Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан «Чолбон» сурунаал өрөспүүбүлүкэ 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хабан, «Чолбон өй күрэһэ» өркөн өй оонньуутун ыытар. Бүгүн Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотекаҕа улуустааҕы түһүмэх буола турар.
Күрэх сыала-соруга дьиэ кэргэн болҕомтотун саха уус-уран литературатыгар түмэн, сахалыы литератураны ааҕыыны көҕүлээһин буолар. Өй оонньуутугар Нам улууһун нэһилиэктэриттэн дьиэ кэргэн хамаандалара кытталлар. Хас биирдии хамаанда үс киһилээх: 5-с кылаастан үөһээ оскуола үөрэнээччитэ, төрөппүт, эһэ эбэтэр эбэ. Күрэс биэс түһүмэхтэн турар:
-суругунан литератураны төрүттээччилэр,
-бастакы норуот суруйааччылара,
-Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи литература,
-60-90-с сыллардааҕы литература,
-билиҥҥи кэм литературата.
Дьиэ кэргэни сомоҕолуур, сахалыы ааҕыыны сөбүлүүр дьиэ кэргэттэри кытта билсиҥ:
1. I Хомустаах нэһилиэгэ – Николаевтар дьиэ кэргэн:
Эбэ — Николаева С. И.
Ийэ — Николаева Н. А.
Николаев Арылхан, 8 кыл.
2. Бөтүҥ нэһилиэгэ – Сивцевтэр дьиэ кэргэн:
Эһэ бииргэ төрөөбүт балта — Дьяконова П. П.
Ийэ — Сивцева М. В.
Сивцева Вика, 8 кыл.
3. Ленскэй нэһилиэк – Аммосовтар дьиэ кэргэн:
Эһэ бииргэ төрөөбүт эдьиийэ — Корякина Я. Е.
Ийэ — Аммосова К. К.
Лебедева Сайаана, 5 кыл.
4. Түбэ нэһилиэгэ – Чепаловтар дьиэ кэргэн:
Эбэ -Дьяконова Е. А.
Ийэ -Чепалова М. Н.
Чепалов Милан, 11 кыл.
5. Ленскэй нэһилиэк — Замятиннар:
Эһэ — Замятин Н. И.
Ийэ — Иванова А. И.
Иванова Каролина, 5 “б” кыл.
6. Модут нэһилиэгэ — Петровтар:
Эбэ — Петрова А.Г.
Ийэ — Колесова О. Г.
Колесов Ярик, 7″а» кыл.
7. Хамаҕатта нэһилиэгэ – Новгородовтар дьиэ кэргэн:
Эбэ — Алексеева Н. С.
Ийэ — Новгородова Р. С.
Олесов П. М., 6 кыл.
8. Ленскэй нэһилиэк – Эверстовтар дьиэ кэргэн:
Эбэ -Сыроватская А. В.
Ийэ – Федорова Т. Р.
Эверстова Анджелина, 5 кыл.
Чолбон өй күрэһин кыайыылаахтара:
1 м. — Замятиннар, Нам сэл.
2 м. — Чепаловтар, Түбэ
3 м. — Эверстовтар, Нам сэл.
Түһүмэхтэр тэтимнээхтик уонна чаҕылхайдык аастылар. Биир түһүмэххэ 15 сөкүүндэ бэриллэр, итиэннэ эппиэт тута биллэр