24.12.2024

«Доҕотторуом, олортуоҕуҥ, поэзия чэчирин тула…»

Доҕотторуом, олортуоҕуҥ,

тоҥолохпутун кумуна,

поэзия чэчирин тула;

күлүмнэтэ толортуоҕуҥ

хоһоон оһуор чорооннорун

уоттаах  хатан кымыһынан-

удьуор сахабыт тылынан!

Кулун тутар 19 күнүгэр ааҕар саалабытыгар Аан дойдутааҕы Поэзия күнүн чэрчитинэн Нам үлэһит дьонун хоһоонугар хоһуйбут, Энсиэли хочотун бурдуктаах буолактарын, нэлэмэн хочолорун, ача силик айылҕатын хомоҕойдук хоһуйбут биллиилээх поэт, суруналыыс ССРС суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ Николай Михайлович Рыкунов төрөөбүтэ 85 сылын көрсө «Доҕотторуом, олортуоҕуҥ, поэзия чэчирин тула…» диэн ахтыы күнэ олус истиҥник-иһирэхтик буолан ааста.

Долгутуулаах хас эмэ ый хааттаран олорбут хамсык ыарыы кэнниттэн бастакы тэрээһиммитигэр кыттыыны ыллылар:

«Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыгын экономикаҕа уонна үпкэ  солбуйааччыта А.И.Егорова,  «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын кылаабынай режиссера Иван Степанович Новиков, СӨ культуратын туйгуна, Николай Михайлович Рыкунов  кыыһа СӨ үөрэҕириитин туйгуна Мая Николаевна Рыкунова, Россия суруналыыстарын, суруйааччыларын Сойуустарын чилиэнэ, поэт, литературнай кириитик, тылбаасчыт, редактор, хомуйан оҥорооччу, кыраайы үөрэтээччи, прозаик, Николай Рыкунов аатынан бириэмийэ лауреата Николай Егорович Винокуров-Урсун, «Эҥсиэли» хаһыат кылаабынай  редактора, СӨ бэчээтин туйгуна, Владислав Гаврильевич Касьянов, Хаҥалас улууһуттан “Үнүгэс” литературнай түмсүү,  салайааччы Николай Степанович Егоров-Түөлбээкэп, Уус-Алдан улууһуттан «Уһуктуу» литературнай түмсүү, салайааччы Галина Владимировна Аммосова,  Дьокуускай куораттан СӨ  суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Офсет» кинигэ кыһатыттан эппиэттээх үлэһитэ, Галина Григорьевна Басылайканова-Кэнтик Кыыһа,  «Отуу уота» литературнай түмсүү, салайааччы  солбуйааччыта  Прасковья Дмитриевнв Байанаева.

         Ыраахтан-чугастан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт бэйиэт Николай Михайлович туһунан сүрдээх үчүгэйдик ахтыы оҥорон, хоһоонноруттан хото ааҕан тэрээһиммит олус сэргэхтик ааста. Ол курдук, чугас доҕоро Николай Егорович-Урсун суруйааччы олоҕун,  кинигэлэрин кэлбит ыалдьыттарга билиһиннэрдэ уонна биобиблиографическай ыйынньык тахсара буоллар диэн бэйэтин этиитин тиэртэ.  Кыыһа Майя Николаевна аҕатын туһунан олус долгутуулаахтык кэпсээн дьон сэҥээриитин тарта. «Эҥсиэли» хаһыат редактора Владислав Гаврильевич Касьянов суруйааччы «Ленин суола», «Эҥсиэли» хаһыакка былаас уларыйыытын ыарахан кэмнэригэр кылаабынай  редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин сырдатта.  Ыаллыы сытар улуустартан айар куттаах  ыалдьыттарбыт суруйааччы туһунан олус интириэһинэй иһитиннэриилэри оҥордулар. Ол курдук, Хаҥаластан  “Үнүгэс” литературнай түмсүү салайааччыта Николай  Егоров-Түөлбээкэп Николай Михайловиһы кытта алтыһан ааспытын, суруйууларын көрдөрөн сүбэ-ама ылбытын  кэпсээтэ. Уус Алдан улууһун “Уһуктуу” литературнай түмсүү салайааччыта  Галина  Аммосова түмсүүтүн туһунан билиһиннэрэн туран “Санаа сырдык иэйиилэрэ” диэн саҥа таһаартарбыт кинигэлэрин библиотекаҕа, кэлбит түмсүүлэргэ үөрүүлээх быһыыга туттартаата, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Ульяна  Бурнашева суруйааччы хоһоонноругар сүрдээх үчүгэй  ырытыыны оҥордо. Бэйиэт тэрийбит “Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэннэрэ кэлбит ыалдьыттарга махтанан туран, маннык көрсүһүүлэр буола туралларыгар баҕа санааларын эттилэр уонна Иван Бубякин-Чөҥөчөх кэлбит ыалдьыттарга оҕолорго аналлаах саҥа таһаартарбыт буруолуу сылдьар кинигэлэрин бэлэх уунна.  Дьокуускай куораттан «Офсет» кинигэ кыһатыттан эппиэттээх үлэһитэ Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа поэзия күнүнэн эҕэрдэтин тиэрдэн туран,  бэйиэт кыыһыгар Мая Николаевнаҕа кинигэ таһаарарга 10.000 суммалаах, кэлбит айар куттаах түмсүүлэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга сертификаттары, хас биирдии ыалдьыкка өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата.

     Улуус нэһилиэктэрин баһылыктара бэйиэт “Ийэ кытылбар” хоһоонун аахпыт видеосюжеттарын уонна библиотека үлэһиттэрэ “Сайын” диэн хоһооннортон  композицияны толорбуттарын сөҕө-махтайа иһиттилэр.

Николай Михайлович  дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит хас да ырыалардаах, биллиилээх ырыа айааччы, саха народнай артыыһа  Алексей Егоров  “Эн эрэ…” диэн ырыаны хайдах айбытын кэпсээн ыыппыт  видеосюжетын астына көрдүбүт. СӨ культуратын туйгуна, Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин “Чороон” Сынньалаҥ киинин дириэктэрэ, «Дуорай» эр дьон вокальнай ансамбылларын салайааччыта, Саргылана Пономарева “Эн эрэ…” ырыаны ыллаан ыалдьыттар биһирэбиллэрин ылыан ылла.

Ити курдук кэлбит ыалдьыттарбыт бары санааларын хото этэн, хоһооннорун ааҕан, таһаартарбыт кинигэлэрин бэлэхтэһэн, суруйааччыга анаммыт кинигэ быыстапкатыгар хаартыскаҕа  түһэн, толору астаах сандалы тула олорон итии үүттээх чэй иһэн астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять