🚩🚩🚩Убаастабыллаах Нам улууһун олохтоохторо! Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Нам улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин көҕүлээһининэн *«Биир ыалтан Аҕа дойду сэриитигэр* » диэн кинигэ бэчээккэ бэлэмнэнэ сылдьар. Ленскэй нэһилиэктэн биир дьиэ кэргэнтэн сэриигэ барбыт дьон ааттара чуолкайданан бу кинигэҕэ киириэхтээхтэр, ол эрэн үгүс киһи туһунан матырыйаал ситэ хомулла илик. Бу суолталаах кинигэҕэ биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттара үйэтитиллэн киирэллэрин туһугар аймахтаргыт, билэр дьоҥҥут туһунан матырыйааллары, ахтыылары Ленскэй нэһилиэк администрациятыгар суһаллык тиксэрэргитигэр көрдөһөбүт.
1.Пинигиннэр: Пинигин Артур Михайлович (төрөөбүт сыла биллибэт), Пинигин Виктор Михайлович (1923)
2. Мясниковтар: Мясников Александр Степанович (1898), Мясников Иван Александрович (1922);
3. Скрябиннар: Скрябин Ион Тимофеевич (1904),Скрябин Тимофей Тимофеевич (1915), Скрябин Ион Тимофеевич (1924);
4. Жирковтар: Жирков Георгий Афанасьевич (1920), Жирков Герасим Афанасьевич (1920):
5. Игнатьевтар: Игнатьев Григорий Прокопьевич (1916), Игнатьев Даниил Прокопьевич (1926);
6.Каниннар: Канин Борис Федорович (1924), Канин Дмитрий Федорович (төрөөбүт сыла биллибэт);
7. Петровскайдар: Петровский Илья Францевич (1904-1978),Петровский Алексей Францевич (1906);
8. Четвертаковтар: Четвертаков Александр Михайлович (1923), Четвертаков Алексей Михайлович (1926).
Билсэр номердар: Ленскэй нэһилиэк администрацията- 89148245086, Нам библиотеката-89841198364.