Новости Билсиҥ, саҥа кинигэ! Ыам ыйын 20 күнэ –Ырыа күнэ Автор: Админ15.05.202315.05.2023 СӨ култууратын туйгуна, РФ журналистарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Нам улууһа, Ленскэй уонна Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, айар куттаах ырыаһыт, ырыа айааччы, «Туллук хаара» Нам улууһун мелодистарын түмсүүтүн салайааччыта, бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах, булчут, уус, худуоһунньук, киинэ устааччы, фотограф, улахан дьиэ тапталлаах аҕата, эһэтэ — Андрей Терентьевич Замятин “Кыыс кэрэ-Нам сирэ” хомуурунньук кинигэ хомуйан таһаарда. Андрей Замятины улууска билбэт киһи суоҕа буолуо. Кини ырыалара Эҥсиэли хочотун кэрэ айылҕатын, үтүө үлэһит дьонун, олоххо тапталы туойаннар Республикабыт киэҥ далааһыннаах сценаларыгар, түөлбэлэригэр күн бүгүҥҥүгэ диэри Нам улууһун аатырда, сураҕырда тураллар. Талааннаах поэтпыт, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Юрий Потапов Саргын хоһоонугар «Кыыс кэрэ – Нам сирэ» хоһоонугар, дьон – сэргэ сөбүлээн истэр, биһириир, ыллыыр, мелодия айан таһааран уостан түспэт ырыаҕа кубулутта. Бу кинигэҕэ норуот сөбүлээн ыллыыр ырыалара, биэс түһүмэххэ араарыллан, түмүллэн киирдилэр. Хас биирдии түһүмэҕи автор бэйэтин ойуулуур-дьүһүннүүр көрүлээх хараҕынан хаартыскаҕа түһэриилэрэ киирэннэр, кинигэни киэргэтэн, ситимнээн биэрдилэр. Ол курдук, кини айар үлэтигэр куруутун бииргэ алтыһар доҕоро, мелодист, култуура ветераана Елена Кутукова Андрей Замятин олоҕун, айар үлэтин толору сырдатан киирии тылын суруйбут. Ырыанньыкка: “Чэчирии чэлгийэр Нам сирэ!” (Лиэнискэй нэһилиэк өрөгөй ырыата), “Таптыаҕыҥ бу кэрэ дойдуну” (Хатын-Арыы нэһилиэгин өрөгөйө), “Арбын нэһилиэгин өрөгөй ырыата”, “Фрунзе нэһилиэгин гимнэ” өрөгөй ырыалара, “Төлөннөөх Максиммыт”, “Төрөөбүтэ Ылдьаа уол”, “Нам вальса” уонна биллэн турар “Кыыс кэрэ –Нам сирэ” биллэр ырыалар ноталанан киирдилэр. Кэрэхсибиллээҕэ диэн, хас биирдии ырыа аныгылыы “куйаар” ситимигэр таһаарар кодтаах, ону төлөпүөнүҥ нөҥүө таҕайдаххына ол ырыа холбонон, ылланан барара сонун буолар. Андрей Терентьевич үгүс тэрээһиннэргэ, малааһыҥҥа буоллун, урууга, уус-уран концертарга, кыаҕын тиийэринэн кыттыһан, улуус таһымнаах фестивальнай көрүүлэргэ, ыһыахтарга о.д.а. барытыгар кыттан, уопсай дьыаланы өрө тардыһан, үчүгэйи эрэ көҕүлүттэн өрө тутар- үтүө киһи айар үлэтин үрдүктүк сыаналаан, бу хомуурунньук Нам улууһун кинигэ таһаарыытыгар анал сүбэ үбүлээһининэн таҕыста. Куруутун биһигини өйүүр-өйдүүр аҕа доҕорбут, киэн туттар киһибит айар үлэн тосхоло- айар кэнсиэрин өрө көтөҕүллүлээхтик, үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан уонна баҕа санаан мунньуллубут кинигэн тахсыытынан улуустааҕы Киин библиотека кэллэктиибин аатыттан истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! ©️Эҕэрдэни кытары, Нам улууһун Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотека аатыттан, салайааччы Майя Софронова