22.11.2024

Библиотекаҕа – “Сибэкки сипсиэрэ”

       

        Самаан сайын салаллан кэллэ . Сир дойду ача күөҕүнэн сууланна…Сир симэҕин –сибэккини таптааччыларга, ууннэрээччилэргэ дьоро күн тосхойдо. Библиотека иһинэн үлэлиир “Тиэргэн” кулууп иһинэн, Сибэкки Аанньала – Гаврильева Евдокия Степановна саҥа тахсыбыт “Сибэкки сипсиэрэ” кинигэтин сүрэхтэниитэ Нам улуустааҕы библиотекатыгар буолан ааста. Өр сыл улэлээн, билбит-көрбүт опытын мунньан сибэкки үүннэрэччилэргэ дьоһун бэлэх оҥордо. Кинигэ тахсарыгар төһүү күүс буолбут, кинигэ редактора Р.С.Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат журналиһа, К.И. Еремеев – “Тилин”, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруйааччы, Нам улууһун, Ленскэй нэһилиэк общественноһа, түөлбэлэрэ, Ньурба улууһуттан “Ньурбакаан”, “ Хоьоон кута” түмсүүлэр, оҕолоро, дьуэгэлэрэ, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, аймахтара, бииргэ үлэлээбит коллегалара, үөрэппит оҕолоро үэрэн-көтөн эҕэрдэлээтилэр, инникитин даҕаны айымньылаах үлэни баҕардылар. Тэрээһини “Эҥсиэли хотуттара” вокальнай ансаамбыл (сал. И.И.Неустроева.) музыкальнай эҕэрдэтин тиэрдэн, киэргэттэ. Сурэхтэниини иилээн-саҕалаан ыытта библиотека улэһитэ К.К. Попова.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять