттулэр. Курэх тумугунэн кыайыылаахтарга кубок уонна диплом туттарылынна, бары кыттааччылар сертификатынан бэлиэтэннилэр.

       Курэхпит сурун сыалын ситтэ. Ол курдук улуус оскуолаларын кыра кылааьын уерэнээччилэрэ угустэрэ бу кэпсээннэри аахтылар, олортон бастынтан бастыннара талыллан бу тэрээьиннэ кытта кэллэхтэрэ! Бастаабыт «Сааскы кэм» хамаанда капитана 3 «а» кылаас бастын уерэнээччитэ Михайлова Карина. Ону таьынан хамаанда састаабыгар бааллар — Прокопьева Эльза, Эверстова Кубэйэ (2«а»), Охлопкова Алина (3«б»), Алексеева Арина (4«а»), Попова Айсена (4«б») кылаас о5олоро. Кинилэр Амма Аччыгыйын оло5ун, айар улэтин, «То5ус тегул того?» кэпсээннэрин олус учугэйдик аа5ан, сиьилии ырытан кэлбиттэр уонна белегунэн биир киьи курдук улэлииллэрин кердерен атын хамаандаларга холобур буоллулар. Курэххэ кыттыыны ылбыт о5олорго, салайааччыларга барыгытыгар махталбытын биллэрэбит уонна инникитин да угус айымньылары аа5ан, сана билиилэри арыйан  уерэххитигэр-улэ5итигэр утуе ситиьиилэри ба5арабыт!

    Бу курдук кыра кылаас о5олорун аа5ыыга сыьыарар уонна аа5ыы култууратын урдэтэр сыалтан хас сыл ахсын араас темалаах тэрээьиннэри ыытар былааннаахпыт. Онон о5олоор, кинигэни аа5ын, сэргээн, догор оностон алтыьын, билиигитин кэнэтин! Эьиилги курэххэ  керсуеххэ диэри!

Жиркова Н.Д.

 1Хомустаах модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять